Таатталар биир дойдулаахтарын көрсө ыраах айаҥҥа туруннулар
Бу күннэргэ Уссурийскай – Сергеевка – Хабаровскай – Биробиджан – Владивосток туһаайыынан быстах байыаннай хомуурга сылдьар биир дойдулаахтарын көрсө Таатта улууһун бэрэстэбиитэллэрэ ыраах айаҥҥа туруннулар.
Бу суолталаах айан туһунан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Гаврил Вырдылин маннык кэпсиир:
— Биһиги улуус баһылыга Михаил Соров сорудаҕынан Тааттабыт уолаттарыгар анал пуондаҕа киирбит көмө харчынан гуманитарнай көмөнү илдьэ баран эрэбит. Ол курдук, улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ ичигэс таҥастары, тепловизордары, коллиматордары, бинокллары, наколенниктары, төлөпүөннэри, тактическай бэрчээккилэри, гаас билиитэлэри, тиэрмэстэри, аһы-үөлү уо.д.а. ыксаллаах быһыыга-майгыга туттуллар маллары ылбыттара. Октябрьскай нэһилиэгин баһылыга Андрей Семенов, суоппар Егор Попов буолан баран эрэбит. Уолаттар чугас дьонноруттан баһыылкалары, улуус нэһилиэнньэтиттэн хомуллубут араас туттар маллары массыынаҕа толору тиэнэн иһэбит. Улуустааҕы өйөбүл ыстаабын үлэһиттэрэ баар маллары куораттарынан наардаан, алгыс тылын этэн атаарбыттара.
Ити курдук, Таатта улууһун бэрэстэбиитэллэрэ биир дойдулаахтарыгар өйөбүл буолан, төрөөбүт дойдуларыттан уолаттарыгар сылаас-истиҥ илдьиттээх тиийэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: