«Тааттаттан Анастасия Морхоева» кинигэ биһирэмэ буолла
Ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар, Үрдүк Айыылар анаан алгыс түһэрбит, улуу дьону түөлбэлээн үөскэппит, айар тыл алгыстаах, айар талаан төрүүр, ытык сир – Таатта. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр суруналыыс, араадьыйа суруналыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо Анастасия Александровна Морхоева туһунан бары өр кэтэспит кинигэбит бэчээттэнэн, биһигини барыбытын истиҥ-иһирэх кэпсэтиигэ түмтэ.
Биһирэм Анна Новгородова толоруутугар “Олоҥхо дойдута — мин Тааттам” ырыанан саҕаланна. Кырдьык даҕаны, Анастасия Морхоева төрөөбүт дойдутун, ийэтин-аҕатын тэҥэ таптаабыт, киниэхэ сүгүрүйэн сүҥкэн үлэни ыыппыт Таатта дьиҥнээх дойдунаата этэ.
“Тааттаттан Анастасия Морхоева” кинигэ биһирэмэ кини киинэ түспүт сиригэр, бурҕаҥнас буруонан, аам-даам тымныынан биллэр күн сирин көрбүт ахсынньы ыйыгар ыытылынна. Бу иннинэ сэтинньигэ Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи пресс-кииҥҥэ Саха сирин суруналыыстара кыттыылаах буолбута. Кинигэ биһирэмин сүрүн сыала-соруга кинигэ сүрүн ис хоһоонун билиһиннэриигэ уонна тутаах дьоруой туһунан ахтан-санаан ааһыыга сытар.
Ол курдук, кинигэбит ааҕааччы киэн араҥатыгар ананан тахсыбыт, Анастасия Александровна сырдык аатын, кини сирдээҕи олоҕун, айымньылаах үлэтин, бар дьоҥҥо сыһыанын толору арыйар ис хоһоонноох. Кинигэни бииргэ төрөөбүт балыстара, сурдьа бары тэҥҥэ тутан оҥордулар. Кинигэ кытаанах хахтаах, 376 сирэйдээх, 300 ахсаанынан Екатеринбург куоракка бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ Анастасия Александровнаны тапталлаах оҕо, эдьиий, ийэ, чугас дьүөгэ, эрэллээх табаарыс, сытыы бөрүөлээх улахан суруналыыс. муударай салайааччы быһыытынан кэпсиир.
Ааҕааччыга анаан аан тылы Лариса Александровна суруйуутунан кинигэбит бастакы сирэйэ арыллар. Кинигэ уон бастан, икки сүүсчэкэ ахтыыттан, “Сэргээн аах” диэн “Таатта” хаһыакка олохтообут рубрикатын дьоруойдарын туһунан суруйан хаалларбыт сырдатыыларыттан, хаартыскалартан, сыһыарыылартан, анабыл хоһооннортон турар.
Биһирэми үс сүһүөҕүнэн наардаан, балта, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, түмэл үлэһитэ Вера Александровна Канаева иилээн-саҕалаан ыытта. Бастакы түһүмэх Морхоевтар дьиэ кэргэн туһунан — Анастасия Александровна ийэлээх-аҕатын, иитиллибит эйгэтин тула кэпсэтиинэн саҕаланна.
Иккис түһүмэх “Өрөспүүбүлүкэ биллэр суруналыыһа, радиосуруналыыһа, сатабыллаах салайааччы” диэн хайысханан барда. Бу түһүмэххэ кэпсэтиини олоҕун төрөөбүт Тааттатын хаһыатыгар анаабыт биллэр суруналыыс, 25 сыл бииргэ үлэлээбит биир идэлээҕэ, истиҥ доҕоро Нил Самуилович Иовлев саҕалаата. Кини Анастасия Александровнаны «Хаһыатыгар олус бэриниилээх этэ, эрэдээксийэҕэ сарсыарда эрдэттэн кэлэн үлэлээччи кини, киэһэ хойут ааны сабан тахсааччы кини этэ» диэн саҕалаата. Суруйар тиэмэтэ киэҥинэн-дириҥинэн, сөптөөх кэмигэр тоҕоостооҕунан ааҕааччы наар күүтэр суруйуулара буолааччылар, ааҕааччы мунаахсыйар ыйытыытыгар дэбигис эппиэти булар, кырдьыктаах суруйуулар этэ диэн тоһоҕолоон кэпсээтэ. “Сэргээн аах” рубриканы толкуйдаан, Тааттаттан төрүттээх дьон ситиһиилэрин, ураты олохторун сырдатарын дьон кэрэхсээн ааҕара диэн бэлиэтээтэ.
Үһүс түһүмэх эрэллээх доҕор, истиҥ дьүөгэ этэ диэн, киһи быһыытынан сырдатыыга ананна. Анастасия Александровна эрэллээх доҕор, истиҥ дьүөгэ буолар дьолу билэн барбыта. Кини дьиэтигэр мэлдьи хоноһо, ыалдьыт толору буолара. Билсэр, алтыһар киһитэ олус элбэҕэ. Кини дьиэтигэр үрдүк сололоох дьону сэргэ, боростуой үлэһит дьону элбэҕи көрсүөххэ сөбө.
Бу түһүмэхтэринэн сирдэтэн, истиҥ-иһирэх ахтыыны оҥордулар: Варвара Ильинична Будикина, улуустааҕы дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ; Маргарита Арисовна Попова, бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ; Лариса Петровна Слепцова, улуустааҕы архыып сэбиэдиссэйэ;
Августина Кимовна Васильева, оҕо сааһын дьүөгэтэ; Валентина Семеновна Кривошапкина, чугастык алтыспыт ыкса дьүөгэтэ; оскуолаҕа, СГУ-га бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Галина Васильевна Егорова кэргэнинээн Петр Петровичтыын Павловскайтан кэлэн, олус долгутуулаахтык аҕыннылар. Салгыы
Мотрена Семеновна Белолюбская оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ, Михаил, Светлана Архиповтар хомсомуол, ыччат кэминээҕи доҕотторо олус истиҥник ахтан-санаан аастылар.
Салгыы мустубут дьон дэлэй астаах остуол тула олорон, үүттээх сылаас чэйи иһэ-иһэ, Анастасия Александровна туһунан ирэ-хоро кэпсэттилэр, кинигэни хомуйан оҥорбут балтыларыгар барҕа махталларын тириэртилэр.
Биир сонун көстүүнэн бииргэ төрөөбүт кыргыттар хомуйан оҥорбут Таатта олоҕун, дьонун сырдаппыт кинигэлэрин быыстапката буолла. Бу быыстапканы И.Аргунов аатынан бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ тэрийбиттэр. Мантан көстөрүнэн, Анастасиябыт бииргэ төрөөбүт балтылара Лариса, Сардаана, Вера эдьиийдэрин утумнаан, суруйар үлэнэн дьарыктаналлара, Лариса Александровна, Вера Александровна РФ Сурунаалыыстарын сойууһун чилиэнэ буолбуттара, хастыы эмэ кинигэ ааптардара буолаллара үгүһү кэрэһэлиир.
Киһи кэрэмэһэ, талааннаах суруналыыс, Таатта дойдунаата Анастасия Александровна Морхоева туһунан кинигэ бар дьонугар үтүө бэлэх буолан, кини сырдык аатын үйэлэргэ ааттата туруо диэн эрэнэбит!
Валентина КРИВОШАПКИНА, Таатта
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: