Таба бытыгыттан быысапкалаах суумка — быыстапка эспэнээтэ

Таба бытыгыттан быысапкалаах суумка — быыстапка эспэнээтэ

09.03.2024, 20:55
Бөлөххө киир:

СӨ худуоһунньуктарын сойууһун пуондатын дьиэтин «Ситим» АРТ быыстапкалыыр саалатыгар «Уран Айыы алгыһынан» иистэнньэҥнэр быыстапкаларын аһыллыытыгар “Уран иис” иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ уһуйааччылара М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун фольклорга уонна культураҕа кафедратын доцена Светлана Петрованы өйөөн көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Усуйаанаттан төрүттээх Ирина Пахомова бэрт элбэх үлэни аҕалан быыстапкаҕа туруорда.

Куба атаҕыттан тикпит оҥоһугун (кисет) кэнниттэн аны таба бытыгыттан быысабайданан оҥоһуллубут сабынан тигиллибит суумканы, этэрбэс билэтин көрдүбүт.

Дьэ, ити курдук араас түмэллэртэн холобурданан оҥоһуллубут «Уран Айыы алгыһынан» иистэнньэҥнэр үлэлэрин быыстапкатыгар киһи кэрэхсээн көрөрө үгүс.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: