Таба этэ, муксуун, фрукта – барыта баар
Өлөөн алын сүһүөх оскуолатын үөрэнээччилэрин аһылыгынан хааччыйыы үчүгэйдик тэриллэр. Олохтоох бородууксуйанан бэркэ хааччыйаллар. Таба этэ, муксуун өрүү баар. Икки сүүс оҕону минньигэс астаах Мария Андросова, иһит сууйааччы Александра Гуляева хааччыйаллар.
— Төһө да хоту дойдуга олордорбут, оҕолор фруктаны – бананы, дьаабылыканы, апельсины, грушаны куруук сииллэр. Сарсыардааҥҥы аһылыгы уонна күнүскү эбиэти минньигэс гына астыырга кыһанабын. Астара олох үчүгэй диэххэ сөп, — диир асчыт Мария Андросова.
“Х.М.Николаев аатынан Өлөөн орто оскуолатыгар” сыһыары алын сүһүөх кылаастарын саҥа дьиэтин тутуу 2024 с. инвестиционнай бырагыраамаҕа киирэн, саҥа дьиэлэннэхтэринэ, куукуналара, оборудованиелара өссө тупсуо дии саныыбыт. Соторутааҕыта СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотун кэмигэр өрөспүүбүлүкэ тутууга министиэристибэтин департаменын салайааччытын солбуйааччы Валентина Баранова сылдьан, дьиэ уопсай туругун көрдө-иһиттэ, салайааччылары кытта кэпсэттэ. Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Мария Иванова баар кыһалҕаны туруоруста.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: