Таба иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар оҕо сайыҥҥы дьарыгын хааччыйыахтара
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэт иһитиннэрэринэн, кэмитиэт судаарыстыбаннайа суох тэрилтэлэр, биирдиилээн урбаанньыттар, аҕа ууһун общиналара 14-18 саастаах обургу оҕолор таба хаһаайыстыбаларыгар дьарыктаах буолалларын хааччыйалларыгар субсидияны биэриигэ сүүмэрдээһини ыытта.
Ол түмүгэр 22 кыайыылаах быһаарылынна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүттэн 6 553,4 тыһыынча суумалаах субсидия көрүлүннэ.
Ол курдук, обургу оҕолору Алдан оройуонун “Хатыстыр” АУУо (12 обургу оҕо), Кэбээйи улууһун П.А.Кейметинов аатынан “Сэбээн” МТ (10 оҕо), Томпо улууһун “Томпо” СПКФ (10 оҕо) дьарыктаах буолалларын хааччыйыахтара.
Таба иитиитинэн дьарыктанар Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын үгэстэрин, култуурунай нэһилиэстибэлэрин харыстыыр уонна сайыннарар туһугар үлэ бу хайысхата салҕаныаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: