Таба иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар оҕо сайыҥҥы дьарыгын хааччыйыахтара

Share

Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэт иһитиннэрэринэн, кэмитиэт судаарыстыбаннайа суох тэрилтэлэр, биирдиилээн урбаанньыттар, аҕа ууһун общиналара 14-18 саастаах обургу оҕолор таба хаһаайыстыбаларыгар дьарыктаах буолалларын хааччыйалларыгар субсидияны биэриигэ сүүмэрдээһини ыытта.

Ол түмүгэр 22 кыайыылаах быһаарылынна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүттэн 6 553,4 тыһыынча суумалаах субсидия көрүлүннэ.

Ол курдук, обургу оҕолору Алдан оройуонун “Хатыстыр” АУУо (12 обургу оҕо), Кэбээйи улууһун П.А.Кейметинов аатынан “Сэбээн” МТ (10 оҕо), Томпо улууһун  “Томпо” СПКФ (10 оҕо) дьарыктаах буолалларын хааччыйыахтара.

Таба иитиитинэн дьарыктанар Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын үгэстэрин, култуурунай нэһилиэстибэлэрин харыстыыр уонна сайыннарар туһугар үлэ бу хайысхата салҕаныаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago