Таба тайаныы: Хонду үрэҕин кистэлэҥнэрин сэгэттэххэ
Кэнники икки сылга Саха сирин археологтарын болҕомтотун Чурапчы сиригэр-уотугар баар Хонду үрэх тардан эрэр. Былырыын бастакы түһүүгэ плейстоцен кэминээҕи кыыллар итиэннэ биир киһи оҥоһуга көстүбүт эбит буоллаҕына, быйылгы “булт” олох үчүгэй диэххэ сөп.
Булумньулар Арассыыйа таһымыгар интэриэс тарданнар, былырыыҥҥаттан манна РНА СО Новосибирскайдааҕы археология уонна энтография институтун ыстаарсай научнай үлэһитэ, устуоруйа билимин хандьытаата Александр Кандыба үлэлэһэр.
“Бултуйуу”
Үөһээ этиллибитин курдук, былырыын археологическай эрэспиэскэ саҕаланаатын кытта археологтар тута плейстоценовай фаунаҕа, ол эбэтэр бизон, сэлии уҥуохтарыгар кэтиллэ түспүттэр. Онон былыргы дьон олорбут сирдэрэ баара буолуо диэн эбии хаһа сылдьан, биир кытыыта үлтү кырыыламмыт таас сэби булан ылбыттар. Булумньуну Чурапчы түмэлигэр туттарбыттар. Быйылгыттан үлэлэрин күүстээхтик саҕалаабыттар. Бастаан эрэспиэскэлиир хаһыылары – 6 кв.м. иэннээх шурфалары – оҥорон саҕалаабыттар. Хаһыыларга дьиэ онно турбут буолуон сөбүн көрдөрөр тобохтор көстүтэлээн барбыттар. Ол эбэтэр хас биирдии араҥаҕа киһи олоро сылдьыбыт бэлиэлэрин булуталаабыттар. Ирбэт тоҥҥо итиэннэ уулаах сир түгэҕэр түбэһэн, балачча үчүгэйдик хараллыбыттар.
—Быйылгы сырыыбытыгар улахан булумньуланныбыт, – диир Александр Кандыба. – Мөккүөрэ суох киһи оҥорбут үс оҥоһугун буллубут: быһа охсорго туттуллар көнө быһыылаах, үс сиринэн кырыыламмыт мас тоһоҕолору. Төрдүс кырыылара тыытыллыбатах. Ону кытта уот оттуллубут сирин оннун элбэҕи буллубут. Ол аата дьоннор манна быстах кэлэн ааспатахтар, куруук сылдьар сирдэрэ буоларын туоһулуур.
Археологтар булумньуларыгар өссө тааһы үлтү сынньан сэп-сэбиргэл оҥостоллоругар көөрөттөн түһэр кыра таас кыырпахтара (чешуйки) киирсэллэр. Өссө биир булумньунан – нуклеустар буолаллар, ол аата туох эрэ сэби оҥорорго бэлэмнэммит таастар. Бу оҥоһуктары учуонайдар быһа холуйан, неолит кэминэн сыаналыыллар, ол аата 1000 сыл анараа өттүнээҕи кэм.
—Былырыын эрэспиэскэлиир кэммитигэр олус үчүгэйдик кылбаччы аалыллыбыт сэлии ойоҕоһун булан ылбыппыт, киһи илиитэ тиийбитэ көстөр этэ. Радиоуглероднай чинчийиигэ ыыппыппытын 41 тыһ. сыллааҕы уҥуох диэн быһаарбыттара. Билиҥҥитэ палеолит кэминээҕи дьон олорбут сиригэр тиийэ иликпит, сэлии фаунатыгар, ол эбэтэр кыыл уҥуохтара көстөр араҥаларыгар сылдьабыт, ол 20-40 тыһыынча сыллааҕы кэм. Ол эрээри дьон олорбут сирин олох аттыгар сылдьабыт дии саныыбыт, баҕар бу хаһа сылдьар сирбит да буолуон сөп.
Археологическай хаһыылары оҥорон иһиэхтэрин биһиги ирбэт тоҥмут мэһэйдэһэр. Күрдьэҕинэн, хойгуонан тоҥ сири көйө сылдьан, улахан булумньуну таарыйан, алдьатан кэбиһиэхтэрин сөп. Ол иһин ыксаабакка, тоҥ сири ириэрэ-ириэрэ баран иһэллэр. Быйылгы шурфаларын үчүгэйдик сабан, эһиилгигэ диэри ирэн көрсөрүгэр хаалларбыттар.
Радиоуглероднай чинчийиини ханна оҥороллоруй?
Былыргы булумньулары билим билинэрин курдук, хас саастаахтарын чуолкай быһаарар наада. Маннык лаборатория Новосибирскайга Археология уонна энтографиятын институтун иһинэн баар, Кэлэктиибинэн туһанар киин иһинэн үлэлиир.
-Лабаратыарыйаны Екатерина Васильевна Пархомчук баһылаан үлэлэтэр, – диир Александр Викторович. – Новосибирскайга Арассыыйа үрдүнэн соҕотох установка турар, ол көмөтүнэн бэрт кыра да уҥуохтан сааһын чуолкай таһаарыахпытын сөп. Аан дойду билимин учуонайдара бары билинэллэр, кэлэллэр. Дьэ манна таһаарыллыбыт сылы олох дьиҥнээҕинэн ааҕыахха сөп.
Хас эмэ тыһыынчанан сыллар тухары Хонду үрэх сүрүн үөһүн уларыта сылдьыбыт буолан, учуонайдар киһи олорбут сирин таба тайаныыга уустуктары көрсүбүттэр. Былырыыҥҥы эрэспиэскэ түмүгүнэн устуоруйаҕа, хронологияҕа оҥорбут сабаҕалааһыннарын быйыл саҥаттан көрөргө тиийбиттэр. Ол да үрдүнэн, бу сири булан ылбыттара, улахан ситиһии. Үгүстэр манныгы “везение” диэн ааттыыллар гынан баран, син биир “бу манан олорбут буолуохтарын сөп диэн ааҕан-суоттаан таһаарыыттан тахсар” диэн быһаарар учуонай.
Арассыыйаҕа былыргы дьон олорбут сирдэрэ төһө элбэҕий?
-Булуох, көстүөх айылаах сирдэр хайыы-үйэҕэ булуллубуттара, — диир Александр Викторович. — Онон бу Хондуга көстүбүт булумньулар улахан суолталаахтар. Саха сиригэр былыргы дьон олорбут сирэ оннук элбэх буолбатах, онон өссө биир сир археологияҕа көстөн эрэригэр эрэнэбит. Дьон төһө кэмтэн Саха сиригэр олохсуйбуттарын билэргэ өссө биир арыйыынан буолуо.
Былыргы дьон олорбут сирдэринэн
Билим чинчийиитинэн Саха сиригэр былыргы дьон олорбут сирдэрэ аҕыйаҕа суох. Дьүктээй хаспаҕын олохтоохторо — үөһээ палеолит кэмин дьонноро. Дьааҥытааҕы “стоянкаҕа” 30 тыһ. сыллааҕыта олорбут киһи көстүбүтэ. Дириҥ Үрэх дьонун саастарын кэлиҥҥи чинчийиилэр 300 тыһ. сылынан быстылар. Бастаан мөлүйүөнүнэн саастаахтар диэн этэ, ол эрээри 300 тыһ. сыл да киһи мыыммат күнэ-дьыла. Чурапчыга хас да сыллааҕыта түүлээх носорогу булан тураллар, ол гынан баран салгыы археологическай үлэ барбатах, эдэр чинчийээччилэри кэтэһэр. Оттон бу Хондуга Чурапчы улууһун дьаһалтата иккис сылын күүскэ көмөлөһөрүн иһин учуонайдар махтаналлар.
—Маннык былыргы дьон олорбут сирин булуу, хас да билим тэрилтэлэрин бииргэ түмэр, – диэн салгыы кэпсиир Александр Кандыба. – Бу Хондуга СӨ наукаларын Академията, биһиги институппут, Москватааҕы палеонтологическай институт исписэлиистэрэ үлэлии сылдьабыт. Салгыы өссө араас эйгэттэн кыттыһан иһиэхтэрэ. Бу сири чинчийиини өссө кэҥэтэн, олохтоох устудьуоннары, үлэһиттэри тардан, билим каадырдарын үүннэрэн иһэр сорук турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: