Табаар туһаныллар болдьоҕо
90‑с сылларга биир кэмҥэ ас маҕаһыыннарыгар атыыланар табаар олоччу бүтэн хаалбыт кэмэ үөскүү сылдьыбыта. Биир сайын, ыраах оттуу бараары сылдьан, өр хараллар ыһык ас хомуна сылдьан ити кыһалҕаттан атахтаппыппыт. Сельпо маҕаһыыныгар өр сыллар тухары атыыга барбакка быыллыйа турбут кэнсиэрбэлэри атын отчуттары кытта өрүсүһэ-өрүсүһэ ылбыппытт. Ити курдук “Минтай бланшированный” диэн өссө сэбиэскэй кэмҥэ оҥоһуллубут кэнсиэрбэни дьааһыгынан ылбыппытын өйдүүбүн.
Билигин ол кэнсиэрбэ “туһаныллар болдьоҕо” төһө ааспытын чопчу этэр кыаҕым суох. Ол эрэн, улахан дьон атыылаһарбытыгар “туһалаах болдьоҕо улаханнык ааспыт, сүһүрбэтэх киһи” диэн саарбахтыылларын чахчы өйдүүбүн. Хата ол сайын кыратык да моһуогурбакка этэҥҥэ оттоон төннүбүппүт. Онтон ыла маҕаһыын аһыгар суруллар хараллар болдьох төһө сөптөөҕүн туһунан ыйытыы өйбөр хатанан хаалбыт. Бу туһунан быһаарсан көрүөҕүҥ.
Ханнык табаар болдьохтоноруй?
Маҕаһыыҥҥа атыыланар сорох табаар туһалаах хаалар кэмин ыйары сокуон ирдиир. “Атыылаһааччы быраабын көмүскээһин” туһунан сокуоҥҥа этиллэринэн бу ирдэбил аска, парфюмерияҕа, эмкэ, бытовой химияҕа уонна атын өр сыттаҕына доруобуйаҕа кутталы үөскэтиэн сөптөөх табаардарга тарҕанар. Бу табаардар испииһэктэрэ Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын № 720 уурааҕар ыйылла сылдьаллар. Туһаныллар болдьоҕун табаары оҥорон туһаарааччы ыйар эбээһинэстээх. Ол эбэтэр, ханнык эрэ атыыланар аска, эмкэ эбэтэр суунар, тупсарынар табаарга итинник сурук суох буоллаҕына сокуону кэһиинэн ааҕыллар.
Хараллыы уонна туһаттан тахсыы
Сороҕор табаарга “туһаныллар болдьох” (срок годности), сороҕор “харайыллар болдьох” (срок хранения) диэн суруллубут буолар. Бу өйдөбүллэр туох уратылаахтарый? харайыллар болдьох кэмигэр табаар амтана, сыта-сымара уларыйбат диэн ааттанар. Бу болдьох ааспытын кэнниттэн сөптөөх усулуобуйаҕа хараллыбыт табаар дьүһүнэ, амтана, сыта-сымара тутахсыйыан сөп, ол эрэн сииргэ куттала суоҕунан ааҕыллар.
Оттон туһаныллар болдьоҕо ааспыт табаар доруобуйаҕа кутталлаах буолуон сөп, маннык табаар атыыланара бобуллар. Хараллар болдьох туһаныллар болдьохтон кылгас буолар.
“Аахсыйалаах” табаардары атыылаһыахха сөп дуо?
Маҕаһыыннарга “аахсыйа” диэн ааттаан сорох табаардарын чэпчэтиилээх сыанаҕа суһаллык атыылыы сатыыллара сэдэҕэ суох көстүү. Бу тугуй. Туһалаах болдьоҕо ааспыт табаары атыылыыллар дуо? Олоххо араас буолааччы эрээри, бөдөҥ маҕаһыыннар сокуону кэһэртэн туттуналлар — ыстырааптара саарбах ньыманан киллэриммит дохуоттарынааҕар лаппа үрдүк. Онон үгэс курдук, “аахсыйа табаардара” харайыллар эбэтэр туһаныллар болдьохторо аҕыйах хонугунан бүтэрэ чугаһаабыт табаары батара сатыыллар.
Болдьоҕо чугаһаабыт табаар дьиҥэр, доруобуйаҕа туох да куттала суох, сокуоҥҥа киирбит нуормалар биллэр саппаастаах ылыммыттара өйдөнөр. Бу мин тус сабаҕалааһыным буолбатах, бородуукталар харайыллар болдьохторун суоттуур методическай ыйаах баар. МУК 4.2.1847–04 нүөмэрдээх “Санитарно-эпидемиологическая оценка обоснования сроков годности и условий хранения пищевых продуктов” Арассыыйатааҕы мэдиссиинэ академиятыгар таҥыллыбыт докумуон, ханнык бородууктаҕа хайдах саппааһы туттары ыйар. Холобур, 7 суукка хараллыахтаах ас-үөл туһаныллар болдьоҕун үрдэтии коэффициена 1,5 тэҥнэһэр. 30 хонук хараллыахтааҕа ыйыллыбыт буоллаҕына, коэффициена 1,3 тэҥнэһэр. Ол аата, төгүллээн көрдөххө, нэдиэлэ хараллыахтаах ас дьиҥэр, кырата уон хонук буорту буолуо суохтаах. Өр кэмҥэ хараллар кэнсиэрбэлэр, куруппалар ыйыллыбыт болдьохторугар үксүн 1,15 коэффициент туһаныллар. Ол эбэтэр, 3 сыл туһаныллар болдьох суруллубут буоллаҕына кырата өссө 4–5 ый саппаастаах курдук ааҕыахха сөп.
Түмүктээн эттэххэ, болдьоҕо ыкса кэлбит табаары атыылаһыахха сөп, бу доруобуйаҕа охсуута суох. Ол эрэн, маннык ас амтана арыый сибиэһэй табаартан уларыйбыт буолуон сөп, ону учуоттуур оруннаах.
Түмүккэ
Биллэн турар, сэрэхэчийбит ордук, хоргуйар куттал суох буоллаҕына саамай сибиэһэй табаары ылбыт ордук. Ол эрэн, “болдьоҕо чугаһаабыт табаары сиэтиҥ да тута өлөҕүн” диэн өйдөбүл сымыйа, ону эмиэ өйдүү сылдьар ордук. Холобур, арҕаа дойдуларга “фриганизм” диэн ааттаах быраҕылларга анаммыт эрэ аһы туһанары тутуһар туспа сүүрээн үөскээбит. Аһы солуута суох быраҕары утарыы быһыытынан.
Ханнык да харчыга атыылаһыллыбат күндүбүт — доруобуйабыт буолар. Онон мээнэ кутталга киирэн биэрбэккэ, сөптөөхтүк дьаһана сылдьыаҕыҥ.
Саарбах табаартан харыстаныы ньымалара
Интэриниэккэ атыылаһааччылар бөлөхтөрө болдьоҕо ырааппыт табаартан хайдах харыстыахха сөбүн ырыталларын аахтахха, бэрт элбэх туһалааҕы билиэххэ сөп. Төһөтө кырдьыгын, төһөтө омуннааҕын быһаарар уустук, ол өрөн омос санаатахха, оруннаах курдук сүбэлэр бааллар.
Бастатан туран, биллэн турар, табаарга суруллубут болдьохтору кичэллээхтик ааҕыы. Киһи итэҕэйэр да маҕаһыыныгар алҕас туһаттан тахсыбыт табаарга түбэһиэххэ сөп.
Олус бытархайдык суруллубут чахчыны смартфоҥҥа түһэрэн ылан, улаатыннаран ааҕыахха сөп. Смартфон уопсайынан бу түгэҥҥэ туһалаах тэрил — саарбахтыыр табаар
туһунан дьон тугу суруйалларын тута билиэххэ сөп. “Честный знак” диэн сыһыарыы нөҥүө элбэх табаар туругун туһунан билиэххэ сөп.
Сорох уопуттаах атыылаһааччылар этэллэринэн, болдьоҕо чугаһаабыт табаардар бэтэрээ таһаарыллаллар, сибиэһэй табаар прилавок түгэҕэр кистэниэн сөп. Онон илии уунуутугар сытар малы ылбакка, түгэхтэн ороон ылбыт ордук диэн этэллэр.
Билигин үгүс дьон дьиэҕэ тиксэрии өҥөтүнэн туттар. Манна атыыһыт албаһырыан сөп — болдьоҕо ааһа илик эрээри харайыллар болдьоҕо чугаһаабыт табаары сакааска угуон сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: