Табаҕы быраҕыан баҕалаахтарга үгүстэригэр эбии өйөбүл наада
Статистика көрдөрөрүнэн, аҥаардас дьулуур күүһүнэн дьон 15-20 % эрэ бырыһыана табаҕын олохтоохтук быраҕар. Үгүстэргэ эбии көмө ирдэниллэр.
Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын килиниичэскэй психолога Анна Заровняева табаҕы быраҕар кэмҥэ хос төлө барбат туһугар сүбэлэри биэрэр:
«Табаҕы быраҕар санааны уонна ол туругу мүччү тутуу (срыв) диэн тугуй? Бу – киһи уйулҕатын ыарахан туруга. Ол туохха тириэрдиэн сөбүй?
— тулуйбакка төлө барыан сөп, ити ыарахан туругу бэйэтэ эрэ аһарынара уустук;
-чугас дьонун кытары кыыһырсыан сөп;
— үлэтигэр кыһалҕалары үөскэтиэн сөп;
— чугас дьоно итэҕэйиэ суохтарын сөп;
— болҕомто уонна өйөбүл суох буолуон сөп.
Кини итинник ыарахан турукка киирбитин туохтан билиэххэ сөбүй?
— хараастара сирэйигэр-хараҕар биллэр;
— тугу да сэҥээрбэт буолар;
— санаата тууйуллар;
— олус кыыһырамтаҕай буолар;
— утуйар уута ыһыллар, аһыыр баҕата сүтэр;
— баар кыһалҕаны быһаарартан куотуна сатыыр;
— бэйэтигэр бүгэр.
Табаҕы быраҕарга холонор кэми мүччү туппат туһугар тугу гыныахха?
— успуордунан дьарыктаныы, эт-сиин күүһүн эрэйэр үлэ;
— үчүгэйдик утуйуу, күннээҕи эрэһиими тутуһуу;
— минньигэс, элбэх калорийдаах аһылык;
— оҕолору кытары бииргэ оонньооһун¸ыраас салгыҥҥа күүлэйдээһин, маҕаһыыннарга сылдьыы, сынньалаҥы сөптөөхтүк тэрийии;
— чугас дьоҥҥун, биир санаалаахтаргын кытары алтыһыы;
— медитация, бэйэҥ ис туруккун хонтуруолланар күннүк сурунуу, бэйэни анаалыстаныы;
— психолог өйөбүлэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: