«Табаһыт үлэтэ – патриотизм биир  холобура»

Share

Хаһан эрэ Хотугу сир биир олохтооҕуттан  Саха сирин Арктиката, Хотугу улуустар литэрэтииринэй  түмсүүлэрин, олохтоох суруйааччылар төһө элбэхтэрин интэриэһиргээн ыйыппытым. Онуоха кини: “Олус элбэх да буолбатар, биирдиилээн суруйар дьон бааллар”, – диэн мичээрдээн эрэ кэбиспитэ.

Оттон бүгүн Дьокуускай куоракка кэлэ сырыттаҕына быыс булан кэпсэппит киһим – ыраах Анаабыр (долган-эбэҥки) национальнай улууһун ытык киһитэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун 80 саастаах чилиэнэ Николай Лукич Туприн-Кэһиилээх Уола. Кырдьык да, кэһии курдук кэлэн биэрбит киһини мүччү туппат санаам баһыйбыта.
Николай Лукич айар үлэтин биир уратытынан кини хас биирдии айымньытыгар Хотугу сиргэ тапталын салгыбакка хоһуйара буолар.

 “Оо, Хоту дойдум!

Тыйыс тымныыҥ чэбдигиэн,

Тымныы тыыныҥ ырааһыан,

Тардар күүһүҥ күүстээҕиэн!”

Онуоха Николай Туприн оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрин кытары сылдьан, олох ыараханын, чэпчэкитин, тугу үлэлииллэрин этигэр-хааныгар, сүрэҕэр иҥэринэн улааттаҕына, төрөөбүт дойдуга таптала букатыннаахтык иҥэригэр бигэ эрэллээх.

“Биһиги, сэрии кэмин оҕолоро, көс олох философиятын ийэбит-аҕабыт уонна эһээбит-эбээбит үөрэтиилэриттэн олус дириҥник иҥэриммиппит. Олох кыра эрдэхпититтэн төрөппүттэрбитин кытары бииргэ сылдьан тургутууну туруктаахтык тулу­йаммыт, сүрэхпитинэн-дууһабытынан сыстан, ураһа дьиэбитин олус таптаан, киһи-хара буолан улаап­пыппыт. Көс олохпут биһигини кыра эрдэхтэн олус элбэххэ үөрэтэн, хотугу айылҕаны тулуйарга модун күүһү-уоҕу биэрбитэ уонна тулуурдаах буолууну эрэйбитэ”, – диэн кэпсээнин саҕалыыр.

Николай Туприн төрөппүттэрэ, хотугу дьон сиэринэн, түүлээх булдунан, таба иитии­тинэн уонна балыктааһынынан дьарыктанан олорбуттара. Николай бэйэ­тин өйдүүр буолуо­ҕуттан оҕо сааһа туундараҕа ааспыта. Төрөппүттэрэ, хойу­­таан ыал буолбуттара. Ийэтэ Елена Ефремовна доруо­бай эрдэҕинэ стахановец булчут эбитин кэлин докумуоннарын көрө сылдьан билбиттэрэ.
Уолчаан кыра эрдэҕиттэн дьонугар-сэргэтигэр илии-атах буолан көмөлөһө сылдьан табалары олус сөбүлээбитэ. Табалар араас ыарыыттан өлөллөрүн оҕолуу аһынара, тугунан да көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан абатыйара. Олохтоох бэтэринээр кэлэрин көрөн баран, табаны эмтиир идэ баарын билбитэ уонна табаны эмтиир киһи буолар баҕа санааламмыта.

1952 сыллаахха 8-с кылаа­һы бүтэрэрин саҕана Сааскылаахха Дьокуускайтан тыа хаһаайыс­тыбатын тиэхиньикумун хамыыһыйата кэлбитигэр эксээмэн туттарбыта уонна докумуоннарын ыыппыта. Куоракка барыах­тааҕын билэн, 3 ый тутууга үлэлээбитэ. Дьокуускайга кэлэн баран, санаата уларыйа сылдьыбыт кэмнэрдээҕэ. Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатыгар Анаабыртан оҕолор баалларын билэн, салгыы оскуолаҕа үөрэнэр санаа киирбитэ. Ол гынан баран, интэринээккэ миэстэ суоҕунан ылбатахтара. Онон дьылҕата тыа хаһаа­йыстыбатын тиэхиньикумугар хаалан үөрэнэрин курдук оҥорбута. Үөрэҕин 1967 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.

Ити сыл үлэтин биография­та “Анаабыр” сопхуоска бэтэринээр үлэтиттэн саҕаламмыта. 10 сыл талан ылбыт идэтинэн бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Онтон ханнык баҕарар үлэҕэ сыстаҕас, дьону кытары уопсай тылы түргэнник булар, тэрийэр дьоҕурдаах уолу дьоно-сэргэтэ идэлээх сойуус бэрэс­сэдээтэлинэн, онтон партком сэкирэтээринэн быыбардаабыта. Үүнэр-сайдар кэскиллээх Николай Туприны 1984 сыллаах­ха Хабаровскайга үрдүкү бартыыйынай оскуолаҕа үөрэххэ ыыппыттара. Эдэр киһи суола арыллан, барыта иннигэр буолуохтаах курдуга…

Көрөр харахтан матыы…

Ол эрээри… диирбитигэр тиийэбит. Үрдүкү бартыы­йынай оскуолаҕа иккис сылын үөрэнэ сырыттаҕына эмискэ хараҕа аккаастаан, устунан I группалаах инбэлиит буолар дьылҕаламмыта. Ол биир ааспыт түгэн хомолтолоох содула буоларын кэлин эрэ өйдөөбүтэ. Алтыс кылааска үөрэнэр кэмигэр хаҥкылыы сылдьан кэтэҕинэн тиэрэ таһылла түспүттээҕэ. Онно хаан туран, хараҥаҕа көрөрө мөлтөөбүтэ. Харах бырааһа да суоҕунан, ситэри көрдөрбөккө хаалбыта.

Икки хараҕа көрбөт буол­бут киһи бартыыйынай кэмитиэтин сэкирэтээриттэн уурайар­га тиийбитэ, хара күүһүнэн солбуйааччынан үлэлээн көрөн баран, 1987 сыллаах­ха букатыннаахтык тохтообута. Хараҕын эмтэтэр булгуруйбат санааны ылынан, Башкирияҕа, Москваҕа, Хабаровскайга хас­та да эпэрээссийэлэппитэ. Хараҕын сырдыгы билэр бүрүөтүн оҥорторон, кылатан көрөр курдук буолан иһэн, биир сылынан хараҕа эмиэ мөлтөөбүтүнэн барбыта…

43 эрэ сааһыгар күн сырдыгын көрөртөн матыы кыһыыта-абата, хомолтото, ыарыыта хайдаҕын киһи тылынан кыа­йан тириэрдибэт… “Салгыы хайдах олоруохха, тугунан дьарыктанан, уруккулуу дьон-сэр­гэ ортотугар сылдьыахха?..” диэн саныы сырыттаҕына, 1990-с сыллар саҥаларыгар Анаабыр улууһугар доруо­буйаларынан хааччах­таах дьон (инбэлииттэр) уопсас­тыбалара тэриллибитэ. Онно Николай Лукичка толкуйдуур да түгэн биэрбэккэлэр, уопсас­тыба салайааччытынан талбыттара. “Онон 14 сыл үлэлээбит, солбуллубат киһи этим…” – диэн Николай Лукич билигин күлэ-үөрэ кэпсиир.

Суруйар идэ абылаҥа баһыйан…

Бу да дьарыга киниэхэ тутах курдуга, дууһата туох эрэ атыҥҥа, үйэлээххэ тардыһара.

Николай Лукич биир күн суруйуунан дьарыктанар биир дойдулаахтарын кинигэлэрин сүрэхтэниитигэр ыҥырыллан тиийбитэ. Олус сэргэх кэпсэтиини, ырытыһыыны истэ олордоҕуна: “Арай, мин эмиэ холонон көрдөхпүнэ?” – диэн киирэн кэлбит мэник санаата кэлин олох атын эйгэҕэ сир­диэн оччолорго сэрэйэн да көрбөтөҕө. Тордох дьиэҕэ улааппыт, көс олох дьиктитин билбит уолчаан хотугу айылҕатын кэрэтин, төрүт үгэстэрин, дойдутун угуйар алыбын хомоҕой хоһооҥҥо хоһуйар аналлаах кэлбитин өйдөөбүтэ. Онуоха туох эрэ биллибэт күүс үтэ­йэн, 1989 сыллаахха бастакы кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. “Кырачаан кинигэбин олох­тоох типографияҕа бэчээттээбиттэрэ. Оччотооҕу типография үлэһиттэрэ миигин өйөөн, туох эрэ улахан кинигэни таһаар­бытым курдук өссө презентация оҥорбуттара. Оо, онно кыбыстан өлө сыспытым…” – диэн Николай Лукич ол кэмнэри санаан мичээрдээн ылар.
Онтон ыла эмискэ тэһитэ кэ­­йиэлээн киирэн кэлэр иэйии­лэрин куоттарымаары, киһини көрдөһөн суруйтарар, устунан кинигэ буолан тахсарыгар көмөлөһүннэрэр буолбута. Дьолго, оннук үтүө санаа­лаах дьон аттыгар аҕыйаҕа суох­тар. Кини хоһоонноро табаларын хоһуйууттан саҕаламмыттара. “Хоту дойдум сүппэт-өспөт үлэтэ, олоҕун хорук тымыра – таба иитиитэ” диэн мээнэҕэ эппэт. Онтон ыла “Төрөөбүт дойдуга таптал” диэн 14-с кинигэтигэр дойдутун олохтоох­торуттан саҕа­лаан, кинилэр хайдах патриот буолалларын бэрт дьоһуннаахтык кэпсээбит. Дойдубутугар билиҥҥи балаһыанньанан оҕолорбутугар, ыччаттарбытыгар патриот диэн кимин өйдөтөбүт, үөрэтэбит.

“Мин санаабар, суру­йааччылар билигин киһилии киһи үөскээн тахсарыгар көмөлөһөр уонна онно көҕүлүүр кинигэлэри суру­йуохтаахпыт. Суруйааччы эрэ барыта «норуодунай» буолбат, кинилэр биһиэхэ сирдьит буолуохтаахтар. Биир кис­­тэл баҕа санаабын быктарыым. Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар Дьокуускайга дьон-сэргэ сөбүлээн тоҕуоруһар сиригэр норуодунай суруйааччыларга аналлаах искибиэр дуу, бульвар дуу, атын дьоһун сир дуу баара буоллар. Кыра оҕотуттан саҕалаан улахан киһи манна хаама да, сынньана да сылдьан “биһиги маннык норуодунай суруйааччылардаах эбиппит” диэн билэрин уонна киэн туттарын туһугар”, – диэн кэпсэтиибитин түмүктээтэ.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Норуот маастардара сахалыы иискэ үөрэтиэхтэрэ

Бу күннэргэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Симэх” национальнай кииҥҥэ “Аттаран тигии абылаҥа алыптаах…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мииринэй оройуонун 60 сыла

Ил Дархан Айсен Николаев мииринэйдэри оройуон 60 сылынан эҕэрдэлээтэ. Тохсунньу 27 күнүгэр Мииринэйгэ үөрүүлээх тэрээһин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Эдэр ыччат — биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл

Үгүлээт нэһилиэгэр “Эдэр ыччат-биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл ыытылынна. Бу уопсастыбаннай диэйэтэл, бэлиитик Савва Михайлов кэриэһигэр…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: сылайыыны хайдах аһарыахха?

Эти-хааны эрчийиэххэ. Дьиэ хомуйа, ас астыы сылдьан, дьыбааҥҥа сынньана сытан, кинигэ ааҕа олорон хаан эргииригэр,…

6 часов ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Саха сирин волонтердара “Блокада килиэбэ” аахсыйаны тэрийдилэр

Үс эдэр киһи кэлбит дьоҥҥо остуолга кэчигирэппит, оччотооҕу Ленинград блокадатыгар курдук 125 кыраамнаах килиэби кытта…

6 часов ago