Табаһыттар сүлүөттэрэ буолан ааста
Бу соторутааҕыта Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөл нэһилиэгин 90 сылыгар анаммыт табаһыттар сүлүөттэрэ буолан ааста. Улуус баһылыга И.И.Левин икки ыарахан сыаналаах “бураны” уонна көмүсчүттэр үчүгэй бириистэри туруораннар, дьон күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кытынна. Ыалдьыт бөҕө кэлэн, ыраах дойду олохтоохторун сэргэхситтилэр.
— Наһаа үчүгэй тэрээһиннээх сүлүөт буолан, бары да үөрдүбүт аҕай. Оҕолор эмиэ көхтөөхтүк кытыннылар. Сүлүөккэ дьокутаапыт Елена Голомарева кэлэн, эҕэрдэлээтэ. Буолаары буолан алларанан сиринэн айаннаан, хайдах, төһө ыраах олорорбутун биллэ. Чахчы табаһыттар, эбээн норуотун олоҕун-дьаһаҕын билсэн, элбэх боппуруостары быһаарсыа диэммит бүк эрэллээх хааллыбыт. Биһиэхэ сааскы хараал бүттэ, аны төрүөх маршрутугар киирдибит. Ол аата табаларбытыгар сааскы төрүөх кэмигэр бэлэмнэнэбит. Табаһыттарбыт сайылыыр мастарын бэлэмнииллэр, тиэнэллэр. Тоҕо диэтэххэ, сайын бары туундара өттүгэр көһөбүт. Онон үлэ, түбүк элбэх, — диэтэ П.А.Кейметинов аатынан “Сэбээн” МУП дириэктэрэ
Людмила Бурцева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: