Табаһыттар сүлүөттэрэ буолан ааста

Share

Бу соторутааҕыта Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөл нэһилиэгин 90 сылыгар анаммыт табаһыттар сүлүөттэрэ буолан ааста. Улуус баһылыга И.И.Левин икки ыарахан сыаналаах “бураны” уонна көмүсчүттэр үчүгэй бириистэри туруораннар, дьон күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кытынна. Ыалдьыт бөҕө кэлэн, ыраах дойду олохтоохторун сэргэхситтилэр.

— Наһаа үчүгэй тэрээһиннээх сүлүөт буолан, бары да үөрдүбүт аҕай. Оҕолор эмиэ көхтөөхтүк кытыннылар. Сүлүөккэ дьокутаапыт Елена Голомарева кэлэн,  эҕэрдэлээтэ. Буолаары буолан алларанан сиринэн айаннаан, хайдах, төһө ыраах олорорбутун биллэ. Чахчы табаһыттар, эбээн норуотун олоҕун-дьаһаҕын билсэн, элбэх боппуруостары быһаарсыа диэммит бүк эрэллээх хааллыбыт.  Биһиэхэ сааскы хараал бүттэ, аны төрүөх маршрутугар киирдибит. Ол аата табаларбытыгар сааскы төрүөх кэмигэр  бэлэмнэнэбит. Табаһыттарбыт сайылыыр мастарын бэлэмнииллэр, тиэнэллэр. Тоҕо диэтэххэ,  сайын бары туундара өттүгэр көһөбүт.  Онон үлэ, түбүк элбэх, — диэтэ  П.А.Кейметинов аатынан “Сэбээн” МУП дириэктэрэ

Людмила Бурцева.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

23 секунды ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

43 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago