Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын тэрийии боппуруоһа олус судургута суох, дьиҥэ. Сыл аайы оҕолор сынньалаҥнарыгар кыһанар тыа хаһаайыстыбаларын тэрилтэлэрэ бааллара үчүгэй.
Холобур, Кэбээйигэ “П.А.Кейметинов аатынан Сэбээн Күөл” МУП дириэктэрэ Людмила Бурцева оҕолору таба иитиитигэр сыһыараары уонна дьарыктаах буоллуннар диэн, улуустааҕы Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолууга киинин кытта ыкса үлэлэһэр. Ол түмүгэр быйыл эмиэ Сэбээн Күөл оҕолоро ыстаадаларга тахсан, табаһыттарга көмөлөстүлэр, көй салгынынан тыыннылар, үлэни уонна сынньалаҥы дьүөрэлээтилэр.
— Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолууга киинин кытта үлэлэһэн, биһиэхэ бу киин нөҥүө 21 оҕо үлэлээтэ. Өссө алта оҕону бэйэм үлэлэттим. Оҕолор үс ыстааданан үлэлээтилэр. Улахан кылаас уолаттара ыстаадаҕа быһыт тутуутугар көмөлөстүлэр. Онон туһалара үгүс. Бу үлэлээбит оҕолорбор барыларыгар хамнас төлөөрү олоробун, — диэтэ дириэктэр Людмила Бурцева.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038