Табаһыттары үөрэтиигэ болҕомто ууруллуоҕа

Share

Табаны иитиигэ норуоттар икки ардыларынааҕы чөмпүйэнээт чэрчитинэн, “Арктикаҕа глобальнай уларыта тутуу усулуобуйатыгар хотугу дьиэ табатын иитиини бигэтик сайыннарыы” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ дириҥ суолталаах боппуруостары быһаарыаҕа.

Кэмпириэнсийэ секцияларынан ыытыллар. Манна “Аан дойду табаһыттара” ассоциация бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Ингер Анита Смук табаны иитиини бигэ тирэхтээхтик сайыннарыыга ВКС көмөтүнэн санаатын үллэстиэҕэ. Хоту дойду, Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын вице-бэрэсидьиэнэ Артур Гаюльскай, хайалаах-тайҕа сиргэ табаны иитии кыһалҕаларын туһунан Федерация Сэбиэтин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Широков, төрүт норуоттар ассоциацияларын юрист-эспиэрэ Юлия Якель, Taiga Nature Society (Монголия) пуонда дириэктэрэ Цогцайхан Пурев ВКС эрэсииминэн кыттыахтара. Арассыыйаҕа табаны иитиигэ быраап өттүнэн боппуруостарыгар Ил Түмэн норуодунай дьокутаата Елена Голомарева, СӨ Арктика сайдыытыгар уонна Хоту дойду норуоттарын дьыалаларыгар миниистирэ Владимир Черноградскай, Гренландияттан табаһыт, Isortoq Development хампаанньаны бас билээччи  Стефан Магнуссон уо.д.а. санааларын атастаһыахтара.

Табаһыттары үөрэтии уонна каадыры бэлэмнээһин болҕомтоҕо тутуллуоҕа. Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын бигэтик сайдыыларыгар таба иитиитин норуоттар икки ардыларынааҕы институтун оруолун эмиэ болҕомтоҕо ылыахтара. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ЮНЕСКО кафедратын сэбиэдиссэйэ Анатолий Жожиков кыттыаҕа.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, “А-Проперти” ХЭУо, “Исток” көс аҕа ууһун общинатын икки ардыларыгар сөбүлэһии түһэрсиллэрэ күүтүллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

12 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

37 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

2 часа ago