Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Share

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар «Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу — төрөөбүт дойдуга бэриниилээх гражданнары иитии төрүттэрэ» улуустааҕы сэминээр буолан ааста.

Хаартыскалар: Маргарита Стручкова тиксэриилэрэ

Сэминээргэ 3 уhуйаантан 8 иитээччи уонна үөрэҕирии салаатын сүрүн исписэлииһэ Старостина Л.Х. кэлэн кытыннылар. Табалаах уһуйааныгар «Оскуола иннинээҕи улахан саастаах оҕолору эбээн норуотун култууратыгар уонна үгэстэригэр уhуйуу» бырайыак хайдах үлэлии турарын көрдүлэр, бырайыак ааптардарынан сэбиэдиссэй Стручкова М.В. уонна 2022 сылтан үлэлиир иитээччи Захарова Л.Г. буолаллар.

Тэрээhин киэҥ ис хоhоонноох, ол курдук маҥнайгы чааhыгар — улахан уонна бэлэмнэнии бөлөхтөргө иитээччилэр Чирикова С.И., Стручкова С.И. дьарыктаныылары ыыттылар. Төрөппүттэр уонна уһуйаан үлэhиттэрэ оҥорбут эбээннии оонньуурдарын, илии оҥоhуктарынан быыстапканы Семенова М.Г. көрдөрдө, кэпсээтэ. Музыкальнай салайааччы Аммосова М.Н., иитээччи Титова М.В. тэрийиилэринэн оҕолор эбээннии хоhооннору, ырыалары, үҥкүүлэри толорон, кэлбит ыалдьыттары эҕэрдэлээтилэр. Ол кэннэ иитээччи Титова М.В. оҕолорго эбээннии спортивнай оонньуулары хайдах үөрэтэринэн маастар-кылаас көрдөрдө . Уhуйаан иhинэн тэриллибит «Орончикан» мини-түмэли  иитээччи Чирикова С.И. билиhиннэрдэ. Прудецкая Л.А. “Эбээн норуотун куукунатын бүлүүдэлэрин» кэпсээтэ.

Эбиэттэн киэhэ сэминээр иккис чааhыгар «Хотугу норуоттар тустарынан оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэтии» тиэмэ тула кэпсэтиhии саҕаланна. Бастаан аhаҕас дьарыктары ырытыы, санаа атастаhыыта буолла. Сэбиэдиссэй Стручкова М.В. Табалаах уhуйаанын бырайыагын үлэтин туhунан кэпсээтэ. Сэминээр чэрчитинэн ыытыллыбыт куонкуруска «Мин төрөөбүт Хоту дойдум» лэпбук көмүскээhинэ, бэйэ оҥоруу музыкальнай инструменнарга маастар-кылаас ыытылынна.

Киэhэ Табалаах уhуйаанын кэлэктиибин, ыалдьыттарын, музыкальнай оскуола, кулууп үлэhиттэрин көмөтүнэн  кэнсиэр буолла. Ол кэнниттэн итии чэйдээх остуол тула олорон санааларын үллэһиннилэр.

Л.А. Стручкова, Баатаҕайдааҕы 5 №-дээх уhуйаан  иитээччитэ: “Сэминээр үрдүк таhымнаахтык ааста. Элбэҕи биллим, эбинним. Оҕолору эбээн норуотун үгэстэригэр, култууратыгар уhуйуу үлэтэ ситимнээхтик ыытыллара көстөр”, — диэтэ.

Кэлбит ыалдьыттар оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго эбээн норуотун үгэстэрин, култууратын үөрэтии үлэтэ ситимнээхтик ыытылларын бэлиэтээтилэр, сэминээр үлэтин үрдүк таhымнааҕынан сыаналаатылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

38 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

2 часа ago