Табалаахтар байыастарга ас нобуордарын бэлэмнээтилэр
Дьааҥы улууһун Табалаах нэһилиэгин кэрэ аҥаардара музыкальнай оскуолаҕа мустан, байыастарга анаан ас нобуордарын бэлэмнээтилэр.
Олохтоохтор 29 миин наборун бэлэмнээн, нэһилиэк дьаһалтатыгар туттардылар. Бу бэлэмнэммит ас-үөл Аҕа дойдубутун көмүскүү сылдьар уолаттарга дойдуларын амтаннаах аһа ахтылҕаннарын таһаардын, күүстэригэр сэниэ эбэн, ыраах да буолларбыт кинилэри кытта бииргэбитин биллэрэн, дууһаларын сылаанньыттарбыт диэн санаалаах оҥоһулунна.
Икки күн иһигэр нэһилиэк кэрэ аҥаардара ас-үөл нобуорун кытта харысхаллары оҥордулар. Манна Чирикова Э.Н., Эверстова Э.Г., Павлова В.В., Стручкова С.Н., Чукорова Л.Е., Григорьева Т.К., Степанова Т.М., Попова Е.В., Стручкова Д.Д., Потапова М. Н., Чирикова В. П., Винокурова М. С., Атласова Р.А. уолаттар сүргэлэрин көтөҕөргө сэмэй кылааттарын киллэрдилэр. Сырдык санааҕыт уостубатын, саҕалаабыппыт сайдан, тэрийбиппит тэнийэн иһиэ диэн эрэнэбин.
Нэһилиэк аҕам саастаахтарын «Илгэ» түмсүүтүн чилиэннэрэ байыаннай дьайыыттан уоппускаҕа кэлэ сылдьар уолга уонна кини доҕотторугар харысхаллары оҥорон тиэртилэр.
«Дьүөгэ» түмсүү салайааччыта Попова К.Х.
Табалаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: