Табаны иитэр хаһаайыстыбаларга 338 бөрө бултанна

Share

Өрөспүүбүлүкэ табаны иитэр хаһаайыстыбаларын бөрөлөр буулуулларын туһунан СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин Хотугу төрүт салаа управлениета иһитиннэрэр. 

Ол курдук, хаһаайыстыбалартан киирэр чахчыларынан, 339 бөрө бултаммыт. Бу адьырҕалар ордук Үөһээ Халыма улууһун ыстаадаларыгар кыһалҕаны үөскэтэллэрэ бэлиэтэнэр.

Бу сыл балаҕан ыйын 19 күнүнээҕи туругунан, араас көрүҥнээх 114 хаһаайыстыбаҕа уопсайа 179 605 таба  (2024 с. тохсунньу 1 күнүгэр 171552 баара) иитиллэн турар. 36052 тугут төрөөтө.

Быйыл тустаах министиэристибэ уонна улуустар дьаһалталарын кытта хотугу табаны иитиигэ субвенцияны ыытыыга сөбүлэһиилэргэ илии баттаммыт. Субвенция харчыта улуустарга тиэрдиллибит.

Хаартыска: Мария Васильева (СИА) түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

23 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

1 час ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

1 час ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

2 часа ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

2 часа ago