Салгыы
Табыгаһа суох эйгэ эбэтэр хаһан хараҕы баайан бүтэбит

Табыгаһа суох эйгэ эбэтэр хаһан хараҕы баайан бүтэбит

10.08.2023, 17:03
Хаартыскаҕа Полина Николаева түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Билигин доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбаҕа харгыһа суох сылдьалларыгар табыгастаах эйгэни, усулуобуйаны тэрийии туһунан элбэхтик этиллэр даҕаны, суруллар даҕаны. Элбэх социальнай эбийиэк тутуллар, доруобуйаларынан хааччахтаах нэһилиэнньэ араҥатыгар табыгастаах эйгэни тэрийиигэ дьаһал бөҕө ылыллар эрээри, пандус боппуруоһа сытыытык турар.

Пандус баар эрээри, туһата суох

Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо харгыһа суох эйгэни тэрийиигэ араас бырайыактар оҥоһуллаллар, оннооҕор «Табыгастаах эйгэ» диэн судаарыстыбаннай бырагыраама баар. Быйыл саас муус устарга Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин көҕүлээһининэн төгүрүк остуол буолан ааспыта. Онно 2023 с. элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ пандуһу оҥорууга, киирэр-тахсар сирдэргэ ааннары кэҥэтиигэ олохтоох бүдддьүөттэн 43,4 мөл. солк. тыырыллыбытын туһунан кэпсээбиттэрэ. Онон үлэ барбат буолбатах, сыл аайы бүддьүөттэн үп көрүллэн табыгастаах эйгэ тэриллэригэр болҕомто ууруллар.

Бу мунньахха этиллибитинэн, Саха сиригэр 55 843 инбэлиит, ол иһигэр 6 992 оҕо олорор. Доруобуйаларынан хааччахтаах нэһилиэнньэ араҥатыгар табыгастаах буоларын тэрийэргэ бу уон сыл устата 646,8 мөл. солк. көрүллүбүт.

Син кэнники сылларга киин сирдэргэ, куораттарга пандустар, лииптэр, атыы-эргиэн кииннэригэр анал туалеттар баар буоллулар. Ол эрээри, билигин даҕаны бу кыһалҕа сытыытык турар, оттон тоҕоостоох эйгэни тэрийии — ардыгар хараҕы баайыы эрэ буолар. Дьиҥэ, табыгастаах эйгэҕэ бары даҕаны наадыйабыт, доруобуйаларынан хааччахтаах дьонтон саҕалаан, кыра оҕолоох ийэлэргэ тиийэ, бары кэлээскэлээх буоланнар, ардыгар эрэйи көрсөллөр.

Баар да буоллаҕына, бөҕүнэн бүөлээн эбэтэр кыһынын хаарын ыраастаабакка киһи туһаммат буолар. Эбэтэр атыы-эргиэн холобур, «Дэлэй» уонна «Проспект» дьиэлэригэр киирэр пандустарга бэлисипиэттэрин баайан туралларын, итирбит дьон утуйа сыталларын илэ харахпынан көрбүтүм. Ол туһунан быйыл, чуолаан, уу-хаар ыраастаммакка, нэһилиэнньэ «дууһатын хаһыытын» биир идэлээхтэрбит хаста даҕаны төхтүрүйэн суруйан тураллар.

Бу күннэргэ биир идэлээхпит Полина Николаева атаҕын өлөрөн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин киин балыыһатыгар көрдөрөргө күһэллибит. Хомойуох иһин, балыыһа иһигэр баар пандуһунан, аһара туруору буолан, оннооҕор дьон көмөлөөх кэлээскэнэн тахсыбатах. Онон икки өттүттэн дьон өйөөн нэһиилэ көрдөрө киирбит. Оччотугар бу аата хараҕы баайыы эрэ буолан турар пандус дуо? Полина Михайловна Мэҥэ Хаҥалас киин балыыһатын поликлиникатын дьиэ иһинээҕи пандуһа “стандартка” чахчы эппиэттээбэт диэн этэр.

Миэрэ ыларга сурук

«Атахпын эчэтэн, Аллараа Бэстээх суһал көмөтүгэр көрдөрөн, Майаҕа тиийэн, улуус киин балыыһатыгар тастан эмтэнэ сылдьабын. От ыйын 15, 21 күннэригэр травматология отделениетын сытар балыыһатыгар көрдөрүммүт буоллахпына, от ыйын 28 күнүгэр поликлиникатыгар ыыттылар. Мэҥэ Хаҥалас киин балыыһатын поликлиниката Майаҕа Советскай уулусса 2 А №-дээх дьиэтигэр баар. Атах тостуулаах киһи сатаан кирилиэскэ тахсыа суоҕа диэн, арыаллааччым кэлээскэ таһаарда. Онно олордон таһынааҕы пандуһунан соһон, дьиэҕэ киирдибит. Пандус баарынан баар эрээри, кэлээскэ көлөһөтө онно сөп түбэспэт. Аны туруорута. Үлэлээбэт пандус буолан буолуо, түһэр сиригэр араас малы-салы дьаарыстаан уурбуттар. Киириигэ тимир олоппостор бааллар, онон кыараҕаһа да сүр. Харабыл Федор көмөтүнэн, икки киһи өйөөн кирилиэһинэн аҥаар атахпынан дугунан киирдим. Кирилиэс төһө да аҕыйах үктэллээҕин иһин, ыйааһыннаах киһиэхэ ыарахан дабайыы буолла. Киирэн баран, пациеннаргыт эрэйдэнэллэрэ буолуо, тоҕо ити пандуһу оҥорторбоккутуй диэн травматологтан ыйыттым. Онуоха «эрэйдэнэллэр» диэн хоруйдаатылар үлэһиттэр.

Онон регистратураҕа тиийэн “Книга жалоб и предложений” көрдөөтүм, ону биһиэхэ оннук суох диэн баран старшай медсиэстэрэ Валентина Иннокентьевна Степанованы ыҥырдылар. Кини кэлэн чахчы дьон пандуһунан сатаан тахсыбакка эрэйи көрөрүн, туруорса сатаабыттарын эттэ. Мин кэпсэтии түмүгүнэн киин балыыһа кылаабынай бырааһа Алексей Андреевич Павлов аатыгар суһаллык миэрэ ыларыгар сурук суруйан хааллардым».

Хаартыскаҕа Полина Николаева түһэриитэ.

Түмүк оннугар

Биһиги хаһыаппытыгар маннык ис хоһоонноох туруорсуу сурук киирдэ, эппиэт наада этэ диэммит, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр ыыппыппыт. Суругу министиэристибэ, биллэн турар, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр баар киин балыыһаҕа ыыппыт. Кылаабынай быраас Алексей Павлов хаһыат тахсыар диэри эппиэтин ыыппата, онон бу боппуруос салгыы көтөҕүллүө.

Дьиҥинэн, Майатааҕы киин балыыһа үлэһиттэрэ уонна ыарыһахтара бу сытыы боппуруос балыыһа тутуллуоҕуттан баарын, элбэх киһи үҥсэрин, ол эрээри ол оннуттан хамсаан да көрбөтүн этэллэрин сурук ааптара ахтар. Ол аата, өр кэмнээх эппиэт бэлэм даҕаны буолуохтааҕа эбитэ буолуо. Итинник харах баайыыта буолан оҥоһуллубут пандуһу көрө-көрө көрбөтөҕө, билэ-билэ билбэтэҕэ буола сылдьарбыт сыыһа буоллаҕа. Кыһалҕаны бэйэҥ көрсө иликкинэ билбэккин диэн сөпкө этэллэр. Этэҥҥэ икки атахпытынан хааман, чэгиэн сылдьар дьон ону баардыылаабаппыт, оттон тустаах кыһалҕалаах, доруобуйатынан хааччахтаах киһиэхэ бу олус улахан харгыһынан буолара саарбаҕа суох.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: