Салгыы
«Табыгастаах, атыттартан ордук, куттала суох»: «Астра» ХБ бородууксуйатыгар көһүү ордугун кэпсээтилэр

«Табыгастаах, атыттартан ордук, куттала суох»: «Астра» ХБ бородууксуйатыгар көһүү ордугун кэпсээтилэр

Ааптар:
26.09.2023, 10:30
Хаартыска: Анастасия Филиппова, ЯСИА
Бөлөххө киир:

2024 сыл бүтүөр диэри Арассыыйа хампаанньалара дойдуга оҥоһуллан тахсыбыт бырагыраамаларынан хааччыллыахтаахтар. Бу эйгэҕэ оннук омук табаарын солбуйар биир бастыҥнарынан «Астра» хампаанньа бөлөҕө буолар. Саха сирэ кинини кытары сүрүн соруктарга бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэристэ.

Өрөспүүбүлүкэ оройуоннара номнуо билигин хампаанньа бородууктатыгар көһөн эрэллэр уонна туруорарга, үлэлииргэ табыгастааҕын бэлиэтииллэр. Бырагыраама туһунан уонна тугунан ордугун «Астра» хампаанньа бөлөҕүн бэрэстэбиитэллэрэ итиэннэ партнердара уонна туһанааччылар «Road Show Астра» Уһук Илин уокурукка бастакы көрсүһүүлэригэр кэпсээтилэр.

«Астра» хампаанньа уонна кини бородуукталарын туһунан

Бүгүн «Астра» хампаанньа бөлөҕө – бырагырааманан хааччыйыы уонна информационнай куттал суох буолуутун эйгэтигэр, Арассыыйа информационнай технологияларын ырыынагар лиидэринэн буолар.

Хампаанньа инфраструктурнай уонна системнэй бырагырааманан хааччыйыыга бэйэтин таһымыгар эрэллээх программнай испииһэги – Astra Linux операционнай систиэмэни тутар. Бу операционнай систиэмэ (ОС) ырыынакка 2008 с. тахсыбыта уонна билигин омук табаарын солбуйарга туһаныллар биир бастыҥнара.

«Астра» хампаанньа бөлөҕө бырагыраамалары оҥорор дойду тутулуга суох кэккэ хампаанньаларын – Astra Linux, «Увеон — облачные технологии», «РуБэкап», «РуПост», «Тантор Лабс», «Ресолют» уонна ISPsystem түмэр.

Өҥөнү оҥорооччу экосистиэмэтэ аһара киэҥ буолан, араас биизинэс соруктарын уонна аныгы тэрилтэлэр элбэх наадыйыыларын көдьүүстээхтик толорор кыаҕы биэрэр.
«Астра» хампаанньа бөлөҕүн портфелигэр Astra Linux ОС, «Брест» виртуализация сириэстибэтин комплекса, Termidesk виртуальнай оробуочай миэстэ инфраструктуратын тэрийэргэ бырагыраама, RuBackup солбук копирование сириэстибэтэ, ALD Pro ИТ-инфраструктуратын сүрүннээһиҥҥэ быһаарыы, СУБД Tantor, СУБД PostgreSQL салайыы уонна кэтээн көрүү платформалара, WorksPad мобильнай оробуочай миэстэ, RuPos корпоративнай почта, ону таһынан физическэй, виртуальнай инфраструктураны уонна биллини салайарга үс платформа (DCImanager, VMmanager и BILLmanager) киирэллэр. Бары бырагыраамалар бородуукталара Минцифры реестригэр киирэннэр, судаарыстыбаннай, коммерческай тэрилтэлэр, госкорпорациялар, концерннар, бырамыысыланнай тэрилтэлэр уонна КИИ эбийиэктэрэ туһаналлар.

«Road Show Астра» Уһук Илиҥҥэ бастакы

Дьокуускай куоракка «Road Show Астра» хампаанньа Уһук Илин бастакы сүрэхтэниитэ буолан ааста. Хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ «Астра» хампаанньа бөлөҕүн бородуукталарын экосистиэмэтин оҥорор кыахтарын, туох ордуктааҕын, бары уратытын кэпсээтилэр. Ырытан оҥорооччу өрөспүүбүлүкэҕэ дойду инфраструктурата сайдарыгар көхтөөхтүк кыттар.

«Уһук Илин уокуругун сиригэр-уотугар маннык тэрээһини аан бастаан Дьокуускай куоракка ыытыахха диэн талбыппыт. Саха сирин кытары биһиги уруккуттан үлэлэһэбит. 2021 с. бүтүүтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата уонна кини биэдэмэстибэлэрэ Astra Linux операционнай систиэмэҕэ көһүү туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаспыттара. Ол кэннэ сыл көтөн баран, «Цифровой алмаз» бастакы федеральнай пуорумҥа СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа министиэристибэтин кытары бииргэ үлэлээһини сайыннарыы туһунан эппиттэрэ», — диэн Уһук Илиннээҕи «Астра» хампаанньа бөлөҕүн атыыга департаменын салайааччытын солбуйааччыта Евгений Юшкевич эттэ.

Кини бэлиэтээбитинэн, хампаанньа быһаарыныытын билиһиннэрэн баран, өрөспүүбүлүкэ бары салааларыгар: былаас уорганнарыгар, мэдиссиинэҕэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, оннооҕор успуорка дириҥник киллэрэллэр. Уопсайынан, омук табаарын солбуйуу үлэтэ сабардамнаахтык баран иһэр. Операционнай систиэмэни көһөрүү – бу айсберг төбөтө эрэ. Итиннээҕэр өссө уустук түһүмэхтэр бааллар, ол иһигэр: виртуализацияны талыы уонна домены салайыы, коммуникация уонна РФ Бырабыыталыстыбата ирдиир KPI-ни олоххо киллэрэргэ сакаасчыттарга көмөлөһүөхтээх атын даҕаны бородуукталар.

Хампаанньа тэрилтэлэргэ операционнай систиэмэ үлэлиирин тухары уонна «Астра» экосистиэмэтин атын даҕаны бородуукталарыгар араас таһымнаах тэхэньиичэскэй көмөнү оҥорор.

«Солбук инфраструктураны тэрийии – сакаасчыты кытары биһиги уопсай дьыалабыт. Кини соҕотоҕун эрэ ону олоххо киллэрбэт. Хас биирдии түһүмэххэ киниэхэ биһиги хаампаанньабыт араас сулууспалара көмөлөһөллөр. Биһиги ИТ-бородууктаны атыылаан эрэ кэбиспэппит, сакаасчыт атын систиэмэлэрин кытары дьүөрэлии буолуохтааҕын уонна ол сүрүн соругу толорорго сөптөөхтүк үлэлиэхтээҕин өйдүүбүт. Биһиги сакаасчыт тэхэньиичэскэй блогун кытары бииргэ үлэлээн, наадалаах бородуукта лииньийэтинэн толорон, эрдэ тургутар инфраструктураны оҥоробут, мантыбыт инникитин солбуйар инфраструктура баазатынан буолуохтаах. Биһиги ону оҥорор кыахтаахпыт: бэйэбит бородууктабыт киэҥ экосистиэмэтэ уонна партнердар быһаарыылара, тэхэньиичэскэй көмө, консалтинг баар», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Евгений Юшкевич.

«Астра» хампаанньа бөлөҕүн Саха сиринээҕи сүрүн партнерунан «ВИ ИНТЕГРАЦИЯ» ХЭТ хампаанньа буолар. Кини бэрэстэбиитэллэрэ өрөспүүбүлүкэни бүтүннүүтүн дойду бырагыраамаларынан хааччыйаллар, тэхэньиичэскэй көмөнү оҥороллор. «ВИ ИНТЕГРАЦИЯ» ХЭТ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Игорь Сысолятин бэлиэтээбитинэн, «Астра» хампаанньа бөлөҕүн бородууктатыгар наадыйааччы кэнники сылларга уон төгүл улаатта.

«Биһиги өрөспүүбүлүкэ оройуоннарын уонна биэдэмэстибэннэй тэрилтэлэрин кытары үлэлэһэбит. Соторутааҕыта СӨ Мэдиссиинэ информационнай-аналитическай киинин оробуочай миэстэтин 30%, ону таһынан Айхаллааҕы балыыһаны дойду систиэмэтигэр көһөрдүбүт. Миирнэй оройуонугар технологическай аудит оҥордубут. Чугастааҕы кэмҥэ Алданы, Нерюнгрины, салгыы Бэрдьигэстээхтэн Ньурбаҕа диэри хабар былааннаахпыт. «Астра» систиэмэлэрин туруоруу уустук буолбатах, онон саҥа саҕалааччы киһиэхэ эмиэ табыгастаахтар. Тас көстүүтүнэн Microsoft-тан туох даҕаны уратылара суох, син биир бу систиэмэ курдук үлэлиир. Ону сэргэ систиэмэ атын тэриллэри кытары толору дьүөрэлэһэр. Оттон биир саамай ордугунан – көмүскэллээҕэ буолар», — диэтэ Игорь Сысолятин.

Хампаанньа уонна бородуукта туох ордуктаахтарый?

Аан бастаан хампаанньа бөлөҕө икки бородууктаны таһаарбыта – Astra Linuх операционнай систиэмэни итиэннэ «Брест» виртуализация систиэмэни. «Астра» хампаанньа бөлөҕө бөдөҥ корпоративнай сакаасчыттарга бородууктатын батарар улахан уопуту ылан баран, дойду операционнай систиэмэтин баазатыгар, тэрилтэлэр инфраструктураларын оҥорор соругу быһаарарга, килийиэннэргэ толору сөп түбэһэр, бырагырааманан хааччыллыы интегрированнай киэҥ экосистиэмэтэ наадатын өйдөөбүтэ.
Ол иһин хас да сыл анараа өттүгэр бырагырааманан хааччыллыы баазатын уонна наадалаах сервистэрин тэрийии саҕаламмыта: операционнай систиэмэттэн саҕалаан, СУБД, виртуализация, VDI, дааннайдары харайыы, туһанааччыны салайыыттан консалтиҥҥа уонна техөйөбүлгэ диэри оҥорор буолбута. Бүгүн хампаанньа бэйэтэ 16 бородуукталаах, ону таһынан «Астра» ПО кытары биир сибээстээхтик үлэлиир, хас да тыһыынча бырагыраамматтан турар уонна партнердарын аппараатынан хааччыйар, бииргэ быһаарыыны ылынар, киэҥ экосистиэмэ буолар.

Билигин бырагырааманы оҥорооччу операционнай систиэмэни эрэ буолбакка, бэлэм, ситэриллибит, көмүскэллээх быһаарыылаах, сакаасчыт араас баҕатын олоххо киллэрэр бородууктаны таһаарар. Онуоха ити кэлим систиэмэни оҥорон таһаарааччы эрэ аҥардастыы арыаллыыр.

Куттала суох уонна эрэллээх буолуута – хампаанньа бөлөҕүн кылаабынай куоһурунан буолар. Astra Linux аан бастакыттан ИТ-инфраструктураны төһө кыалларынан көмүскүүр сыаллаах тэриллибитэ. Бу ылыммыт санаатын ырытан оҥорооччу атын бородуукталарыгар эмиэ тутуһар. Иккис үчүгэй өрүтэ, бастакыны кытары сибээстээх – мэлдьи саҥардыллан иһиитэ.

Билиҥҥи кэмҥэ араас саҥа атаакалар уонна вирустар күн аайы элбээн иһэллэр. Бырагырааманы ырытан оҥорооччу (вендор) ити бырассыаһы кэтээн көрөр уонна төһө кыалларынан түргэнник онуоха утары туруон сөптөөх саҥардыыны таһаара сатыыр.

Үсүһүнэн – бородуукта сервиһин сыһыана. «Астра» хампаанньа бөлөҕө уонна кини партнердара бырагырааманы атыылыыр эрэ буолбатахтар, ону таһынан туруорарга, үлэлэтэргэ, исписэлиистэри үөрэтэргэ көмөлөһөллөр, сүбэ биэрэллэр уонна салгыы тэхэниичэскэй өйөбүлү оҥороллор.

«Биһиги операционнай систиэмэбит тустаах тэрилтэттэн сертификаттаах уонна информацияны бары өттүнэн көмүскүүр сириэстибэлээх. Атын бородуукталарбыт эмиэ оннук көмүскэллээхтэр», — диэн бэлиэтиир Евгений Юшкевич.

Туһанааччыларга табыгастаах уонна ордук үчүгэй

Дойду операционнай систиэмэтэ табыгастааҕын туһунан Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай институтун цифровизацияҕа проректорын эбээһинэһин толорооччу Валентин Черкашин бэлиэтиир. Институт «Астра» хампаанньа бородуукталарыгар көһөн эрэр, билиҥҥитэ Astra Linux уонна офич бакыатын 200 лицензията атыылаһылынна.

«Операционнай систиэмэни кытары мин сүүрбэттэн тахса сыл үлэлиибин уонна холобурдаан эттэхпинэ, бастаан бары сөбүлүүр Windows 7 кэлбитэ, оттон ким да сөбүлээбэт Windows 8 кэлбитэ да, соторунан үөрэнэн хаалбыттара. Билигин эмиэ оннук буолла – саҥаны барытын куттана ылынаҕын, ол гынан баран аҕыйах ый үлэлээт, биһиги дойдубут систиэмэтэ уустуга суоҕун, киһи үөрэниэн сөбүн өйдүүгүн. Биһиги бородууктабытын номнуо тургутан көрдүбүт уонна күүскэ сайдан иһэрин өйдөөтүбүт. Онтон биһиги олус үөрэбит уонна институппутугар туттуохпут», — диэн Валентин Черкашин санаатын үллэһиннэ.

Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ бэйэтин технологическай тутулуга суох буолуутун сыыйа бөҕөргөтөр. Оттон дойду ИТ-быһаарыныытын бары кыаҕын көдьүүстээхтик туһанарга «Астра» хампаанньа бөлөҕөр бэйэтэ оҥорон таһаарбыт бырагырааматын кытары үлэлииргэ, үөрэхтээһин бары таһымын хабар, элбэх өрүттээх үөрэтии систиэмэтэ тэрилиннэ. Бүтүн үөрэтэр бырагыраама үлэлиир, ону сотору кэминэн Саха сиригэр сайыннарар былаан баар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -2°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 64% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: