Такайыыларгын, кэриэс тылларгын умнуохпут суоҕа!

Такайыыларгын, кэриэс тылларгын умнуохпут суоҕа!

Ааптар:
12.02.2024, 14:00
Бөлөххө киир:

Ытык мааны сахам дьоно, аймахтар, доҕоттор!

Бу сарсыарда, хойутаабыт сөмөлүөккэ киирээри туран, куһаҕан сонуну истэн соһуйан, тылбыттан мэлийэн уонна долгуйан, дьиэбэр төнүннүм. Бүгүн 95 cыллаах тоҥ хаарын тобулу үктүү сылдьан, саха норуотун киэн туттар бөлүһүөгэ, биология билимин дуоктара, профессор, Арассыыйа билимин академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, Саха сирин билимин академиятын академига, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо Никита Гаврилович Соломонов бу Орто дойдуттан букатыннаахтык күрэннэ. Быйыл уһун үйэлээх баар-суох киһибитин 95 саастаах үбүлүөйүнэн күһүн маанылаары кэтэспиппит табыллыбата. Дьылҕаны, биология сокуоннарын манна кыайбыт, уларыппыт суох.

Учууталбыт Никита Гаврилович уһун дьоллоох олоҕу олордо. Ол да буоллар, оҕо сааһа ыарахан кэмҥэ ааспыта, уолчаан ыарытыйар уонна харалтата суох оҕо буола сылдьыбыттаах. Хоту дойдуга дьонун кытта көскө сылдьан, ыарахан олоҕу билбитэ. Онно: «Хата, нууччалыы билэр буоламмын бөрөбүөтчүтүнэн үлэлиир этим», – диирэ. Оҕо, эдэр сааһын ыарахан диэбэккэ, ол кэмнэрин кэпсиирин сөбүлүүрэ. «Уһун олоҕу олорбуппар бу түбүркүлүөс ыарыыта дьайда быһыылаах», – диирэ. Били, Чарльз Дарвинын естественнэй отбор теориятын дакаастаан.

Биһиги кэнники сылларга үлэбитинэн уонна араас боппуруостарга бииргэ элбэхтик үлэлээн, көрсөн, сэһэргэһэн, бииргэ айаннаан сылдьыбыппыт. Сарсыарда аайы Россия билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киинигэр кэлэн, кэпсээнин саҥа билим историятыттан саҕалааччы. Саҥаттан-саҥа остуоруйалар – күнүн-дьылын чуолкайдаан туран. Никита Гавриловичпыт дьиҥ-чахчы бэйэтэ хаама сылдьар энциклопедия этэ. Бу хантан маннык элбэх информацияны сарсыарда аайы ылара буолуой диэн мин наһаа интэриэһиргиирим. Бу дьоҕура бар дьону эмиэ наһаа сөхтөрөр этэ. Кэпсээн барда да, киһини умсугутара, ымсыырдара. Уус тыллаах сэһэнньит бэрдэ, араатар мааныта кини этэ! Чаҕылхай, мындыр өйдөөх, күнү-дьылы, ааттары олох булкуйбат буолара. Сыыппараны булкуйдаххына бүтэҕин – сэмэлэнэҕин.

Ол ыарахан олоҕо дьайдаҕа буолуо, эдэр уол үөрэххэ тардыһан, билим кэрэ абыгар угуйтардаҕа. Элбэҕи ааҕан, элбэҕи билэн, айар үлэҕэ, айылҕа дьиктитин үөрэтиигэ айылыннаҕа. Эдэр сааһыгар эрдэ учуонай буола охсубута. Алыптаах биология билимэ олоҕун, дьолун биир кэрэ кэрчигэ, бүтүн олоҕун тутула буолбута. Соторунан Арассыыйа академиятын Саха сиринээҕи филиалын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, онтон Биология институтун дириэктэринэн үлэлээн, Арассыыйа билимин Аан дойду таһымыгар тириэрдэр, климат уонна биология билимнэригэр эпохальнай научнай уларыта тутууну оҥорор. Бу кэмнэри кини элбэхтик ахтара, саныыра, ону кини элбэх научнай ыстатыйалара, кинигэлэрэ туоһулууллар.

Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбатыгар уонна Үрдүкү Сэбиэтигэр улахан дуоһунастарга үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ биллиилээх государственнай уонна общественнай деятелин аатын сүкпүтэ.

Никита Гаврилович оҕолоругар, аймахтарыгар, үөлээннээхтэригэр, доҕотторугар дириҥ кутурҕаммын тириэрдэбин. Хаалбыт дьоҥҥо бу улахан хомолтолоох ыар сүтүк. Учууталбыт, убайбыт, аҕабыт, биһиги Эйигин куруук өйдүү-саныы, биһиги таспытыгар баар курдук саныы сылдьыахпыт. Эн такайыыларгын, кэриэс тылларгын умнуохпут суоҕа! Быдан сылларга быраһаай, Никита Гаврилович!

Трофим Христофорович Максимов,

биология билимин дуоктора, Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: