Таксыыстар сыананы үрдэтэ сатыыллар. Тоҕо?
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү уонна Ньурба улуустарын таксыыстара социальнай ситиминэн дьону таһар өҥөлөрүн иһин сыананы үрдэтэр туһунан суруйбуттара. Ол ис хоһооно маннык.
«Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо уонна ыалдьыттара! Бэнсиин уонна гаас сыаната үрдээбитинэн итиэннэ суол-иис мөлтөҕүнэн сибээстээн, атырдьах ыйын 1 күнүттэн Үөһээ Бүлүү – Дьокуускай, ону тэҥэ Дьокуускай – Үөһээ Бүлүү хайысханан сыана 3500 солк. буоларын иһитиннэрэбит!» диэн биллэрии нэһилиэнньэни аймаата. Ол кэннэ аны Ньурба улууһун социальнай ситимнэринэн эмиэ маннык ис хоһоонноох биллэрии тарҕанна. Таксыы сыанатын тоҕо үүнэ-тэһиинэ суох үрдэтэрий?
Тоҕо диэтэххэ, уматык сыанатын судаарыстыба сатаан хонтуруоллуур кыаҕа суох, ырыынак сокуонунан эргинээччи бэйэтэ сыананы быһар. Ньиэби-гааһы хостооһунтан, таҥастааһынтан саҕалаан, собуоттан тахсыар диэри аан дойду бииржатыгар төһө буоларынан уонна акцизтар уларыйыыларыттан сыаната тутулуктанар. Бэнсиин биирдиилээн атыыга былырыын 2023 сыл от ыйыгар уонна алтынньыга эрэ сыаната үрдээбитэ. Ааспыт сыл бииржаҕа бэнсиин сыаната 2022 сылы кытары тэҥнээтэххэ, 70% улааппыта. Ол кэннэ бэнсиин сыаната уларыйбакка турарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Оччоҕо тоҕо сыананы үрдэтэллэрий?
Сыана кэмитиэтин эппиэтэ
РФ Бырабыыталыстыбатын 07.03.1995 сыллаах 239 №-дээх «Сыана тарыыптарын судаарыстыбаннай бэрээдэктээһин дьаһалын туһунан» уурааҕар уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын 22.11.2007 сыллааҕы 468-с №-дээх «СӨ сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин туһунан балаһыанньаны бигэргэтэр туһунан» уурааҕар сөп түбэһиннэрэн, автомобильнай тырааныспарынан дьону таһыы тарыыбын судаарыстыба бэрээдэктиир кыаҕа суох эбит. Ол оннугар улуустар икки ардыларыгар сылдьар дьону таһар уопсастыбаннай тырааныспар тарыыбын судаарыстыба бэрээдэктиир кыахтааҕын суруйаллар. Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ бу реестргэ олоҕуран оптуобустарынан дьону таһыы кээмэйин маннык хайысхаларынан: Дьокуускай – Нам – Хатырык; Дьокуускай – Покровскай – Мохсоҕоллоох; Дьокуускай – Маҥарас – Бэрдьигэстээх; Аллараа Бэстээх – Чурапчы олохтообут.
Манна даҕатан эттэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар олоҕуран бэйэни салайыныы муниципальнай оройуоннара уонна куораттааҕы уокуруктар бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар дьону таһыыга тарыыбы бэрээдэктиир кыахтаахтар эбит.
Онтон атыныгар, ол иһигэр тарыыбы ырыынак сокуона ыйар-кэрдэр диэн буолар. Ол биллэн турар, биэнсийэлээх, кыра хамнастаах киһи хармааныгар улахан охсуулаах буолара саарбаҕа суох.
Сыана араастаһыыта
Сунтаарга сайын былырыын 5000 солк. буоллаҕына, быйыл сайыҥҥыттан паром сылдьыаҕыттан 7000 солк. диэри үрдээбит, оттон Бүлүү улууһун киинигэр диэри 2000-2500 солк. эбит буоллаҕына, билигин 3000 солк. тиийдэ.
Өссө мин бу сыыппаралары хабаатыннаран аахтым, мин билэр таксыыһым 3000-4000 солк. уматыкка барар диир, оччотугар барыһа өссө улаатар.
Дьокуускайтан улуус кииннэригэр диэри таксыы билиҥҥи сыаната маннык буолан турар. Манна сайыҥҥы сиринэн сырыы баар улуустарын эрэ киллэрдибит. (Таб. көр).
Ааҕан-суоттаан көрдөххө
Билигин бары да таксыыстар гаас уматыкка көстүлэр, Дьокуускай куоракка гаас уматык от ыйын 24 күнүнээҕи туругунан, ортотунан, 1 лиитэрэ 30.50 солк. СӨ сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ сыана былырыыҥҥыттан уматыкка үрдүү илигин бигэргэтэр. Итинэн аахтахха, таксыыстар сыаналарын «искусственнайдык» эбэтэр халлаантан ылан үрдэтэллэр диир сөп курдук. Мантан салгыы Бүлүү бөлөх уонна Илин эҥэр улуустарыгар таксыыстар төһө барыстаналларын Үөһээ Бүлүү уонна Таатта холобуругар көрдөрүөм.
Холобур, Таатта улууһун ылыахха. Дьокуускайтан Ытык Күөлгэ диэри 253 км, айан үчүгэй суолга 3:12 ч. буолар, уматык А-95 – 67,00 солк., 100 км-гэ 10 л бэнсиини барыыр, ол аата 25 л барар, оччоҕо уматык уопсай суумата 1675 солк. тэҥнэһэр. Оттон таксыы кыччаабыта 7 киһини ылар, оччотугар биир сырыыга 14000 солк. буолар. Мантан бэнсиинин 1675 солк. уонна Дьокуускайтан Бэстээххэ диэри туоруур паромун сыанатын 2100 солк. көҕүрэтэбит, таксыыс биир сырыытыгар барыһа 10225 солк. тэҥнэһэр. Өскөтүн күн өрүү-өрүү дьону таһар буоллаҕына, ыйга 153375 солк. барыһырар. Биллэн турар, массыына алдьанар-кээһэнэр, онно саппаас чааһы ыларга эмиэ барыыллар.
Оттон Бүлүү бөлөх улуустарыттан Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр диэри быһа холоон ааҕар буоллахха, А-95 бэнсиин – 69 солк., 8-9 чааһынан айаннаан тиийэҕин, 100 км-гэ 10 л бэнсиини барыыр, ол аата 656 км 65 л барар, оччотугар 4485 солк. барар. Үөһээ Бүлүүгэ диэри тарыып 3000 солк., 7 киһилээх микроавтобуска – биир сырыыга 21000 солк. өлөрөр, онтон уматыгын сыанатын көҕүрэтэбит, оччоҕо 16515 солк. барыһырар. Күн өрүү-өрүү айаннаатаҕына, ыйга бу таксыыс 247725 солк. барыһырар.
Өссө мин бу сыыппаралары хабаатыннаран аахтым, мин билэр таксыыһым 3000-4000 солк. уматыкка барар диир, оччотугар барыһа өссө улаатар. Бу таксыыстар бары дьону таһар көҥүллээхтэрэ саарбах. ГАИ тохтоттоҕуна сорох суоппардар, аймахтарбытын кытары сыбаайбаҕа, үбүлүөйгэ баран иһэбит диэриҥ диэн көрдөһөр эбэтэр анал олбоҕо суох кыра оҕолору саһыара сатааһын да түгэннэрэ эмиэ баар буолааччы.
Үөһэ аахпыппыт курдук, бэнсиин сыаната былырыыҥҥыттан үрдүү илик да буоллар, наар онуоха уонна суол куһаҕаныгар сигэнэллэр. Дьиҥэ, суол куһаҕан буоллаҕына, тустаах эппиэтинэстээх тэрилтэттэн толуйууну ирдэһэр ордуга буолуо уонна оччо алдьанар тиэхиньикэлээх буоллаҕына, суоппар саппаас чааһыгар сыллааҕы дохуотуттан ордорунан ылыахтааҕа буолуо. Оттон биһиэнэ мэлдьи буоларын курдук сиэри таһынан.
Харчыга хараҥарыы сыанан аҕаабат
Дойдутугар биирдэ эмэ баран кэлэр билэр киһим кэпсээн турар, чугас аймаҕым өлөн, тиһэх суолугар атаараары таксыынан айаннаан иһэн бэйэм тиһэх суоллана сыстым диэн. Таксыылар харчыны сырсаннар, түүн тиийээт ситэ сынньаммакка, сарсыарда төннөллөр, аһара түргэнник сылдьар эбит, суоппарбыт уутун хаммакка, айаннаан иһэн утуйан, саахалга түбэспиттээхпин диэн кэпсээн турар.
Киһи биирдэ олорор, доруобуйаны да, олоҕу да атыылаһан ылбаккын. Биирдэ олорор олоххо, кэннитэ кээнчи да буоллун диэбэккэ, сиэрдээхтик сылдьыахха, олоруохха наада. Баҕар таксыылары кытары сибээстээх, үгүс элбэх суол саахала онтон тахсара буолаарай, таксыыстар ону толкуйдаан көрбүккүт дуо?
Бу күннэргэ «Таксыы» суһал-сэрэтэр тэрээһин, эриэйдэ ыытыллара былааннанар. Быйылгы сыл бастакы аҥаарын түмүгүнэн, Саха сиригэр дьону таһыыны кытары сибээстээх 20 суол быһылаана тахсыбыта бэлиэтэммит, онно 1 киһи өлбүт уонна 26 киһи араас эчэйиини ылбыт. Онон бу сырыыга Суолу-ииһи кэтээн көрөр судаарыстыбаннай иниспиэксийэ үлэһиттэрэ таксыы суоппардарын эрэ буолбакка, тиэхиньикэ туругун эмиэ бэрэбиэркэлиэхтэрэ.
Улуус км Сыаната (солк.)
Горнай 186 500-1000
Бүлүү 581 3000
Үөһээ Бүлүү 656 2500-3000
Ньурба 796 4000
Сунтаар 964 7000
Ленскэй 1040 12000
Мииринэй 1154 8000
Мэҥэ Хаҥалас 66 1300
Уус Алдан 127 1500
Нам 84 600-700
Амма 198 2300
Уус Маайа 379 5000
Таатта 256 2000
Чурапчы 177 1500
Нерюнгри 809 5000
Алдан 534 3500-4000
Өймөкөөн 1018 8000
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: