Талааннаах киһи барытыгар талааннаах

Share

Быйылгы сыл биир соһуччу ситиһиитэ туох диэтэххэ, Чурапчыттан Гавриил Михайлович Яковлев оҕунан ытыыга эр дьоҥҥо Арассыыйа чөмпүйүөнүнэн буолуута диэххэ сөп.

Гавриил Михайлович Яковлев диэн кимий?, тугуй? диэн кинини үгүс билбэт дьон ыйытара чуолкай.

Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро: “Ганя оскуолаҕа үөрэнэригэр абытай кыанар уол этэ. Успуорт бары көрүҥэр дьарыктанара. Волейбол, баскетбол, сүүрүү, ыстаныы бары көрүҥэр, хайыһар, саахымат. Мындаҕаайыга химия учуутала Андрей Андреевич Брызгаев боксаҕа дьарыктаабыта. Оскуоланы Чурапчы Кытаанаҕар бүтэрбитэ”, – дэһэллэр.

СГУ физикаҕа-математика бакылтыатыгар бииргэ үөрэммит доҕотторо: “Гавриил сытыы-хотуу, сэргэх уол этэ. Билигин талбыт идэтигэр, успуорка ситиһиилэринэн тумус туттар үөлээннээхпит. Үөрэххэ киирээт буокса тириэньэрдэригэр А.А. Карпенкоҕа, В.П. Шитиккэ умсугуйан туран дьарыктаммыта. Өрөспүүбүлүкэ биир чулуу боксера буолбута. Саха сирин боксаҕа 7 төгүллээх чөмпүйүөнэ, Саха сирин норуоттарын Спартакиадатын кыайыылааҕа, Уһук Илин уокурук икки төгүллээх боруонса призера. Оччотооҕу “Спартак”, “Урожай” ДСО араас таһымнаах күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа”, – диэн бэлиэтииллэр.

Оскуолаҕа бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ: “Гавриил Михайлович биһиги киэн туттар учууталбыт. Дмитрий Петрович Коркин аатынан успуорт оскуолаҕа университеты бүтэрээт физика учууталынан үлэлии кэлбитэ. Уонна 47 сыл айымньылаахтык, оҕоҕо билиини биэрэрдии күн бүгүн үлэлии сылдьарынан киэн туттабыт. 1992 сыллаахха Саха сирин учууталларын куонкуруһун кыайыылааҕа. 1993 сыллаахха Бүтүн Арассыыйатааҕы учууталлар куонкурустарыгар кыттан биэс бастыҥ финалист ахсааныгар кини аата баарыттан үөрбүппүт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Арассыыйа үтүөлээх учуутала”, – диэн киэн тутталлар.

Саха сирин оҕунан ытааччылара Гавриил Михайлович өрөспүүбүлүкэҕэ традиционнай оҕунан ытыы сайдыыны ылар кэмигэр 2019 сыллаахха биһиги кэккэбитигэр киирбитэ диэн этэллэр. Сааһырдым диэбэккэ, сыал сорук туруорунан, анаан-минээн күҥҥэ иккитэ дьарыктанарын, биир да күрэхтэһиини көтүппэккэ күрэхтэһэрин, ол түмүгэр итинник улахан ситиһии кэллэ диэн бэлиэтииллэр.

“18 м дистанцияҕа уһуктаах оноҕоһунан ытыыга бастакы миэстэни ылла. Павел Михайлович Стасов Саха сиригэр оҕунан ытыыны сайыннарбыт томторугар, өр сыллар кэннилэриттэн Арассыыйа чөмпүйүөнүн үрдүк аатын аҕалбыта өссө биир туспа бэлиэтэнэр түгэннээх”, – диэн этэллэр.

Оҕунан ытыыга мас тардыһыытын сыһыаран кэпсээтэххэ, Гавриил Михайлович маннык этиилээх: “Тирэнэр маскыт уһуна 2 м. Икки миэтэрэ үрдүктээх киһиэхэ мэхээникэ сокуонунан “силовой треугольник” диэн үөскүүр. Ону суох оҥорор инниттэн тирэнэр маскыт уһунун 2.20 м. оҥоруҥ”, – диэн сүбэлиир. Оҕунан да ытыытыгар, сэрэйдэххэ, физика сокуонунан тугу эрэ толкуйдаабыт буолуохтаах.

Гавриил Михайлович олоххо ситиһиилэринэн биири этиэхпин баҕарабын – талааныгар суолта биэрбит киһи туохха барытыгар ситиһиилээх.

Ылдьаа СКРЯБИН.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago