Талааннаах модельер Августина Филиппова 75 сааһын туолла

Талааннаах модельер Августина Филиппова 75 сааһын туолла

01.08.2023, 13:52
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Киһи тоҕо таҥнарый? Сыгынньах этин сабаары, тымныыттан харыстанаары эрэ дуо? Кырдьыга, былыр оннук этэ. Тыһыынчанан сыллар усталарыгар таҥас табыгастаах, сылаас буоларын таһынан, уларыйан, кэрэ көстүүлээх, араас моһуоннаах, быһыылаах, муодалаах буолла. Муоданы сырсан, сайдыыны батыһабыт диэн куоһурданан, таҥаспытын, ааппытын кытары, арҕааҥы омуктар гиэннэригэр уларыппыппыт хас да үйэ буолла. Тохтоло суох бара турар балысхан сайдыыттан хааларбыт эмиэ да сатаммат курдук буолуо. Ол эрэн аныгы сайдыылаах олоххо өбүгэбит үйэлэргэ чочуйан илдьэ кэлбит таҥаһа-саба туох суолталааҕын умнубаппыт буоллар дуу…

Сырдык тыыннаах оһуор ойуу

Хаар-муус дойдуну иччилээбит, сылаас тыыннаабыт өбүгэлэрбит барахсаттар таҥастара-саптара, бастатан туран, тоһуттаҕас тымныыттан, күһүҥҥү-сааскы силбиктэн, курас тыалтан харыстыыр аналлааҕа. Хас биирдии кичэллик анньыллыбыт сиигэ, оһуора, киэргэлэ тымныыны тутарын таһынан, куһаҕан дьайтан харыстыыр, көмүскүүр суолталааҕа.

Ону ааһан, сылы эргиччи үөскүү-күөрэйэ турар бүппэт түбүктэн, тиийиммэт, аас-туор олохтон, тыыннаах буолар туһугар хачыгырайартан сылайбыт саха дьахтара барахсан сырдык ыратын, кэрэҕэ кэрэхсэбилин, дьолго тардыһыытын, аһыныгас, үтүө санаатын дьэрэлийэн тахсар оһуорга, дьэрэкээн өҥнөр дьүөрэлэһиилэригэр, ойууга-мандарга саһыарбыт эбит.
Санаан да көрдөххө, кырыымчык аас-туор олоххо олорор, икки хараҥаны силбээн наар үлэлээн хачыгырайар киһи баллырдаан, саба тутан, тутуу былдьаһан, сылаас эрэ буоллун диэн тигэн, оҥорон кэбиспэккэ, тоҕо ойуулаан-мандардаан, киэргэтэн, уустугурдан оҥороро буолла? Айыы тыына, айылҕаттан бэриллэр талаан, норуот кэрэҕэ тардыһыыта баар буолан, өбүгэлэрбит биһиэхэ үрдүк культураны хааллардахтара. Ол ону сыаналыах уонна киэн туттуох кэриҥнээхпит.

Оһуор харыстыыр, арчылыыр

Үөрэхтээхтэр суруйалларынан, киһи этигэр-сиинигэр хаан эрэ буолбакка, уу-хаар, ньэгир (энергия) эмиэ сүүрүгүрэр. Киһи ньэгирэ сиһин тоноҕоһун устун сүүрүгүрэр уонна сэттэ ойбонноох (чакра) буолар эбит. Бу ойбоннору туора харахтан, куһаҕан дьайыыттан харыстаан, күрүөлээн үрүҥ көмүс киэргэл, эбэтэр түүлээх таҥас харысхал оҥорор буолар эбиттэр.

Холобур, бастыҥа ортотугар, сүүс ортотунан төгүрүк туоһахталаах, үрүҥ күннээх, ити ойбону хаххалыыр, харыстыыр аналлаах. Ол курдук илин, кэлин кэбиһэргэ ортотунан эмиэ оннук күннээх. Кэбирэх сиринэн – икки чэчэгэйинэн бастыҥа салбырҕастара түһэллэр. Киһи ньэгирэ бэгэччэгинэн куотан тахсыбатын диэн бөҕөх кэтэллэр. Кур, бэргэһэ, этэрбэс – барыта харысхал ойуулаах буолара.

Оһуор – түҥ былыргыттан кэлбит, үгүһү кэпсиир суолталаах, кистэнэ сылдьар информациялаах ойуу. Айбыт киһи олоҕу көрүүтүн, бөлүһүөктүү санаатын, алгыһын оһуор нөҥүө тиэрдибит буолуон сөп.

Сүрэх ойуу, үнүгэс ойуу, лоһуор ойуу, харысхал, тыҥырах, ураһа, сарбынньах, таҥалай, дьураа, хабарҕа, охторуу, илим хараҕа. саахыматтыы, эрэдэһин, бүөр ойуу, таба муоһа, биэс харахтаах харысхал ойуу, хой муоһа о.д.а. – хас биирдиилэрэ туспа ааттаах, арааһа элбэҕин! Сиик арааһа эмиэ сириэһиҥҥэ, тигиигэ, ойуу-дьарҕаа сиигэр, ии тигиитигэр арахсан барыта биэс уон биэс көрүҥэ баар диэн Мандар Уус кинигэтигэр суруйар. Дьэ, бу хайдаҕый!

Элбэхтэн биири ылан көрдөххө, киэҥник тарҕаммыт көҕүөр ойуу – байылыат олоҕу, сириэдийиини, чэлгийиини кэрэһэлиир алгыс буолар.

Саха таҥаһын арааһа

Мандар Уус суруйарынан, аҥардас атах таҥаһын 28 көрүҥэ (олооччу, тулламай, төттүк этэрбэс, түнэ баһарҕас, лэҥкирэ, күлүмэн, саппыйаан, саары чоочой, сарыы тирэҥсэ, эмчирэ, куруму, ииччикэ о.д.а.), сутуруо 5 көрүҥэ, сыалдьа 14 көрүҥэ (сыппа, истээх сыайа, сарыы сыалыйа, тураҕас түнэ, кураахтаах сыайа, чурумчу тураҕас сыайа, бадыҥкый о.д.а), сон 21 көрүҥэ (хахыр сон, сарыы сон, хомуһуол, дьогдьуурдаах суккун сон, бүүрүктээх сон, оноолоох сон, таҥалай сон, кэдьиҥэ таҥалай, бууктаах сон, хотойдоох сон, бөрө бөртөлөөх сон, кэһиэччик, о.д.а.), саҕынньах 11 көрүҥэ (огдоко, арбаҕас, баттах саҕынньах, быыһык саҕынньах, тоҕус саһыл уорҕата саҕынньах, мааны саҥыйах, быыһык саҕынньах, дьогдьуурдаах, иҥээһиннээх саҕынньах, о.д.а.), ырбаахы 6 көрүҥэ (халадаай, оноолоох, байбаралаах, сарыы, даба, туу ырбаахы), үтүлүк 8 көрүҥэ (тыс үтүлүк, тарбахтаах сарыы биристээҥки, тоҕоноххо тиийэр уһун үтүлүк, халтаҥ тирии үтүлүк, ыт үтүлүк, о.д.а.), бэргэһэ 23 көрүҥэ (чомпой, хороох, күөс, сарыы ньалака, хабах, баттах, балык тириитэ хаппаах, сааппыска, дьорбуоҥка, торҕо, тыс, муостаах, нуоҕайдаах, ньамыаскалаах, өргөстөөх, дьабака, ураһа, чаамык, куоөас түүтэ о.д.а. бэргэһэлэр), хаттык таҥас 10 көрүҥэ (моойторук, сүүс таҥаһа, мурун сабыыта, эрбэх хаата, ытыс көхсүн хаххалыыр бэлэпчи, хабах таҥаһа, сиһи харыстыыр бааччы, бэгэччэк таҥаһа, түһүлүк), орон таҥаһын, олбох 19 көрүҥэ баара үһү.

Дьэ, хайдахтаах курдук арааһа, көрүҥэ элбэҕий! Маны барытын хантан да атыыласпакка, тириини таҥастаан, имитэн, түүлээҕи аттаран, иҥиир сабы хатан баран, илиинэн тигэн, киэргэтэн иистэниэх диэтэххэ, хайдахтаах тулууру, сыраны эрэйэр, түүннэри имик-самык уокка харах дьүккэтэ тулуйбат, ииспэрэй, бырыынчык үлэтэй!

Саха дьахтара барахсан бу маны барытын буолуохтааҕын курдук ылынан, кыайа-хото туппутун түмүгэр, норуот баччаларга тыыннаах кэллэҕэ диэн түмүккэ кэлэҕин.

Удьуор утум уһуктуута

Ол да буоллар, бу бэйэлээх культурабытын «хаалынньаҥ олох көстүүтэ» диэн умна сыстыбыт буолбаат! Отучча сыллааҕыта сахалыы таҥаспыт туох да оһуора-мандара суох, сүрдээх боростуой, хотугулуу үс муннук ойуунан киэргэтиллибит буоларын билигин кэлэн сөҕө саныыгын. Итиччэ баай ис хоһоонноох, сиэдэрэй иистээх эрээрибит, аҕыйах сыл иһигэр умнулла охсубута тоҕо бэрдэй! Сэбиэскэй былаас салгыы туругурбута, олохпут тутула уларыйбатаҕа буоллар, таһыччы умнуо да этибит.

Манна биир ыйытыы күөрэйэн тахсар: аныгы олоххо сахалыы таҥаһы таҥныы төһө оруоллааҕый? Билиҥҥи талбыт эрэ таҥас элбэҕэр сахалыы таҥнан тугу туһанабытый? Аныгы үрдүк ирдэбилгэ сахалыы таҥаспыт эппиэттиир дуо? Биллэн турар, киһи кэтэригэр табыгастаах, хараҕа таптыы көрөр кэрэ көстүүлээх эрэ буоллаҕына, аныгы киһи сахалыы таҥнар баҕалаах.

Саха дьолугар төрөөбүт, талааннаах модельер Августина Николаевна Филиппова саха таҥаһын таһаарарга, дьон санаатын уларытарга айылҕаттан ананан кэлбит эбит диэтэххэ, сыыһа буолбат. Кини 90-с сыллартан саҕалаан, сахалыы таҥаһы аныгылыы моһуоннаан, өйүн-санаатын киэҥник үлэлэтэн, омугуттан тутулуга суох көрбүт эрэ киһи сөҕөр-махтайар кэрэ айымньылары айан таһааран, дьон-өйүгэр улахан уларытыыны таһаарбыта. «Биһиги таҥаспыт-саппыт маннык сиэдэрэй, уран оҥоһуулаах, ураты кэрэ буолар эбит» диэн сөҕүү-махтайыы буолбута. Национальнай таҥаһы кыбыстыбакка кэтии саҕаламмыта.


Августина Филиппова билиҥҥи кэмҥэ саха таҥаһын үрдүк таһымҥа таһаарда, аар-саарга ааттатта.

Модельер иис төрүт үгэстэрин сиһилии үөрэтэн баран, норуот духуобунай кутугар, ис им өйүгэр олоҕуран, бэйэтэ фантазийнай моделлары айан таһаарар. Этэрбэһиттэн бэргэһэтигэр тиийэ толору таҥаһы-сабы тигэр. Хас биирдии ытыс саҕа лоскуйа толкуйдаммыт, оһуора-мандара өҥүнэн дьүөрэлэспит, олус бириинчик, капитальнай оҥоһуктар. Тириини, кылы, туоһу, сэлии муоһун, оҕуруону, сыаналаах таҥастары туһанан, үрдүк хаачыстыбалаах айымньылары оҥорон таһаарар… Аҥардас оҕуруону тиһэрэ дьэрэкээнин! Саха чыпчаал өйүн, уус тарбаҕын, кылаан талаанын, кэрэҕэ умсулҕанын поэзията буолбаат!


Кини кэнниттэн тарбахтарыгар талааннаах иистэнньэҥ дьахталлар симэх от курдук сир-сир аайы сириэдийдилэр, ача от курдук өрө астылар. Бу маны норуот ис им өйө (генная память) уһуктубутунан, хааҥҥа баар удьуор утум эргийбитинэн сыаналыахха сөп.

Ыһыахтарга дьон-сэргэ сахалыы таҥастаах сылдьара, мааны таҥас оҥостон киэн тутта кэтэ сылдьара, көрүөххэ тоҕо үчүгэйэй! Сахалар омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр таҥаспытын кэтэр, сахалыы иһиттэн аһыыр, оҕолорбутун сахалыы ааттыыр, төрүт үгэстэрбитин эргитэ сатыыр буолбуппут – саһарҕалаах сарсыҥҥыга эрэли үөскэтэр.

edersaas.ru саайтан, 2017 сыл.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: