Талааннар чочуллар кыһаларыгар!
Ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Билим дьоҕус академиятыгар пресс-тур тэрийдилэр. Уһук Илиҥҥэ тарбахха баттанар лабаратыарыайа устун экскурсиялаттылар.
Хаҥалас улууһун Чапаев сэлиэнньэтигэр тиэрдиэхтээх оптуобуспут өр гыммата, СӨ Билим дьоҕус академиятын дьиэтин иннигэр бу хорус гына түстэ. Салалта кэтэһэн олорор эбит, академия туһунан билиһиннэрээри тута коллаборация киинигэр аһардылар.
Устуоруйа
Академия тэриллиэн иннинэ 1999 сыллаахха “Өлүөнэ кыраайа” физика-математическай пуорум аһыллыбыта. Сүрүн болҕомтону математикаҕа, физикаҕа, олимпиадаҕа бэлэмнээһиҥҥэ уураллара, интеллектуальнай өттүнэн кыахтаах оҕолор түмсэр түһүлгэлэрэ буолбута. 2015 сыллаахха СӨ Билим дьоҕус академиятыгар кубулуйбута. Эрдэтээҥҥи хайысхаларын сэргэ үөрэнээччилэр бырайыактыыр-чинчийэр үлэҕэ бастакы хардыылары оҥороллор, билим тэрилтэлэрин кытта ыкса ситимнээхтик үлэлииллэр.
“Тэрилтэбитигэр балачча улахан уларыйыы киирдэ. Бу, биһиги айдарыылаах оҕолору булар уонна өйүүр эрэгийиэннээҕи киининэн буолуубутун кытта сибээстээх. Маннык кииннэр дойду бары эрэгийиэннэригэр аһыллаллар. Биһиги билигин Уһук Илин уокурукка иккис буолабыт. Эрэгийиэннээҕи кииннэр “Сириус” үөрэх киинин тэрийэр-мэтэдиичэскэй арыаллааһынынан аһыллаллар”, – диэн проректор Александра Яковлева билиһиннэрэр.
Күн бүгүн Билим дьоҕус академията билим, бырайыактыыр үлэ, ускуустуба, успуорт, креативнай индустрия хайысханан үлэлиир. Манна дьарыктаныахтаах оҕолору сүүмэрдээн ылаллар.
Академия устун экскурсия
Билим дьоҕус академиятын ректора Василий Павлов былырыын үлэҕэ киирбит үөрэтэр куорпус устун экскурсияны тэрийэр.
“Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак иитинэн үрдүк технологиялаах лабаратыарыйаларынан хааччыйарга 200 мөл. солк. көрүллүбүт. Куорпус үлэҕэ киирээтин кытта, бу лабаратыарыйаларга куруһуоктары ыытан барбыттар. Иитиллээччилэрэ сыл иһигэр номнуо миэстэлэспиттэр, бастаабыттар. Билигин Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэлэргэ кыттан эрэллэр.
Ректор экскурсияны видео, тыас-уус устар хостон саҕалыыр. “Сахафильмы” кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, маныаха туһааннаах “Киномания” диэн симиэнэни номнуо тэрийбиттэр, оҕолор оннооҕор киинэ, ролик устубуттар. Салгыы оҕолор толкуйдарын, сурукка тиспиттэрин олоххо киллэрэр, бэйэлэрэ оҥорон таһаарыыларын сайыннарар хоско ааһабыт. Манна 3D принтертэн саҕалаан иһэрдэр ыстаансыйатыгар, улахан ыстаныагар, аппараатыгар тиийэ барыта баар. Онтон оҕолор олорон сылайбаттарын курдук успуорт саалата, тренажер хоһо үлэлиир.
Үһүс мэндиэмэҥҥэ тахсан биир ааны арыйбыппыт – газовай хроматография хоһо. “Бу араас кыырпахтары сыымайдыыр прибор. Үүнээйиттэн сүмэһинин ылан өҥ биэрэр бэссэстибэтин, ксантофилларын, о.д.а. хлорофиллары араарыллар. Холобур, оҕолор Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэри үөрэтэллэригэр, эфирнэй арыыларын ыларга туһаныллар прибор”, – диэн ректор быһаарар.
Онтон “Лаборатория культивирования клеток” диэн суруктаах хоско киирэбит. Судургутук быһаардахха, килиэккэлээх култуураны үүннэриинэн дьарыктанар, чинчийэр хос. Ламинарнай бокстар бааллар, араас микроскоптар тураллар. Салгыы молекулярнай биология, биохомия лабаратыарыйаларыгар киирэбит. Маннык үрдүк технологиялаах лабаратыарыйалары ханнык баҕарар оскуолаҕа арыйыахха сөп эбит. Арай, исписэлиис эрэ ирдэнэр. Билим дьоҕус академията бу чааһыгар дойду араас үөрэхтэрин кыһаларын, анал үөрэхтээх исписэлиистэрин, учуонайдарын кытта үлэлэһэр.
Биир хоско киирбиппит дьоҕус микроскоп, аттыгар көмпүүтэр турар. Биир бэйэм улахаҥҥа уурбатым. Арай: “Бу микроскоп олус күүстээх. Коронавирус вируһун кытары көрүөххэ сөп”, – диэн Василий Павлов эппитигэр эрэ болҕойон көрөбүн. Оҕо бэйэтэ да үлэлиэн сөп эбит. Уопсайынан, кэлиҥҥи аппарааттар кээмэйдэрэ кыччаабытын иһин, кыамталара күүһүрбүт.
АйТи технологияларга дьарыктанар хоско киирэбит. Сылайбыт оҕолор харыс да халбарыйбакка сымнаҕас олбоххо олорон ылар усулуобуйалара эмиэ тэриллибит. Үһүс мэндиэмэнтэн улахан өстүөкүлэ түннүк нөҥүө дэриэбинэ ытыска уурбуттуу көстөр. Маннык үрдүк технологиялаах аппарааттар тыа сиригэр баалларын бу түннүк эрэ санатар.
Бибилэтиэкэ букатын аныгылыы. Кинигэнэн туолбут кэккэлэспит хараҥа долбуурдар манна суохтар – түөрт эркин устун үөһэттэн алларааҥҥа диэри тиэмэлэринэн сааһыламмыттар: математика, естественнэй салаа, филология, лингвистика, уус-уран…
Оҕолор олорор блоктарын өҥөйөн ааһабыт. Сааскы сынньалаҥнарыгар физикаҕа, информатикаҕа кылааһынан дьарыктана кэлбит 9-с кылаас үөрэнээччилэрэ Лазарева Эмилияны, Шадорина Дашаны көрсөн кэпсэтэбит. Оҕолор Билим дьоҕус академиятыгар технология олус күүстээҕин уонна преподавателлэр үөрэтэр таһымнара үрдүгүн бэлиэтииллэр.
Аэрокосмическай инженерия, энэргиэтикэ
Салгыы “Лаборатория аэрокосмическая инженерия и дистанционного зондирования земли” диэн суруктаах хоско тиийэбит. “1995 сылтан Саха сирин оҕолоро космическай инженериянан көхтөөхтүк дьарыктаналлар. Бу кыра технологияттан саҕаламмыта. Оҕолор бэйэлэрин билиилэрин атын көлүөнэ оҕолорго тиэрдэн испиттэрэ, кыахтаахтарын көрдөрбүттэрэ итиэннэ “Сириус” үөрэх киинигэр дьоҕус көтөр аппарааты оҥорон таһаарбыттара билигин куосумаска көтө сылдьар. Оҕолор мантан харахтара уоттанан, билигин биһиэхэ дьарыктанар оҕолор бэйэлэрин спутниктарын оҥордулар. “Главкосмос” тэрилтэ көмөтүнэн сир аттынааҕы орбитаҕа (околоземная орбита) бу сыл бүтүүтэ көтүтэргэ бэлэмнэнэллэр”, – диэн кэпсиир. Билим дьоҕус академията уонна М.Ф.Решетнев аатынан Сибиирдээҕи билим, технология университетын кытта былырыыҥҥыттан кыттыгас бырайыагы олоххо киллэрбиттэр.
Аны оҕолор билимҥэ, технологияҕа сыстыылара итинэн эрэ муҥурдаммат. Кэнэҕэһин күн күүһүн көмөтүнэн (солнечная энергия) академияны хаччыйыахтара диэн бигэ эрэллээхтэр. Бу салааҕа үлэ номнуо саҕаламмыт. Быйыл альтернативнай энэргиэтикэ полигонугар күн панелын холбуур итиэннэ кыралаан туһанан барар былааннаахтар.
СӨ Билим дьоҕус академията бүгүҥҥүтэ ити курдук үлэлии олорор. Саҥа үөрэтэр-лабораторнай куорпус былырыын үлэҕэ киирбитэ. Саха АССР 100 сылын иитинэн тутуллубут сүрүн эбийиэктэртэн биирдэстэрэ буолар.
Оҕолоро бу курдук үрдүк технологиялаах баазаҕа, талааннар чочуллар кыһаларыгар дьарыктаныан баҕалаах төрөппүттэр СӨ Билим дьоҕус академиятын саайтыгар киирэн сайаапка ыытыаххытын, оҕолоргут сүүмэрдээһини ааһыахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: