«Талба талаан” бырайыак кыттыылааҕа Анна Хабарова-Айталыына

Share

«Иэйии»  литературнай түмсүү кыттыылааҕа, талааннаах хоһоонньут Анна Степановна Хабарова-Айталыына «Быралыйа Буура бухатыыр уонна Сыммарыйа Дохсун бухатыыр»  (олоҥхо),  «Хоһооннорум кынаттарым», «Оҕо саас — сандал саас» диэн күн сирин көрбүт кинигэлэрин биһирэмэ буолан ааста.

Манна Анна Степановна көрдөрүү-быыстапкатыгар аймахтарын кытта таһаарбыт кинигэлэрин, бэйэтин дьэрэкээн иистэрин, илиитинэн оҥоһуктарын хаартысканан түмпүт альбомун дьон көрүүтүгэр таһаарда.

«Айар Кут” сойуус  бэрэссэдээтэлин  солбуйааччы, «Талба талаан» бырайыак ааптара Зоя Никандровна-Кэкэрдэ Анна Степановнаҕа  “Талба талаан” бэлиэни уонна  «Айар Кут” сойуус чилиэнэ буоларын туоһулуур  билиэти муусука доҕуһуоллаах  туттаран, талааннаах хоһоонньут бу сойууска ылыллыбытын туоһулаата.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин  ырыа айааччыларын сойуустарын  чилиэннэрэ, ырыаһыттар Николай Протопопов, Афанасий Никулин, Айыллаана уонна Намчы үөрүүлээх киэһэни ырыанан киэргэттилэр.

Ону сэргэ Анна Степановна хомоҕой  хоһооннорун «Айар Кут” сойуус чилиэннэрэ аахтылар. Евдокия Николаевна-Чуохаана  олоҥхо күрэҕин көҕүлээн,  икки киһи дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтэ. Хоһоонньут Каджана Николаевна Евсеева-Чэлгийэ, олоҥхоһут, алгысчыт  Петр Максимович Тихонов-Тэрчи дьүүллүүр сүбэни салайан, олоҥхо туһунан бэйэтин билиитин үллэһиннэ, айар, суруйар дьоҥҥо сүбэ тылын эттэ.

Түмүккэ Наталья Платоновна Ушницкая-Дайыына Айталыына суруйбут олоҥхотун доллоһуччу ааҕан бастакы миэстэни ылла уонна Анна Степановнаттан супер-бирииһи тутта.

Анна Хабарова-Айталыына  бэйэтэ астаабыт араас тотоойу астаах сандалытын тула олорон истиҥ кэпсэтии буолла. Аймахтарын аатыттан Норуот айымньытын дьиэтин сүрүн үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Жанна Николаевна Жиркова  аймахтарын талааннарын, ситиһиилэрин кэпсээтэ. Анна Степановна Муоматтан кэлбит убайа, ырыа айааччы, ырыаһыт, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, СӨ култууратын туйгуна Афанасий Никулин баянынан ырыаларын бэлэхтээтэ.

Бары да талааннаах, ырыа куттаах халыҥ аймах дьон ырыаларынан дьоро киэһэ түмүктэннэ.

Айталыына  айар талаанын, кини киэҥ холку майгытын, хоту дойдутун курдук баай талаанын, булчут, балыксыт, асчыт, үлэһит буоларын хайҕаан, аймахтарын олонхолорун, ырыаларын сэргээн, дуоһуйа астынныбыт!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

6 часов ago