Тамалакаан олохтоохторо Олимпиада кыттыылааҕа Сардаана Трофимованы чиэстээтилэр

Тамалакаан олохтоохторо Олимпиада кыттыылааҕа Сардаана Трофимованы чиэстээтилэр

Ааптар:
09.09.2024, 12:30
Хаартыска: видеоттан скрин
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан нэһилиэгин олохтоохторго долгутуулаах түгэн буолан ааста. Тамалакааннар бэйэлэрин кыыстарын, Париж куоракка ыытыллыбыт Олимпиада кыттыылааҕа Сардаана Трофимованы уруйдаатылар-айхаллаатылар. Бу туһунан Тамалаакан орто оскуолатын пресс-сулууспата суруйар.

Үөрүүлээх тэрээһин Тамалакаан орто оскуолатын саалатыгар буолан ааста. Сардаана Трофимованы дойдутугар улаханнык убаастаан, Париж куоракка Олимпиадаҕа кыттан дойдутун ааттаппытын өрө тутан астынан туран чиэстээтилэр. Көрсүһүү истиҥник уонна долгутуулаахтык кэпсэтии көрүҥүнэн ыытылынна. Тэрээһини оскуола медиа-устуудьуйатын чилиэнэ Федотова Павлина иилээн-саҕалаан ыытта.

Оҕолор Сардаанаттан оҕо сааһын, успуорка бастакы хардыыларын, Олимпиадаҕа кыттыбытын туһунан ыйыталастылар. Ону кытта Сардаана хоһоон айан суруйарын туһунан сөҕө-махтайа иһиттилэр. Кини хоһоону оҕо эрдэҕиттэн суруйар уонна социальнай ситимнэргэ таһаарар эбит. Ол кэннэ оскуола үөрэнээччилэрэ уонна улахан дьон Сардаанаҕа араас ыйытыктары биэрдилэр. Бу көрсүһүүгэ кэлбит дьон бары улаханнык дуоһуйууну ыллылар.

Хаартыска: видеоттан скрин

Эҕэрдэ тылы Тамалакаан оскуолатын дириэктэрэ Федоров С. И., нэһилиэк баһылыга Иванов П.П., саха норуодунай бэйиэтэ Семен Руфов уола М.С. Руфов эттилэр. Тамалакаан оскуолатын үөрэнээччилэрэ Сардаана Трофимоваҕа анаабыт хоһооннорун аахтылар, төрөөбүт дойдутун биллэр-көстөр дьонун кэпсиир уонна баҕа санааларын суруйбут халандаары туттардылар.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: