Салгыы
Тамалакааҥҥа, Түбэйгэ, Бордоҥҥо от үүнүүтэ үчүгэй

Тамалакааҥҥа, Түбэйгэ, Бордоҥҥо от үүнүүтэ үчүгэй

27.08.2023, 17:45
Маалыкайга Мондукуга оту кэбиһии саҕаланна. Хаартысканы П.Ю.Степанов ыытта.
Бөлөххө киир:

Быйыл өрөспүүбүлүкэ үгүс хаһаайыстыбаларыгар оттооһун үмүрүйэн эрэр. Хаһаайыстыбалар 459 307 туонна оту кэбиһэр былааннаахтар. Оттооһун үлэтигэр 7633 звено, 8477 тыраахтар кытталлар. Өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн иһитиннэрбиттэринэн, атырдьах ыйын 21 күнүнээҕи туругунан, 301143 гектар сири оҕустардылар, 365598 туонна соҕотуопкаланна (79,6 %).  100 мобильнай биригээдэ 6 975 т оту чөкөттө.  Уустук балаһыанньа Кэбээйи улууһугар бэлиэтэнэр, манна оттуур ходуһаларын 30 быр. ууга сытар.

Бүлүү умнаһынааҕы улуустарга балаһыанньа хайдаҕый?

Тамалакааҥҥа (Үөһээ Бүлүү) быйыл от үүнүүтэ үчүгэй. Эрдэ күүскэ ардаа­быт. Хата, от кэмигэр халлаан туран биэрэн, абыраабыт. Онон 1057 т былаан­тан 90-ча бырыһыанын толорон олороллор.

– Былааммытын атыыга  диэн ааҕынан ылыммыппыт. Сорохтор билигин оттуу сылдьаллар. Онон 470 сылгыны, 370 сүөһүнү сыл таһаарар  оттоннубут. Дьоммут отторун үргүлдьү ходуһаттан тиэйэн иһэллэр. Биэс тэрээһиннээх хаһаайыстыбалаахпыт. Өр үлэлээбэккэ турбут арыы собуота быйыл үлэлээн, сүөгэйдэнэн, арыыланан абыранныбыт. 12 ыал үүт туттарда, күҥҥэ 600-700 киилэ үүт собуокка кэлэр. Оттооһуҥҥа дьаһалта көмөтө диэн, оттуу барар сирдэригэр үрэҕи туоратар муоста эҥин тутан көмөлөһөбүт. Онон дьоммут үчүгэйдик оттоотулар диэн үөрэн олоробут, – диир нэһилиэк баһылыга Петр Иванов.

Сунтаарга Түбэй нэһилиэгэ (баһылык П.С.Павлов) бүгүҥҥү туругунан,
700 т былааныттан 80 % толорбут. Билигин икки ыал уонна сылгы со­­буота оттуу сылдьар, атыттар сүрүннээн бүппүттэр. Күн туран биэрэн, отторун ардахха былдьаппатахтар. Бастаан ходуһаҕа киирбит дьон аҕыйах оту ардахха ылларбыттар.

Нэһилиэк тыатын хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Игорь Петров этэринэн, улахан хаһаайыстыбалартан сылгы собуота былырыыҥҥытааҕар үчүгэйдик оттообут. Кыһылтай диэн баазаларын ходуһата бастаан ууга сыппыт, кэлин онтон сөбүгэр оту кэбистилэр. ИП-лартан “Алексеев С.П.” бэркэ оттоо­бут. Үчүгэй хаачыстыбалаах оту кэбиспит. Онон эмиэ этэҥҥэ сыл тахсар кыахтанныбыт диир  Игорь Дмитриевич.

Николаевтар отторун кэбистилэр, бугул түгэҕэ харбанна. Хаартысканы П.Ю.Степанов ыытта.
Экскаваторбыт эрэһиинэтэ эрэйдээтэ

Дьэ, үчүгэйдик оттооһун өссө туох­тан тутулуктааҕый?  Холобура, сири оҥорууттан. Мелиорация үлэтэ кыайан ыытыллыбатаҕына, ол эмиэ кыаллыбат.

СӨ Мелиорацияҕа управлениетын Бүлүүтээҕи филиала Бүлүү улууһугар кыаҕа тиийэринэн сүрдээҕин тэрээһиннээхтик үлэлииргэ дьулуһар. Онон мелиоратордар ууну түһэрэр үлэни ыыталлар. Быйыл сайын Хаҕын, Балаҕаччы, Кыргыдай, 2 Күүлэт, Үгүлээт, Тылгыны, Лөкөчөөн, Тыымпы, Чинэкэ нэһилиэктэригэр ууну түһэрии ыытыллар. Дьиҥэ, уопсайа 6 сиргэ ууну түһэрэллэр. Хас да нэһилиэккэ ыытыллар үлэни биир учаастагынан ааҕаллар. Ол эрээри мелиоратордар эмиэ сүрдээх кыһалҕалары көрсөллөр.

– Тиэхиньикэ тиийбэт. Саҥа тиэхиньикэ, дьиҥинэн, кэлбитэ. Ол эрээри хаачыстыбата мөлтөх. Чуолаан, Белоруссияҕа оҥоһуллубут   экскаваторбыт эрэһиинэтэ Кытай киэнэ эбит. Хаачыстыбата мөлтөх буолан, үлэһиттэри олус эрэйдээтэ. Уонна билигин тыа сиригэр үлэни барытын уматык быһаарар диэтэххэ сыыстарбаккын. Сэлээркэ сыаната ыарахан, кэмчи. Ону тэҥэ саппаас чаас тиийбэт. Биһиги үлэбитигэр экскаваторы кытта хайаан да бульдозер сылдьыахтаах. Инчэҕэй сиргэ бульдозерынан үлэлиигин.  Сир-уот барыта талах, аны туран ханаалларбыт 8-9 м диэри дириҥээтилэр. Ону быраҕарга экскаватор элбэхтик бодьуустаһар, – диэн баар кыһалҕалар тустарынан Арассыыйа үтүөлээх мелиоратора, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Бүлүүтээҕи филиал сүрүн мелиоратора Анатолий Петров эттэ.

Онон хаалбыт күнү-дьылы баттаһа Бүлүү умнаһынааҕы улуус­тар сыл тахсар отторун булунуохтара диэн эрэнэбит. Таарыйа аҕыннахха, Бырабыыталыстыба 9 ыраах оройуоҥҥа окко 14 мөл. солк. көрүөҕэ диэн этэллэр.

“Кырдьаҕастарбытыгар көмөлөһүөхпүт”

Ньурба улууһун Бордоҥ нэһи­лиэгэр быйыл оттооһун тэтимнээхтик барбыт. Кырдьык, бастаан окко киирии саҕана ардахтаах буолан, ыксыы сылдьыбыттар. Онтон күн-дьыл көнөн, билиҥҥи туругунан кэпэрэтииптэр, бааһынай хаһаайыс­тыбалар, кэтэх ыаллар күүскэ турунан, былаан 95 быр. толорбуттар. Онон 2430 т былаантан 2331 т оту хайыы үйэ кэбиспиттэр.

– Быйылгы дьылга оту атыылаһыы суох буолара буолуо. Отторо тиийбэт кырдьаҕастарбытыгар бэйэбит нэһилиэкпит иһиттэн көмөлөһүөхпүт. Улахан хаһаайыстыбаларбыт балаҕан ыйыгар диэри салгыы оттуохтара. От үүнүүтэ быйыл үчүгэй. Былырыын, биллэрин курдук, атырдьах ыйын 4 күнүттэн саҕалаан хойукка диэри ардаабыта. Онон сир ууну иҥэринэн, быйыл от үүннэ. Быйылгы дьылга ууланныбыт даҕаны диэххэ сөп. Ол эрээри сорох сиринэн, чуолаан, үрдүк сиргэ аһыҥа сиэбит этэ. Бу сайын үчүгэйдик от­­тоон,  сүөһүбүтүн-сылгыбытын этэҥҥэ сыл таһаарар буоллубут диэн дьон настарыанньата үчүгэй. Нэһилиэк дьаһалтатын өттүттэн тус сыаллаах бырагырааманан сүөһүгэ, сылгыга витаминизацияҕа көмөлөһүөхпүт, – диэн кэпсээтэ нэһилиэк баһылыга Прокопий Степанов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: