Салгыы
Таммах. Биир ырыа устуоруйата

Таммах. Биир ырыа устуоруйата

26.04.2024, 17:48
Хаартыска: Таммах тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Композитор  Александр Иванович Дмитриев-Таммах «Эн эрэн,  көрсүөҕүҥ аналгын» диэн ырыата бэйэтин толоруутугар социальнай ситимнэринэн тарҕаммыта. Муусука бу алыптаах дорҕоонугар уйдаран, чахчы да,  ол ааспыт эдэр саас кэмнэрэ, кулуупка буолар уоттаах-күөстээх үҥкүү киэһэлэрэ үгүс киһи дууһатын кылын таарыйан аастаҕа.

СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Аллараа Халыма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, композитор Александр Дмитриев-Таммаҕы кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтэргэ сананным.

-Александр Иванович, бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ

— Мин кыра сааһым кэрэ айылҕалаах Марха өрүс үрдүгэр Дьаархан нэһилиэгэр ааспыта. Ньурба 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 1973 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитим. Ол кэннэ Дьокуускайга мусукаалынай училищеҕа вокальнай отделениеҕа үөрэнэ киирбитим.

“Центральнай”  баанньык таһыгар дьиэҕэ   биир хоско иккилии ярустаах ороннору оҥостон,  хоско 21 буолан олорбуппут. Олус көрдөөх, иллээх,  бары биир ыал оҕолорун курдук этибит. Хоспутугар соҕотох нуучча уола Черепанов Ваня баара.  Кини мин быраактыкаҕа сылдьан бодоруһан чугастыы буолбут доҕорум этэ. Хата, кини атын омугу өйдүүргэ уолаттарга улахан төһүү киһинэн буолбута. Орто Халыма уола Винокуров Володя киэһэ гитараҕа оонньоон,  нарын куолаһынан нуучча ырыаларын ыллаан утуталыыра. Киэһэтин ол быыһыгар уочаратынан дэлби сылайыахпытыгар диэри боксер бэрчээккэтин кэтэн буоксалаһарбыт. Үрдүкү куурус  уолаттара, вокалистар ариялартан быһа тардан ыллаан тоҕо бараллара.  Биир Лепчиков Гена диэн лирическэй тенор куоластаах наһаа үчүгэйдик ыллыыр уол баара… Субуоталарга  кыараҕас фойе курдукка лыык курдук симиллэн,  байаан доҕуһуолунан бэйэбит ырыа ыллаан үҥкүүлүүрбүт.  Оччолорго училищеҕа кылаас кэмчи буолан,  пианистар түүн 3-4 чааска туран дьарыктана барар идэлээхтэрэ. Баанньык  таһыттан Лермонтова 40 (медучилище аттыгар турара) училищебытыгар тымныыга түүн сатыы барыы уустуктардааҕа. Мин онно биир 3-с  кууруска  үөрэнэр пианистка кыыһы кытта түүн тэҥҥэ туран,  аны киэһэ хойут дьарыктанан баран төннөрүгэр арыаллыыр идэлэммитим. Дьэ,  ол сылдьан сыыйа улахан тапталга ылларбытым. Баҕардаҕын аайы үөрэ-көтө арыаллыырым. Кэм-кэрдии кэрээнэ суох түргэнник субуллан ааһан,  саас ыам ыйа тиийэн кэлбитэ.

Мин бэйэм баҕабынан аармыйаҕа  барар буолбутум. Ыам ыйын 15 күнүгэр  элбэх киһи атаарыылаах, духовой оркестр доҕуһуоллаах Забайкальеҕа сулууспалыы көппүтүм. Арай наһаа үчүгэйдик сулууспалыы сырыттахпына,  кимтэн эрэ сурук кэллэ.  “Күннэй кэргэн таҕыста”  диэн суруйбуттар. Мин таптыырым туһунан тыл да аҥаарын быктарбатах буолан,  улаханнык ууга-уокка түспэтим. Арай,  Сахам сиригэр аны эргиллибэт биир кытаанах санааны ылынным уонна  ол санаабын төлө туппакка аармыйа  кэнниттэн хомсомуол путевкатын ылан,  Бүтүн Сойуустааҕы тутууга,   Саяно-Шушенскай ГЭС-кэ айаннаабытым.

-“Эн эрэн, көрсүөҕүҥ аналгын” диэн ырыаҕын хайдах айбытыҥ туһунан элбэх киһи интэриэһиргиир, ыйытар.

Бу ырыаны Саяно-Шушенскай ГЭС-кэ үлэлээн баран,  Новосибирскайга кэлэн үлэлии сылдьан саҕалаабытым.  Ити 1978 сыллаахха 22 саастаахпар этэ. Биир сарсыарда үлэбэр бараары бастакы этээскэ түһэн таҥас ыйыыр сиртэн кууркабын ылан кэтээри гыммытым сиэбигэр сурук баар эбит. Ылан аахпытым: «Күннэй концерваторияҕа сессиятын туттара кэлэ сылдьар, баран көрүс”, — диэн суруллубут эбит. Ким кэлэн уган барбыта буолла? Билигин да билбэппин. Элбэх таҥастан чуо мин таҥаспын булан укпут буоллаҕына,  бука миэхэ чугас киһи буоллаҕа буолуо.  Кыыспын тиийэн көрүстүм… Түмүгэр олохпор көстөн ааспыт улахан тапталым миэхэ бииргэ буолар умсугутуулаах дьолу биир да күн бэлэхтээбэккэ, букатыннаахтык туспа суолунан барбытын итэҕэйдим уонна ону  ылынным. Дьиэбэр төннүүбэр Обь өрүс муостатын тырамбаайынан туораан ортолоон истэхпинэ, эмискэ төбөбөр ырыам саҕаланар тыллара мелодиятын кытта тэҥҥэ киирэн кэллилэр…

Мин  биригээдэм икки нуучча уола Парамонов Сашалыын уонна Агибалов Сашалыын,  үс Александр буоламмыт Соҕуруу Сахалин Колсаков куоратыгар муора пуордун  тутуутугар үлэлии барарга ыҥырыы сурук тутан,  онно бараары хомуна сылдьар этибит.

Биир үтүө күн Новосибирскай куорат киинигэр искибиэргэ  НЭТИ-гэ үөрэнэр Чурапчы уолун, атаспын Викторов Коляны көрсө түстүм. Сонуммутун үллэһиннибит, балачча өр олорон,  буолары-буолбаты сэлэстибит. Арахсарбытыгар аарааҥҥа диэри атаарыстыбыт. Онтон киһим эмискэ: “Эн Дьокуускайга төннөн училищеҕар иккистээн киирэргэ санан”, — диэтэ. Дьэ, мин ол кэнниттэн утуйар уубун умнан,  улахан толкуйга түстүм.  Аны ол күннэргэ Тааттаттан төрүттээх биир хоско олорор уолбун Павлов Арсены Красноярскай край Норильскай куоратыгар атаарбыт кэмим этэ. Кини эмиэ мин курдук аармыйаҕа сырыттаҕына,  таптыыр кыыһа кэргэн тахсан, Сахатын сиригэр төннүбэккэ аармыйа кэнниттэн Благовещенскайга, КАМАЗ-ка, онтон Новосибирскайга кэлбит, миигиттэн 11 сыл аҕа уол этэ. Кини манна сөп буоллум, сирбин уларытыахпын баҕарабын диирэ бэрдиттэн  Норильскайга олохтоох, бииргэ сулууспалаабыт уолбар Соболев Володяҕа сурук суруйан, онно көспүтэ. Оччолорго ол дойдуга хайа-байытар  кэмбинээт  күүскэ үлэлии турара уонна пограничниктар  зоналара буолан, анал ыҥырыыта  суох киһи кыайан тиийбэт дойдута этэ. Кэнники уолбунаан Дьокуускайга алҕас көрсөн ааспыппыт. Казах кыыһын кэргэн ылан,  Норильскайга бэрт үчүгэйдик олоробут диэбитэ, махтаммыта.

Уолбун атааран баран хас да күн сыныйан толкуйдаан баран, Дьокуускайга эргиллэргэ  булгуруйбат биир чиҥ санааны ылыммытым. Новосибирскайга күһүн алтынньы ыйтан ТРЕСТ-43,СУ-17 электросварщик, плотникбетощик быһыытынан үлэлээбитим. Үлэбэр дьиэм аттыгар баар остолобуойга  биир ыстакаан сүөгэйи кытта биир буулканы сиэн баран, дьиэлэр быыстарынан быһалыы 26 мүнүүтэ сүүрэн тиийэр этим.  Эбиэккэ остолобуойга икки нобуортан  бэйэҥ сөбүлүүргүн ыларыҥ. Бэрээдэктээх, кыһамнньылаах үлэһитим иһин передовик оҥороннор,  хаартыскам Управление Бочуоттаах дуоскатыгар  ыйаммыта уонна передовик буоларыҥ быһыытынан, тутуу институтугар  киллэрэбит диэбиттэрэ (үлэҕиттэн барбакка эрэ). Кырдьыгынан эттэххэ,  олохпун тутааччы идэтигэр  аныыр  баҕам бадан кыччаан сылдьара. Саянкай ГЭС-кэ холоотоххо,  биригээдэбэр бэрээдэк бэрт хобдоҕо. Дьоно иһэллэрэ-аһыыллара, тыллара-өстөрө да быдьара.

Дьэ,  биир күн уолаттарбар тиийэн:  “Мин арамаантыкалаан бүттүм, эһигини кытта Сахалиҥҥа барбат буоллум. Дойдубар төннөн сөбүлүүр идэбэр үөрэниэм, олохпун оҥостуом”, — диэн быһаччы эттим. Уолаттарым хомойдулар да буоллар,  ситиһиини, олохпор табыллыыны, дьолу баҕардылар. Табаарыһым Викторов Коля этэн кэбиспит ыйыытын сүрэхпэр сылаастык сөҥөрүнэн, тумус туттан Дьокуускайга ЯМУ-га үөрэххэ киирэ кэллим.  Ити бастакы киириибитттэн 5 сыл ааспытын кэннэ этэ.

 Училищеҕа иккистээн эргиллии

 -Миигин дирижер-хор отделениетыгар бэлэмнэнии кууруһугар  ыллылар. Дьиҥинэн,  аармыйаҕа барарбар вокальнай отделение бастакы кууруһун суһаллык туттаран,  иккис куурус киһитэ буолан барбытым да,  дирижер отделениетыгар булгу мусукаалынай оскуоланы  бүтэрбит аттестааттаах эрэ буоллаххына бастакы кууруска ылаллар эбит. Үөрэнэ сылдьан дойдубар Ньурбаҕа тиийэн кылааһым оҕолорун кытта көрсүһэрим. Онно көрдөххө, аныаха диэри үөрэнэ сылдьааччы мин соҕотох буоларым. Дьонум дьиэ-уот, оҕо-уруу, сүөһү-ас тэринэн-бэринэн ырааппыт этилэр. Арай,  мин соҕотох, гитара кыбыныылаах таптал туһунан төкүнүтэ сылдьан ыллыы-туойа сылдьарым.

Ол курдук,  үөрэнэ киирэн баран, сайыҥҥы быраактыкаҕа  от үлэтигэр Мэҥэ Хаҥалас Ороссолуодатыгар  бардыбыт. Онно тиийэн Өлүөнэ өрүс кытылыгар балааккалары туруортаан,  10-тан тахса буолан олордубут. Бэрт көрдөөх, дьаныардаах үөрэ-көтө үлэҕэ күргүөмүнэн түһэн кэрэ да кэмнэр кэлэн ааспыттара…

Ол сылдьан ырыабын санаан кэлэн, олус табыгастаах күннэр үүммүттэринэн, хайаан да суруйан бүтэрэргэ сыал-сорук ылынан дьаныардаахтык үлэлээн барбытым. Гитара кыбынан, харандаас, тэтэрээт уктан тэйиччи сиргэ тиийэн, кумаардартан түптэлэнэн хатыһан туран суруйан саҕалаабытым. Ол курдук,  ый аҥаарын кэриҥэ дьаныардаахтык үлэлээн, инникитин сырдык ыралаан “ Эн эрэн,  көрсүөҕүҥ аналгын”  диэн ааттаабытым. Төһө да бэйэм олоҕум туһунан буоллар, бэйэбин кистэммитэ буолан,  кыыс уобараһын арыйбытым.

Быраактыка бүтэн куоракка төннөрбүтүгэр  Өлүөнэ өрүһү туораары поруомҥа олорбуппут. Онно икки бииргэ үөрэнэр уолбун  кытары аргыстаһан айаннаабыппыт. Түгэнинэн туһанан,  уолаттарбар аан бастаан туора дьон дьүүлүгэр ыллаан иһитиннэрбитим. Биир доҕорум: “Бу ырыа олох мин олоҕум туһунан эбит”,  — диэбитэ уонна олус долгуйан, уйадыйан харахтара ууламмыттара. Иккис киһим,  Орто Халыма уола Бандеров Семен: “Бэрт үчүгэй ис хоһоонноох,  тыллыын, мелодиялыын киһи дууһатын тутар ырыаны суруйбуккун, тылын суруйан биэрээр,  мин ыллыам этэ”, — диэбитэ. Сэмэн бэйэтэ киһи сүргэтин  долгутар дьикти нарын куоластаах,  ырыаһыт идэтигэр үөрэммит уол. Мин бэйэм этиэхпин бүтүннүү этэн сөп буолан,  кэнники дьон истиитигэр мээнэ ыллаабат буолбутум. Дьэ,  ол курдук Сэмэним ылан ыллаан,  ырыабын Саха сирэ бүттүүнэ билэр, ыллыыр гына тарҕаппыта. Онон Сэмэммэр махталым муҥура суох. Бэйэм сороҕор Саха судаарыстыбаннай университетыгар устудьуоннар  ыллаатахтарына,  истэн эрэ кэбиһэрим, мин ырыам буоларын эппэтим. Арай эдэр сылдьан гостуруолга  араас нэһилиэктэргэ ыллыырым. Ол сылдьан мин ырыам доҕуһуолугар элбэх дьон көрсөн, билсэн дьоллорун булбуттарын истэрим. Ырыам хайдах эрэ ситэ этиллибэтэх,  ис туруга аһаҕас хаалбыт курдук санаан, кэнники  салгыы суруйбутум да тарҕаппатаҕым.

 Псевдонимы булуу устуоруйата

Ити  1984 сыллаахха этэ. Мин оччолорго мусукаалынай училище  кэнниттэн Томпо улууһугар Тополинайга Култуура дьиэтигэр дириэктэрдиирим, Хаандыгаҕа норуодунай хорга  хормейстердыы сылдьан  Дьокуускайга Гостелерадио хоругар бас куоласка куонкурус биллэрбиттэрин истибитим.

Куонкуруһу  ситиһиилээхтик ааһан,  хор ырыаһыта буолбутум.  Онно  биллэр ырыаһыттартан, училищеҕа биир кэмҥэ үөрэммит кыыһым Раиса Захарова баара. Биһиги кинилиин баартыйа  обкомун култууратын  отделын сэбиэдиссэйэ Е.Е.Сибиряков дьаһалынан гостуруолга элбэхтик барар этибит.  13-17 чч.  диэри үлэлиирбит, үлэтэ сынньалаҥ, үчүгэй этэ. Ол кэмнэргэ араадьыйанан ырыаларбын биэрдэхтэринэ,  буккуйан атын Александр Дмитриев ырыатын холбууллара. Биирдэ Опера уонна балет тыйаатырыгар  үс Александр Дмитриев ыллаабыппыт,  биир баһаарынайдыыр  нуучча уола баара. Үс буоларбытын илэ көрөн,  мин ол кэнниттэн ырыаһыттартан, мелодистартан аан бастакынан псевдоним ылынарга быһаарынным. Толкуйдуу түһэн баран “Таммах” диэн тылга тохтоотум. Дьэ уонна, бу эмискэ булан ылбыт тылбар туох суолтаны биэрэр толкуйугар түстүм. Ыраҥалаан, ырытан көрдүм. Онтум баара олус кэрэ, күүстээх суолталаах тыл буолан биэрдэ.

Бастакытынан,  мин араас хайысханан үлэлиир айар дьон  кэккэтигэр сыччах кырачаан биир  таммах буолабын. Иккиһинэн, мин айар ырыаларым биир таммах  өлбөт мэҥэ уутугар кубулуйан, дьон дууһатыгар иҥэн, сөҥөн истиннэр. Дьон олоҕор сэниэ киллэрэн, сырдыкка, кэрэҕэ дьулуһууга угуйар аналлаах курдук. Үсүһүнэн, таммах диэн тыл литература, муусука эйгэтигэр  үлэлиир дьон  чараас дууһалааҕын, уйанын кэрэһилиир.  Кини үлэтиттэн үөрэн, долгуйан  эбэтэр суруйа олорор үлэтин ис хоһоонун чугастык күүскэ ылынан, элбэхтик хараҕын уутун таммалатар. Төрдүһүнэн,  “таммах”  диэн тылы таҥнары аахтахха “хаммат” диэн тыл буолар. Ол аата мин айар үлэм хаһан да уостубакка, кэхтибэккэ мэлдьи миигин арыаллыырын курдук.

Атын Александр Дмитриев кэнники  Чүмэчи диэн псевдонимы ылыммыт этэ. Эдэр сылдьан суруйааччылары кытта гостуруолга элбэхтик сылдьааччыбын. Онно сороҕор биир эмэ суруйааччы: “Бу туох ааттаах куһаҕан псевдонимнааххын? Таммах буолан”, — диэччи.  Онтон суолтатын үчүгэйдик быһааран биэрдэхпинэ: “Бэрт сүҥкэн суолталаах эбит, миэхэ аҕал. Эйиэхэ,  ырыаһыкка тугун псевдонимай?  Биир да ырыаһыт, мелодист псевдонима суох”, — диэн турааччылар.

“Ырыа суруйар баҕам хаммат”

Отут сааспар композитор Захар Константинович Степанов сүбэтинэн Уфа куоракка композитордар отделениеларыгар туттарсан киирбитим. Күнүскү үөрэххэ үөрэнэн, 35 сааспар үөрэхпин бүтэрэн,  Култуура министиэристибэтин  ыйыытынан Аллараа Халымаҕа үлэлии барбытым уонна күн бүгүҥҥэ диэри онно олоробун, үлэлиибин.

Онно барыта башкирдар уонна татардар этилэр. Бары башкирдыы, татардыы ааттаахтар. Сороҕор: “Бу сахалар бэйэҕит ааккыт суох дуо, тоҕо бары нууччалыы ааттааххытый?” – диэн ыйыталлара. Ону мин: “Баар бөҕө буоллаҕа, холобур мин сахалыы аатым Сааскы Таммах, “Весенняя капель” диэччибин.

Таммах диэн псевдонимы ылыммытым быйыл 40 сыла буолла. Оччолорго ылыммыт аатым суолтатын билиҥҥэ диэри толору тутуһан, толорон кэллим диэхпин баҕарабын. Бүгүҥҥү туругунан ырыам 550-тэн таҕыста. Аны даҕаны саҥа ырыа суруйар баҕам хаммат. 200-чэкэ ырыам хомуурунньук буолан таҕыста. Хаалбыт ырыалар ноталара оҥоһуллан тахсаары бэлэм сыталлар. Ааспыт сайын 56 ырыалаах оҕо ырыаларын хомуурунньугун таһаартарбытым. Аны үп көстөрө буоллар,  100-түү ырыалаах 5 томнаах ырыалар хомуурунньуктарын таһаартарар баҕа баар.

х х х

Дьэ, ити курдук кэпсээннээх тапталлаах ырыаһыппыт, мелодиспыт, сэттэ оҕо амарах аҕата Александр Дмитриев-Таммах аны да айар үлэ үгэнигэр сылдьар, оҕо мусукаалынай оскуолатыгар оҕолору гитараҕа үөрэтэр.

Маргарита АКИМОВА

+1
19
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: