Таммахха — сааскы түгэн

Саас тыынар тыыннаах сэргэхсийэр, көтөр-сүүрэр сыыдамсыйар, үүнээйи тыллар кэмэ. Ол да иһин буолуо, айар куттаах дьон дууһалара эмиэ «уһуктан» кэрэни, сырдыгы бэлиэтии көрөн, хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэллэр. Ордук билигин аныгы үйэ кэмигэр суотабай төлөпүөҥҥэ хаартыскаҕа, видеоҕа устуу өссө үксээтэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майа олохтооҕо, «Саха сирэ» хаһыат эрэллээх ааҕааччыта, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Зиновий Игнатьев бу күннэргэ хаартыскаҕа түһэрбит үлэлэрэ социальнай ситимнэргэ хото тарҕаннылар.
— Бу таммах иһигэр — дьиэм баар хаартыскабын иллэрээ сыл түһэрбитим. Онно, көр, ким да сэҥээрбэтэҕэ ээ. Онтон быйыл «Таммах иһигэр — тииттэр» диэн суруйбут саҥа түһэрбит хаартыскам интэриэһи тоҕо тарта! Ол иһин быйыл эмиэ ити дьиэм баар хаартыскатын суруктаан баран ыыппыппар, дьон дьэ өйдөөн көрдүлэр. Онон хаартыскаларбын мантан инньэ ааттаан-таймалаан, киэргэтэн ыытар буолуом.
Хаартысканан оҕо эрдэхпиттэн үлүһүйэбин. Кылааһынньыгым Зямбеда Аянитова анаан хаар кыырпахтарын түһэрэр. Онон айар куттаах кылааспыт. Саҥа төлөпүөн ыларбар атыыһыт уол «убай, бу төлөпүөн маннык-инник түһэрэр ньымалардаах, ону толору туһан» диэн анаан сүбэлээн, көрдөрөн биэрбитэ. Ол эмиэ абырыыр, — диэн санаатын үллэһиннэ Зиновий Игнатьев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: