Танда быһыйа Анатолий Заболоцкай

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култууратын уонна успуордун үтүөлээх үлэһитэ, “Саха – Азия оҕолоро” пуонда стипендиата, Уус Алдан улууһун, Байаҕантай нэһилиэгин ытык олохтооҕо, чэпчэки атлетикаҕа ССРС успуордун маастарыгар кандидат, сүүрүүгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин алта төгүллээх чөмпүйүөнэ, элбэх төгүллээх призера, Саха сиригэр ыытыллыбыт маҥнайгы марафон кыайыылааҕа, экс-рекордсмена Анатолий Михайлович Заболоцкай баара буоллар сэтинньи 13 күнүгэр 75 сааһын томточчу туолуо этэ.

Хаартыска: В.Ф.Посельскай тиксэриитэ.

Марафон – успуорт олус ыарахан көрүҥэ. Марафонец аатын сүгүү, буолаары буолан, кыайыыны ситиһии, киһи аайы кыаллыбат. Икки чаастан ордук кэм устата тэтими бытаардыбакка, тэппит атаҕы кубулуппакка сүүрүү – чахчы, тулуурдаахтар, кыахтаахтар дьарыктанар көрүҥнэрэ.

Сырдык, кытархай хааннаах Анатолий Заболоцкай ааспыт үйэ 80-с сылларыгар Саха сирин сүүрэр суолларын киэргэлинэн буолара. 42 км 195 м классическай марафоҥҥа утарсааччыларын ырааҕынан хааллартаан биэтэккэ бастакынан кэлитэлиирэ, көрөөччүлэрин, “ыалдьааччыларын” сөҕүүлэрин-махтайыыларын ылара.

Толя Уус Алдан улууһун Байаҕантайын нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Гражданскай сэрии Дьоруойа Гаврил Васильевич Егоров — Бартыһаан Дьөгүөрэп 1933 сыллаахха туттарбыт Танда оскуолатын 1968 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитэ. Саастыы уолаттарын кытта тэҥҥэ сүүрэн-көтөн улааппыта. Бэһис кылааска кыра уолаттарга Бартыһаан Дьөгүөрэп бирииһигэр оройуон кроһугар 500 м сүүрүүгэ бастаан маҥнайгы кыайыы үөрүүтүн билбитэ. Сүүрүүгэ дьоҕурдааҕа биллибитэ. Ити сыл өрөспүүбүлүкэ “Урожайын” кроһугар Федор Попов бирииһигэр уолаттарга 1000 м иккис миэстэлэммитэ. Хамаандаҕа киллэриллэн Москва куорат Кубогар Саха сирин “Урожайын” хамаандата бастыырыгар улахан төһүүнэн буолбута. Саха АССР профсоюзтарын кроһугар үһүс буолбута уонна өрөспүүбүлүкэ хамаандатыгар киирэн, Барнаул куоракка Сибиир уонна Уһук Илин идэлээх сойуустарын кроһугар сүүсчэкэ быһыйтан сүүрүүтүн уон ахсыһынан түмүктээн, чахчы, тыыппалааҕын биллэрбитэ. Итинтэн ыла олоҕо сүүрүүгэ анаммыта.

Красноярскайдааҕы физкультурнай техникумҥа үөрэнэр сылларыгар анал үөрэхтээх тириэньэр салайыытынан 800, 1500, 3000 м сирдэргэ сүүрүүлэргэ күүстээх эрчиллиини ааспыта. Армияҕа сулууспалыыр 1971-1973 сылларыгар салгыы дьарыктаммыта. Чааһын, дивизиятын уолаттарын кыайталыыра. Атаҕар эчэйии ылан уокурук чөмпүйэнээтигэр кыттыбатаҕа. 1974-1983 сыллардаахха Танда оскуолатыгар физкултуура учууталынан, тириэньэринэн үлэлээбитэ, инструктордаабыта. Иитиллээччилэриттэн оройуон, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ, призердара тахсыбыттара, кинилэр ортолоругар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тириэньэрдэрэ Иван Готовцев, Максим Аммосов бааллар, үгүстэр өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлииллэр. Байаҕантай спортивнай нэһилиэк буоларын ситиспитэ. Саха АССР VI сайыҥҥы спартакиадатыгар 5000 м үһүс, 10 000 м төрдүс буолуталаабыта.

Түмсүүлээх Уус Алдан уҥмат тыҥалаах быһыйдара бииргэ эрчиллэллэрэ. Аатырбыт марафонецтар Анатолий Заболоцкай, Владимир Слепцов, Леонид Сакварц, өрөспүүбүлүкэ араас дистанцияларга кыайыылаахтара, призердара Роберт Егоров, Василий Готовцев, Иван Никонов, Петр Окоемов, Прокопий Харитонов, Анатолий Басыгысов, Афанасий Кривошапкин оройуоннарын чиэһин соргулаахтык көмүскээбиттэрэ, кыайыы өрөгөйүн үгүстүк билбиттэрэ.

Анатолий Заболоцкай улахан марафоҥҥа 1979-1985 сыллардаахха кыттыбыта. Сүүрүк-спортсмен быһыытынан, сүнньүнэн, орто уһуннаах сиргэ сүүрүүлэргэ сылайбат сындааһыннаах, тулуурдаах буоларга болҕомтотун уурбута. Үрдүк көрдөрүүлэр ситиһиллибиттэрэ. Саха сирин биэс бастакы марафонугар кыттыбытыттан, икки бастакы марафоннарга 42 км 195 м сүүрүүгэ 1979 уонна 1980 сыллардаахха бастаталаабыта, 2 ч 23 мүн. 38 сөк. кэлэн рекорд олохтообута. 1981 с. марафоҥҥа үһүс миэстэлэммитэ, 1982 уонна 1983 сылларга иккис буолуталаабыта. 34 сааһыгар 1984 с. 30 км Николай Матчитов кэнниттэн иккис миэстэлэммитэ.

Анатолий Заболоцкай Саха сирин күүстээх марафонецтарын, чөмпүйүөннэрин, призердарын Владимир Слепцову, Леонид Сакварцы, Афанасий Илларионовы, Гаврил Нохтуунускайы, Николай Матчитовы, Михаил Владимировы кытта “Ураа!” хаһыынан тэҥҥэ стартаан, илин-кэлин түсүһэн, күүстээх састаапка инники күөҥҥэ сылдьара.

Утумнаахтык дьарыктанар быһыйы атын дистанцияларга ситиһиилэр эмиэ тумнубатахтара. “Молодежь Якутии” хаһыат бирииһигэр Саха АССР чөмпүйэнээтигэр 30 км түөрт төгүл бастаабыта, иккитэ иккис буолуталаабыта. “Урожай” уопсастыба үтүө үгэскэ кубулутуллан ыытыллар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов кроһун 1974 с. кыайбыта уонна түөрт төгүл миэстэлэспитэ. Саха сирин норуоттарын сайыҥҥы спартакиадаларыгар уонна Саха сирин чөмпүйэнээттэригэр 5000, 10 000 м сүүрүүлэргэ алта төгүл миэстэлэспитэ. Профсоюзтар уобаластааҕы сэбиэттэрин кросстарыгар үс төгүл иккис үчүгэй көрдөрүүлэммитэ. ССРСка тэриллэн ыытыллар XXII сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулары көрсө 1980 с. Москваҕа буолан ааспыт “Олимпийская миля” диэн 1980 миэтэрэ сири 6 мүн 10 сөк. түмүктээн бастаабыта уонна рекорд олохтообута. Сибиир уонна Уһук Илин уокурук зонатыгар үс төгүл, 30 км сүүрүүгэ РСФСРга бастыыр иһин күрэхтэһиигэ үс төгүл ситиһиилээхтик сүүрбүтэ.

Сааһыран да баран сүүрэрин тохтоппотоҕо. 1991 с. “Дьулуур” сүүрүүнү таптааччылар кулууптарын күрэхтэһиитигэр бэтэрээннэргэ 20 км бастаабыта.

Чугас доҕотторо, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, биир дойдулаахтара бэлиэтииллэринэн, мин тус бэйэм да алтыһан билэрбинэн, Анатолий Заболоцкай улахан успуорка чаҕылхай ситиһиилэрдээх спортсмен уонна рекордсмен эрээри, бэйэтин хаһан даҕаны дьонтон чорбоччу туттубатах, “улуутуйбатах”, ураты сэмэй уонна олоххо көхтөөх, сатаабатаҕа диэн суох, киһини кытта өйдөһөр, судургу, киһи кэрэмэһэ этэ.

Норуот тапталлаах ырыаһыта, бэйэтин кэмин биллиилээх дэгиттэр спортсмена Аркадий Михайлович Алексеев бэрэссэдээтэллээх “Урожай” уопсастыба аппараатыгар  Константин Сидоров, Юрий Баишев, Михаил Друзьянов, Александр Попов, Дария Попова, Василий Дьячковскай уо.д.а. курдук күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ успуордун үүннүүр-тэһиинниир биллиилээх тэрийээччилэри, салайааччылары кытта Анатолий Заболоцкай эмиэ үлэлэспитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык олохтооҕо, Өрөспүүбүлүкэ “Урожайыгар” 1980-1987 сылларга бэрэссэдээтэллээбит Аркадий Михайлович Алексеев маннык ахтар: “Анатолий Заболоцкай биһиэхэ 1983-1987 сыллардаахха чэбдигирии отделын салайбыта.  Элэккэй, кэпсэтинньэҥ майгылаах этэ. Кимиилээхтик үлэлээбиппит. Толоругас, үлэттэн толлубат, сүрдээх суруксут. Кэлэктиипкэ түргэнник киирбитэ. Успуорду пропагандалыырбыт. Хамаандаҕа хайаан да баар буолара. Ханнык да дьаһаллартан туора турбат, куруутун иннинэн буолара. Күрэхтэһии бөҕөтүн тэрийэбит. Сатабыллаах, кыайбата-хоппото диэн суоҕа. Дьону барыларын кытта тэҥҥэ сатаан кэпсэтэр. Миэхэ сүбэлэтэ киирэр буолара. Итэҕэстэри-быһаҕастары этэрэ. Дьоһуннаах киһи этэ. Хас да кырааматанан наҕараадаламмыта. Сааскы-күһүҥҥү кросстарга кыттан сүүрэрэ. Дьоруой Попов бирииһигэр элбэхтик кыттыбыта. Аппараат үлэһиттэрин кытта волейболлаһара, кэлэрэ-барара. Массыыналаах буоламмыт үгүстүк айанныырбыт. Күүстээх куоластаах ырыаһыт, уруһуйдьут бэрдэ. Ырыа тылын өйдүүрүн, билэрин, араас ырыалары ыллыырын сөҕөрүм. “Спартактары” кытта бииргэ тэрээһин бөҕөтүн ыытарбыт, онно көҕүлээччибит – Анатолийбыт. Үчүгэйдик, түмсүүлээхтик үлэлии олордохпутуна, спортивнай уопсастыбалары “Спартагы”, “Воднигы”, “Урожайы” тохтотон, ыһан кэбиспиттэрэ, бүттэхпит ол. Үтүө үлэһит этэ”.

Россия физическэй култууратын уонна успуордун үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тириэньэрэ, Уус Алдан улууһун уонна Баатаҕай нэһилиэгин ытык олохтооҕо  Прокопий Прокопьевич Готовцев үрдүктүк сыаналыыр: “Анатолий Михайлович үтүө майгылаах-сигилилээх, дьиҥ  айылҕа оҕото. Тандаҕа физкултуура учууталынан үлэтин саҕалыырыгар кыһамньылааҕын көрдөрбүтэ, ону ааһан, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор, ол иһигэр, уус-уран самодеятельноска көхтөөхтүк кыттара. Депутаттаабыта. Физрук, тириэньэр быһыытынан оҕолору таһаарыылаахтык үөрэтэн эрчийбитэ. Оҕолору кыахтарын көрөн, успуорка чугаһатан, доруобуйаларыгар туһулаан дьарыктыыр сөп диэн сүүрдэрэ, хайыһардатара. Танда дьоно-сэргэтэ, кырдьаҕастара киэн тутталлар, кэпсииллэр. Култуураны уонна успуорду тэҥҥэ тутара, дьүөрэлиирэ. “Дьиэрэй” ырыа-үҥкүү ансаамбылын тэрийбитэ, өрөспүүбүлүкэ лауреатынан буолбуттара. Кылбаҥнатан кыахтаахтык сүүрэрин көрдөрбүтэ. 1979 сыллаахха Дьокуускайга Саха АССР успорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Б.Б. Кон тэрийбит аан бастакы классическай марафона Орджоникидзе болуоссатыттан саҕаламмыта уонна “Сэргэлээх” трассатынан – “Объезднойунан” – Хатыҥ-Үрэҕинэн өҕүллэн, төттөрү кэлэннэр, 42 км 195 м сири түмүктээбиттэрэ. Марафон бастакы чөмпүйүөнүн уонна рекордсменын үрдүк ааттарын Анатолий Заболоцкай ылбыта.  “2003-2012 сыллардаахха хат сөргүтүллэн тэриллибит “Урожайга” мин бэрэссэдээтэлинэн, кини 2005-2008 сыллардаахха исписэлииһинэн, бэһиэ буолан үлэлээбиппит. Доҕотторугар хаһан да төттөрү түспэт, аккаастаабат. 1956 сылтан хабан, “Урожай” туһунан кинигэ таһаараары үлэлээн испитэ. Түргэн, ырыҥалыыр өйдөөх, бүтэһигэр диэри ылсар, түмүктүүр үтүө өрүттэрдээҕэ. Архыыбы хасыһан наадалаах докумуоннары дэбигис булара. Хомойуох иһин, кини барыаҕыттан, ол олоххо киирбэтэ. Саҕаланан баран тохтоон хаалла.  Үөрэрим диэн баар – дойдутугар Тандаҕа успуорт саалатын тутуута саҕаланан эрэр”.

Анатолий Михайлович Заболоцкай баара-суоҕа 59 сааһыгар ыарахан ыарыыттан орто дойду олоҕуттан туораабыта. Төрөөбүтэ 60 сылын көрсө, 2010 сыллаахха, чугас доҕотторо, үөлээннэхтэрэ, үөрэнээччилэрэ, аймахтара, дьиэ кэргэнэ “Спорка анаммыт олох” диэн дьоһун кинигэни таһаартаран, сырдык аатын толору ситэрэн-хоторон, үйэтиттилэр. Сырдык аатын тапталлаах кэргэнэ Калисфена Андреевна, уола Михаил, сиэннэрэ, үөрэнээччилэрэ салгыыллар. Үтүө аат салҕанар, умнуллубат!

Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

7 часов ago