Таҥха: Биһилэх көрүүтэ, ууга сабы сүүрдүү…

Share

БИҺИЛЭХ КӨРҮҮТЭ
Биһилэх көрүүтэ эмиэ сүллүкүүн тахсыбыт кэмигэр буолар. Маны көрөргө  уу-чуумпуга хас эмэ киһиэхэ тиийэ мустуохтарын сөп.
Бу кэмҥэ биһилэх көрөөччү сиэркилэ икки өттүгэр чүмэчи уурар, сиэркилэ иннигэр туох да ойуута, кырыыта суох дьэҥкир уулаах ыстакаан. Түгэҕэр кыһыл көмүс биһилэҕи түһэрэллэр. Биһилэх көрөөччү киһи тугу көрүөн баҕарарын көрдөһөн  баран биһилэҕин кэтээн олорор. Бу кэмҥэ кини санаабыт санаатыгар туох буолуохтааҕа, эбэтэр кини кэргэнэ буолуохтаах киһи көстөн кэлэр.

ХААРЫ СИИДЭЛЭЭҺИН
Киэһэ сэргэ тулатын хаарын сиидэнэн төгүрүччү сиидэлииллэр. Сарсыарда туран көрдөххө, араас суоллар баар буолаллар эбит. Өскөтүн сиидэлээбит киһи байыыһы буоллаҕына, кулунчук, торбос суола, өскөтүн оҕолонууһу буоллаҕына оҕо атаҕын суола, өскөтүн өлүүһү буоллаҕына, хоруоп эбэтэр киһи унуоҕун пааматынныга о.д.а. баар буолар эбит.

УУГА САБЫ СҮҮРДҮҮ
Уоллаах кыыс дылҕаларын, кинилэр холбоһуохтарын дуу, суох дуу таайаллар. Иҥииртэн икки утаҕы ылан уулаах иһит үрдүгэр сэрэнэн кэккэлэһэ уураллар. Өскөтүн холбоһор буоллахтарына утахтар бэйэ-бэйэлэригэр эриллэллэр, өскөтүн табыллыбат буоллаҕына, икки аҥы бараллар эбит.

«Эдэр саас» архыыбыттан

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Оҕону ытырбыт ыты туттулар

Дьокуускай куорат Сайсары уокуругун  быраабата телеграмҥа ханаалыгар суруйбутунан, бүгүн, тохсунньу 8 күнүгэр, 15:20  чааска 03…

9 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алта массыына кыттыылаах суол быһылаана таҕыста

Бүгүн, тохсунньу  8 күнүгэр, Намныыр суол  14 км хас да массыына харсыспыт. Бу туһунан куораттааҕы…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Доруобуйаҕа туһалаах сүбэлэр

Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, терапевт-быраас, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр”…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Е” эбилик диэн тугуй?

Билигин “Е” диэн эбилигэ суох ас суоҕун кэриэтэ. Доруобуйаҕа буортулаах уонна кыра буортулаах диэҥҥэ арахсаллар.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Долганнар түөлбэлээн олорор сирдэригэр талааннаах ыалы сэргээтим

Кылтасов Дмитрий Николаевич  төрөппүттэригэр  ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ  удьуор туундара дьоно этилэр. Дмитрий…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кириэс мас сэтэ, «Хаһан даҕаны таҥхалаама!»…

Кириэс мас сэтэ Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 50-с сылларыгар буолбут. Эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола…

13 часов ago