Аныгы кэм киһитин олоҕо дьалхааннаах, араас иһитиннэрии да элбэҕэ, киһи кутун-сүрүн ыһар, аймыыр. Кэнники кэмҥэ аан дойду үрдүнэн духуобунаска болҕомто улаатта. Итэҕэл боппуруоһа ол иһин сытыытык турар. «Саха киһитэ чараас эйгэлээх» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Таҥха Хаан таайтарыылаах кэмигэр киһи тас эйгэттэн ис туругун иһиллэнэн көрөр, инникитин билиэн-көрүөн баҕата биллэ улаатар.
Былыр түөрэх быраҕыы улаханнык тэнийбитэ. Бараһыайдыыр киһи тугу эмэ ыйытан баран ньуосканы, бэргэһэни, үтүлүгү, сүөһү алын сыҥааҕын, о.д.а. үөһэ быраҕара. Ити мал-сал умса эбэтэр олоро түһэринэн инники дьылҕаларын билгэлииллэрэ. Холобур, ньуосканы үөһэ быраҕан баран: «Бу сырыыга булпар баартаах буоллахпына, түөрэҕим олоро түс, оттон тыаттан кураанах эргиллэр буоллахпына түҥнэри түс», — дииллэрэ. Ньуоска умса түстэҕинэ, табыллыбат бэлиэнэн ааҕыллар уонна таайааччылар аат эрэ харата «былаҕай» диэн саҥа таһаараллара, оттон ньуоска аһыыр оттүнэн үөһэ көрөн түстэҕинэ, ити баарды билгэлиир, оччоҕо дьон «Туску!» диэн саҥа аллайан, үөрэн үөһэ ууналлара. Маннык билгэлээһиҥҥэ туттуллар мал-сал «түөрэх» диэн ааттанар.
Уол эбэтэр кыыс тымтыгы устатынан үс гыммыттан бииригэр диэри хайытар, онно туора эмиэ тымтыгы кыбытар. Ол кэнниттэн бу «сыҥаах ойууну» көмүлүөк оһох холумтаныгар батары анньан баран, туора маһын ортотунан уматаллар. Тымтык умайан бүттэҕинэ, икки аҥы арахсан, арыый бүтүн өттө туора баран түһэр. Ити тымтык хайа диэки түһэриттэн уол кэргэн ылар кыыһа, кыыс эргэ тахсар киһитэ олорор сирин сылыктыыллар. «Сыҥаах ойууҥҥа» эрдэттэн ыйытыы биэрэн, тугу баҕарар таайыахха сөп. Холобур, «кэтэһэр киһим бүгүн кэлэр түбэлтэтигэр инники муннукка, оттон кэлбэт буоллаҕына ааҥҥа ой» дииллэр.
Сүөһү уулатар ойбоҥҥо барар суол аттыгар киэһэ талах лабааларын дьиэҕэ баар киһи ахсаанынан ааҕан хаарга туруору анньаллара. Сарсыарда көрдөхтөрүнэ, ыарыыга хаптарар киһи лабаата хоҥкуйбут эбэтэр бүк түспүт буолара. Оттон чэгиэн киһи талаҕын лабаата биир кэм турара.
Ууга ууллубут хорҕолдьуну куталлара. Хорҕолдьун кытаатарыгар элбэх чааска араҕыстаҕына уулларбыт киһи өлөрүн, оттон биир кэлимсэ буола кытааттаҕына киһитэ этэҥҥэ олоруоҕун билгэлиирэ. Хорҕолдьун ортокута бүтүн куһуок уонна тулатыгар ооҕуй оҕустуу элбэх салаалардаах буолар түбэлтэтигэр ол киһи ыччаттардаах буолар.
Түүн ыалларын дьиэтигэр тиийэн, хотонтон ынах сааҕын элитэн, муус түннүккэ эриллэҕэс күлүүс тылынан дьөлө үүттээн хайаҕас оҥороллоро. Ол хайаҕаска кулгаахтарын даҕайан, хаһаайыттар кэнэҕэски олохторун туһунан кэпсиир саҥаны истэллэрэ.
Түннүк анныгар иһиллээһин
Түүн ыалларын түннүгүн анныгар иһиллииллэрэ. Хаһаайын уола сотору кэминэн ойохтонор буоллаҕына, иһиллээччи бөрө улуйар саҥатын, оттон кыыһа эргэ тахсар түбэлтэтигэр ыт үрэрин истэрэ. Дьахтар төрүүрүгэр чыычаах ыллыыра. Ким эрэ бу дьонтон өлөр буоллаҕына, дьиэни сиппийэр эбэтэр хаптаһынынан уһанар тыас иһиллэрэ.
Киэһэ сэргэни тула хаары сиидэлээн куталлара. Сарсыарда эрдэ туран ити хаары көрдөххө, араас суол-иис хаалбыт буолара. Сиидэлээбит киһи байыах буоллаҕына хаарга кулунчук, торбос туйаҕын суола көстөрө. Оҕо төрөөрү гыннаҕына, оҕо атаҕын суола, оттон өлүүгэ түбэһиэх буоллаҕына, хоруоп эбэтэр киһи уҥуоҕа көстөрө.
«Уоллаах кыыс холбоһоллор дуу, суох дуу?» диэн таайаллара. Икки синньигэс иҥиир утахтарын иһиккэ кутуллубут уу үрдүгэр кэккэлэһиннэри уураллара. Утахтар бэйэ-бэйэлэригэр сыстыһан эриллэллэрэ, ол аата ыал үөскүүрэ. Оттон арахсар буоллахтарына, утахтар чиэрбэ курдук хамсыы-хамсыы тус-туһунан бараллара. Ыччаттар дьээбэлэнэн, утахтар хамсаныыларыгар уол уонна кыыс майгыларыгар, тутта-хапта сылдьалларыгар майгынната көрөн күлэллэрэ-үөрэллэрэ. Ордук дьээбэлээх тыллаах киһи баар буоллаҕына, араас бэргэн тылы быраҕан, дьону уҥа-хаҥас күлүөхтэригэр диэри саататара.
Балаҕан аанын утары ортоку оронтон этэрбэһи ааҥҥа диэри хаамтараллара. Ол аата этэрбэс тумсун эбэтэр тилэҕин ортотуттан тутан, тилэх уһаты кээмэйинэн мээрэйдээн эргитэн, тилэҕин эбэтэр тумсун солбуһуннары уурталаан көнөтүк аан боруогар диэри тиийэллэрэ. Этэрбэс боруокка тумсунан тиийдэҕинэ, кэтэр киһитэ сотору кэминэн өлөр, оттон тилэҕинэн буоллаҕына этэҥҥэ хаалар диэн буолара.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…