Таҥха өйдөбүллэрэ
Алампа таҥханы саха дьоно уһун кыһын устатыгар сэргэхсийэр биир суолларынан ааттаабыта. Былыргылар этэллэринэн, ахсынньы 22-с күнүттэн (кыһыҥҥы Ньукуолун, күн-түүн тэҥнэһэр таҥарата) тохсунньу 19 күнүгэр (Кириһиэнньэ, уунан ыраастанар таҥара) диэри сир түннүгэ аһыллар, үөр-сүүрүк үксүүр. Таҥха этитиилээх кэм буолар, онон сэрэнэр-сэрбэнэр, харыстанар наада.
— Таҥха кэмигэр аан, түннүк үрдүнэн, дал, хотон айаҕар этиҥ түспүт маһын тырыыҥкаларыттан кириэс охсоллор;
— Киһи кута барсыа диэн сууйуллубут таҥаһы таһырдьа хаалларбаттар;
— Таҥхаҕа саҥа саталанар диэн, ордук-хос тыл тахсара табыллыбат;
— Сүллүүкүн харчыны сөбүлүүр, онон таҥха кэмигэр харчы буллахха туттубакка кичэйэн ууран кэбиһиллэр. Таҥха аастаҕына сүтүктээххэ
төннөрүллэр;
— Таҥха кэмигэр иэс-күүс биэрбэттэр. Сүллүүкүнү кытта баай-дуол уу буолан суураллар диэн санааттан;
— Таҥха кэмигэр этиллибит тыл тохсунньу дьыбарын хамсатан, иччилэнэн, туоларга барар ыйаахтаах. Онон сэрэбиэй кээһэр, төлкө түстүүр киһи таҥха сүдү тыынын уйар, бэйэтин
күүһүгэр дьиҥ-чахчы эрэнэр, сэт-сэлээн диэни өйдүүр, дьон кыһалҕатын, санаатын иннигэр тус эппиэти сүгэр буолуох тустаах;
— Айылгылаах киһи түстээбитин, таҥха этиппитин ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыллыбат. Ыра туоллаҕына, таҥхаламмыт билгэҕэ махтана ахтыллар.
Р.И. Бравина “Саргыны салайыныы” кинигэтиттэн
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: