Таҥха: Ойбоҥҥо иһиллээһин, аттар кэпсэтиилэрэ…

Share

Тоһуттар тымныылаах тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Бу кэмҥэ сир-дойду саамай иһийэн, туох барыта утуйа сытар. Киһи инникитин билиэн-көрүөн баҕарар санаата күүһүрэр кэмэ.  

Таҥха уопсай өйдөбүлэ

Таҥха – киһи оҥоһуутун билгэлиир итэҕэл. Тэрис суруйа­рынан, киһи дьылҕатын быһаарар кэм. Кыһыҥҥы кэм туруутун кэнниттэн саҕаланар. Ити кэмҥэ сир халлааны кытта силбэһэр диэн этэллэр.

Таҥха кэмэ – Ороһуос­паттан (тохсунньу 7 күнүттэн) Кириһиэнньэҕэ (тохсунньу 19 күнүгэр) диэри. Бу кэмҥэ билгэлээһин ордук сөптөөх дииллэр.

“Чуолаан тоҕо бу кэмҥэ өбүгэлэрбит Таҥха оонньуулларын сабаҕалаатахха, маннык. Тымныы оройугар, күн муҥутуур кылгаабыт кэмигэр кыыл, сүүрэр-көтөр барыта утуйар турукка киирэр. Киһи да этэ-сиинэ эмиэ уларыйар. Итинник турукка киһи өйүн-санаатын түгэҕэр бүгэ сылдьар сэрэйии, таайыы уһуктар. Киһи сэрэнэр, дьаахханар буолар. Дьэ бу кэмҥэ санааларын бөҕөхсүтэр билгэ оҥостон күүс-күдэх ылаллара” диэн “Саха төрүт культурата. Итэҕэл” кинигэҕэ суруллар.

Сорук-боллур сүллүүкүттэр Ороһуоспаҕа ойбонтон тахсан эргэ өтөхтөрү сөргүтэллэр, балары атыннык уот от­­тооччулар диэн этэллэр. Ол бүппүтүн кэннэ тохсунньу 9-11 күннэригэр оҕолоро, дьахталлара, кырдьаҕастара тахсаллар. Итиэннэ дьыл оройугар – Кириһиэнньэҕэ төттөрү киирэл­лэр диэн өйдөбүл баар.

Сүллүүкүн дьиэҕэ, хотоҥҥо киирбэтин диэн аан айаҕар, түннүк аттыгар тымтыгынан кириэс оҥорон уураллар эбит. Аны ити кэмҥэ дьиэ таһыгар сууллубут таҥаһы, ордук оҕо таҥаһын ыйаабаттар. Сүллүүкүн таҥаһы кытта таҥастаах киһи кутун илдьэ барар диэн ааттыыллара. Таҥха кэмигэр оҕолору улаханнык саҥардыллыбат, түннүк мууһун кырыатын дьөлө үүттэммэт, хараҥаҕа түннүгүнэн таһыр­дьаны көрүллүбэт диэн этэллэрэ.

Бүлүүһэ сүүрдүүтэ

Саамай киэҥник тарҕаммыт ньыманан бүлүүһэ сүүрдүүтэ буолар. Бу түгэҥҥэ анараа дойдуттан өлбүт киһи дууһатын ыҥыраллар, кинини кытта кэпсэтэллэр. Бүлүүһэни чорбоҕо суох ахсаан­наах киһи сүүрдүөхтээх. Маҥан халыҥ кумааҕыга улахан төгүрүгү уруһуйдууллар, ол тула сахалыы алпаабыты суруйаллар. Үөһээ өттүгэр киһи уҥуоҕун, аллараа өттүгэр “сөп”, “суох” диэн тыллары суруйаллар.

Бүлүүһэни чүмэчи уотугар сылытан баран, төгүрүк кумаа­ҕы ортотугар уураллар уонна ол тула олорбут дьон сөмүйэлэринэн бүлүүһэни кыратык таарыйан сүүрдэн саҕалыыллар. Уочаратынан ыйытыы биэрэллэр, бүлүүһэ буукубаларынан сүүрэн ыйыппыт киһиэ­хэ хоруйун биэрэр, дьылҕатын быһаарар.

Ойбоҥҥо иһиллээһин 

Хас да киһи түүн үөһүн саҕана дьиэттэн кэннилэринэн хааман ойбоҥҥо киирэллэр. Кириэстэрин усталлар, бары ханыылаах буолаллар. Ханыыта суох киһи кураанах ыаҕайаны ылар диэн этэллэр. Ойбоҥҥо киирэн олорор сирдэрин маһынан үстэ чэрчилииллэр. Бэйэ-бэйэлэригэр көхсүлэринэн сыстан, халыҥ суор­ҕанынан саптан саҥата суох олороллор. Сүллүүкүн оройго, сискэ оҕустаҕына саҥа таһаа­рыа, ынчыктыа, хаһыытыа, оннугуттан ойон туруо суохтааххын дииллэр. Тулуурдаах киһиэхэ сүллүүкүн инникини билгэлээн биэрэр, араас тыас-уус, көтөр-сүүрэр саҥатын иһитиннэрэр диэн этэллэр.

Күлүгү көрүү

Уоту умулларан баран хаһыат, тэтэрээт лииһин ылан араастаан кум-хам тутан, төгүрүктүҥү быһыылаах гынан оҥорон баран “инникибин кэпсээ” диэн ботугуруу-ботугуруу былыргы бүлүүһэ эбэтэр мас үрдүгэр ууран уматаллар. Кумааҕы умайан бүппүтүн кэннэ күл ойоҕоһугар чүмэчини тутан, бүлүүһэни, маһы эргитэ сылдьан истиэнэҕэ күлүгү көрөллөр. Билэр дьахтарым 1990-с сыллар саҥаларыгар маннык билгэлии олорон хоруоп курдук быһыылааҕы көрбүт этэ. Өлөөрү гыммыппын быһыылаах диэн санаата түһэ сылдьыбыттааҕа. Хата, күн бүгүҥҥэ диэри этэҥҥэ олорор. Ити күлүгү көрүү кэнниттэн оччолорго дьэпписиит “ис­­тиэҥкэ ыскаабы” атыыласпыппыт, бука, ол күлүгэ көстүбүт быһыылаах диэн этэн аһарбыттаах. Онон сөпкө тойоннооһунтан улахан тутулуктаах.

Остуолу хаамтарыы

Таҥха биир кырдьык­таах билгэтинэн остуолу хаамтарыы буолар. “Үс, сэттэ эбэтэр тоҕус киһи баар буолуохтаах. Тимир тоһоҕото суох остуолу сирэйин арыынан оҕунуохтуу-оҕунуохтуу оһоххо сыра­йаллар. Остуолу хаамтарарга туспа алгыс тыл баар дииллэрэ кырдьаҕастар. Ону сыра­йааччы киһи этэр. Онтон уоту уму­руораллар, ким да тугу да саҥарбат, арай, алгыс тылы үтүктэллэр. Хаҥас илии сөмү­йэтин төбөтүнэн остуол кытыытын баттыыллар. Остуол хааман киирэн барар үһү. Ардыгар атаҕынан сири тоҥсуйар дииллэрэ. Остуол өлөр-сүтэр ыалга илбиһирэн хаамар үһү. Ол да иһин буолуо, үгүс ыал саллан хаамтарбат эбит” диэн “Төрүт культура. Итэҕэл” кинигэҕэ суруйаллар.

Манна даҕатан эттэххэ, сорох дьон хаамтардахтарына дьиэни биир гына сүүрэ сылдьар буолар, киһи хас сылынан өлөрүн кытта этэр үһү диэн кэпсииллэрэ. Онон саас­таах дьон остуолу хаамтарымаҥ диэн сүбэлииллэрэ. Биир үксүн ол да иһин дьон аныгы кэмҥэ саллан хаамтарбат быһыылаах.

Аттар кэпсэтиилэрэ

И.А.Худяков “Краткое описание Верхоянского округа” кинигэтигэр: “Таҥха кэмигэр бэйэлэрин эбэтэр чугас дьонун дьылҕаларын билиэн баҕалаах сахалар биллибэтинэн-көстүбэтинэн сылгы аһатар кыбыыга  тахсан отунан бүрүнэн сыталлар уонна аттар бэйэлэрин икки ардыларыгар кэпсэтэллэрин истэллэр. Манан үүнэр сылга төһө табыллыахтарын быһаараллар. Өскөтүн аттар кыбыыга киһи баарын биллэхтэринэ өлөрөллөр (съедают). Бу киһи кыбыыга саспытын биир да киһи билиэ суохтаах. Аттар аһыылларыгар айахтарын тыаһа бу саспыт киһиэхэ кэпсэтии курдук иһиллэр, мантан кини инникини барытын билэр. Сарсыарда аттар аһаан бүтүөхтэрин, айахтарын тыаһа тохтуор диэри истэн сытар. Ол эрэ кэнниттэн бэрт сэрэнэн, аттар да, икки атахтаах даҕаны билбэтин курдук кыбыыттан тахсан барыахтаах. Бу киһи икки атахтаахха тугу истибитин быктарыа суохтаах. Арай, өлөрүн саҕана кыра уолугар кэпсиэн сөп” диэн суруйар.

Кинигэ кэпсиир

Кэлин, ордук аан дойдуга өрө турбут дьаҥ кэмиттэн “Кинигэ кэпсиир” диэн кинигэнэн билгэлээһин, таайыы киэҥник тарҕанна. Лаампа уотун умуруоран баран чүмэчини уматаллар уонна остуол тула олороллор. Дьон ыытар киһиэхэ долгутар ыйытыыларын биэрэллэр итиэннэ икки сыыппараны этэллэр (бастакыта кинигэ сирэйэ, иккиһэ – строката). Ыыттааччы былыргы кыптыыйынан ол эппит киһи бастакы сыыппаратынан кинигэ сирэйин сэрэнэн арыйар, иккис сыыппаратынан строканы булан ааҕар. Дьон долгутар ыйытыыларыгар ол курдук хоруйу ылаллар. Маннык билгэлэппит дьон, бэрт сөпкө таһаарар диэн биһирииллэр. Аҕыйах сылтан бэттэх “Төлкө” курдук урукку кинигэлэр ол иһин атыыга олох көстүбэттэр¸ баар да буоллахтарына, хастыы да тыһыынчаҕа атыыланаллар диэн этэллэр.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга 4 сулустаах гостиница тутуллуоҕа

Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

32 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

2 часа ago