Былыр-былыргыттан Таҥха диэн сахаларга иһиллэнии, инникини билгэлэнии кэминэн биллэр. Сир-дойду уһун уутугар утуйар томороон тымныы үгэннээн турдаҕына, өбүгэлэрбит таайтарыылаах таҥха кэмигэр дьылҕаларын суолун көрдүүр, муммут-тэммит санааларын сааһылыыр эбиттэр. Бу кэмҥэ оҕо таҥаһын таһырдьа ыйаабаттар, киэһэ хойукка диэри хаамсыбаттар, улаханнык алларастаһан күлсүбэттэр. Одурууннаах орто дойдуну кытта аллараа дойдуну ситимниир ойбонтон сүллүүкүттэр тахсан таҥха таҥхалаан, ийэ сир иэнэ иэнигийэр, быһымах санаа быһытталанар быстах кэм билигин дьэ, хайдах эбитий?
Тохсунньу томороон Ороһуоспа түүнүгэр былыр сүллүүкүттэр иннилэринэ, ойбонтон оһох оттооччулар орҕостон тахсаллара үһү. Кинилэр эргэ өтөхтөрүнэн, быраҕыллыбыт дьиэлэргэ олохсуйан, тохсунньу 13 түүнүгэр, ол эбэтэр Эргэ саҥа дьыл түүн оҕолоох-уруулаах тахсар сүллүүкүттэргэ дьиэ-уот бэлэмнииллэрэ үһү.
Билигин ыччат ити өбүгэлэрбит итэҕэйэр, уостан уоска бэриллэн кэпсээбит үһү-тамах кэпсээннэриттэн өйдөөн хаалан, социальнай ситимнэринэн оннооҕор «Дьиэ тутааччылар тахсаллар үһү» дииллэр. Таҥха кэмигэр өбүгэлэрбит сэрэнэ-сэрбэнэ сылдьар эбит буоллахтарына, билигин онно улаханнык ким да итэҕэйбэт.
Сахалартан хорсун санаалаахтар үс атахтаах төгүрүк остуолларын сүүрдэн инники тускулларын кэрэһилэтэллэрэ. Остуол ардыгар сүүрбэккэ турунан кэбиһэрэ үһү, ардыгар атаҕын тосту түһүөр диэри сүүрэн, дьиэлээхтэр эстэр дьылҕаларын кэпсиирэ үһү.
Хорсун, бэйэлэрин кыанар дьон кистээн сылгылар кэпсэтэллэрин иһиллээн, инники олохторун билгэлэтэллэр эбит. Дьөһөгөй оҕото киһи суох сибикитин биллэҕинэ эрэ, атын сылгыларга хаһаайынын дьылҕатын кэпсиирэ үһү. Өскөтүн, алҕас киһи баарын биллэрдэҕинэ, сылгы кыыһыран, силбиэтэнэн, бу киһини тэпсэн да кэбиһэр кутталлаах эбит.
Билигин бүлүүһэ сүүрдүүтүн тэриэлкэ сүүрдүүтэ диэн ааттыылларын элбэхтэ истэбин. «Тэриэлкэ сүүрдэбит дуо», — диэн ыччат уһун-киэҥ өйө суох, аҥаардас көр-нар эрэ курдук санаан, иччини, үөрү ыҥыран, салгыны хамсатар эбит.
Билиҥҥи ыччакка киэҥник биллибит билгэлээһининэн күлүк көрүүтэ буолар. Кумааҕыны уматан баран истиэнэҕэ ол кумааҕы кумаланан таһаарар ойуутун көрөн, инники сабаҕалыыллар. Маныаха майгынныыр сэрэбиэй, кинигэҕэ кыптыыйы кыбытан, инникини ааҕыы баар эбит. Ордук устудьуон аймах хото билгэлэнэр көрүҥэ.
Ойбон иһиллээһин диэн — сүллүүкүн кэпсээнин истии буолар. Билигин ойбон таһыгар ким да суорҕан бүрүнэн иһиллии олорбот. Ол кэриэтин дьон-сэргэ култуура кииннэригэр ыытыллар таҥха киэһэлэрин сэҥээрэр, онно сылдьан, билгэлэнэр буолар. Таҥха кэмэ шоуга кубулуйан эрэр дуо?
Социальнай ситимнэринэн тохсунньу саҥатыттан Таҥха киэһэтигэр киирии билиэттэрин атыылыыр туһунан биллэриилэр тарҕаммыттара ыраатта.
Таҥха киэһэтин анал бырагыраамата эмиэ суруллар. Ол курдук, көрбүөччүлэр, тарологтар, эмчиттэр бу эрэ күн бэйэлэрин өҥөлөрүн оҥорор дьоро киэһэлэрэ буолар. Култуура дьиэлэрин ааннара тэлэйэ арыллар, дьон-сэргэ хото мустар.
Өбүгэбит ситимин күүһүн тардылыга эбитэ дуу, шоуга, көргө-нарга көҕүйүү дэнэрэ дуу?
Олохсуйбут үгэһинэн таҥханы иһиллээһин кэмигэр ордук ыччат өттө көхтөнөр. Сиэссийэ кэмигэр эксээмэни ыйытыы, таптал, анал, инники олох туһунан сураһыы эдэр дьону саамай долгутар ыйытыылар буолаллар.
Итэҕэйиэх санааларыгар, оннооҕор кинигэ барахсан оруннаах эппиэттэри биэрэрэ үһү. Тоҕо эбитэ буолла, кэлиэхтээх олох бэйэтин кэрдииһинэн барарын күүппэккэ, эрдэ билэн үөрэллэрэ дуу, хомойоллоро дуу эдэр дьон сүрэҕин күүскэ долгутара. Олох баарын тухары саха куттаах таҥханы иһиллии, инникитин билэ сатыыр ураты майгылаах.
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар. Ленскэй…
Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…
Саха сиригэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээбит. Ити…
Суоттуга "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр (сал. Гоголева Е.Н.) "Старые песни о главном" тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус…
"Доруобуйа харыстабыла" национальнай бырайыак олоххо киириэҕиттэн, Саха сирин балыыһаларыгар анаан уопсайа 331 көлө ылыллыбыт. Ол…
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа тугу иһитиннэрдэ? Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу улуустарыгар,…