Таҥха тэрээһинигэр урукку кэмниин алтыһыахтара
Былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит таҥха иһиллээн, сэрэбиэй быраҕан, кистэлэҥ эйгэ быыһын сэгэтэн, инникилэрин тымтыктанан көрөллөрө. Ол үгэс күн бүгүҥҥэ диэри сүппэккэ-оспокко, таҥха оонньууларын сэҥээрэр киһи билигин да үгүс.
Тохсунньу 12-19 күннэригэр Нам улууһун I Хомустааҕар «Эйгэ» саҥа көлүөнэ бибилэтиэкэтигэр Эргэ саҥа дьыл уонна Таҥха кэмигэр аналлаах «Билгэлэн. Арчылан» тэрээһин ыытыллар.
Бибилиэтэкэ үлэһиттэрэ иһитиннэрбиттэринэн, биир идэлээхтэрэ Надежда Жиркова, Лариса Сивцева 1970-80 сыллардааҕы сэбиэскэй кэми санатар киһи кэрэхсиир зонатын тэрийдилэр. Бибилиэтэкэҕэ кэлбит дьон болҕомтолорун атахха турар «Чайка» тэлэбиисэр, «Иней-303» лиэнтэлээх магнитофон, «Смена» хаартыска аппарата, «Маяк» чаһы, кыра харыйачаан, Тымныы оҕонньор, Ленин мэтириэтэ, Нам улууһун «Ленин суола», «Эҥсэлиада» хаһыаттара, Саҥа дьыллааҕы аккырыыккалар, оонньуурдар, сувенирдар уо.д.а. урукку кэминээҕи маллар тардыахтара.
Бу эрэ күннэргэ 1947 с. тахсыбыт норуот таптыыр суруйааччылара Николай Якутскай «Төлкө», Николай Мординов—Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм” кинигэлэринэн инникини билгэлэнии, хаартынан сэрэбиэйдэнии уонна маастар-кылаастар ыытыллыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: