Таҥха тэрээһинигэр урукку кэмниин алтыһыахтара

Share

Былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит таҥха иһиллээн, сэрэбиэй быраҕан, кистэлэҥ эйгэ быыһын сэгэтэн, инникилэрин тымтыктанан көрөллөрө. Ол үгэс күн бүгүҥҥэ диэри сүппэккэ-оспокко, таҥха оонньууларын сэҥээрэр киһи билигин да үгүс.

Тохсунньу 12-19 күннэригэр Нам улууһун I Хомустааҕар  «Эйгэ» саҥа көлүөнэ бибилэтиэкэтигэр  Эргэ саҥа дьыл уонна Таҥха кэмигэр аналлаах «Билгэлэн. Арчылан»  тэрээһин ыытыллар.

Бибилиэтэкэ үлэһиттэрэ иһитиннэрбиттэринэн, биир идэлээхтэрэ  Надежда Жиркова, Лариса Сивцева 1970-80 сыллардааҕы  сэбиэскэй кэми санатар киһи кэрэхсиир зонатын тэрийдилэр. Бибилиэтэкэҕэ кэлбит  дьон болҕомтолорун атахха турар «Чайка» тэлэбиисэр, «Иней-303» лиэнтэлээх магнитофон, «Смена» хаартыска аппарата, «Маяк» чаһы, кыра харыйачаан, Тымныы оҕонньор, Ленин мэтириэтэ,  Нам улууһун «Ленин суола», «Эҥсэлиада» хаһыаттара, Саҥа дьыллааҕы аккырыыккалар, оонньуурдар, сувенирдар  уо.д.а. урукку кэминээҕи  маллар тардыахтара.

Бу эрэ күннэргэ 1947 с. тахсыбыт норуот таптыыр суруйааччылара Николай Якутскай «Төлкө», Николай МординовАмма Аччыгыйа «Сааскы кэм” кинигэлэринэн инникини билгэлэнии, хаартынан сэрэбиэйдэнии уонна маастар-кылаастар ыытыллыахтара.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

10 часов ago