Таптал, эрэл кууспут дьоллоох ыала

Таптал, эрэл кууспут дьоллоох ыала

14.07.2024, 13:00
Хаартыска: Вензеллэр тус архыыптарыттан.
Бөлөххө киир:

Бары өттүнэн толору ыаллары Үөһээ Айыылар бэйэлэрэ олохторун холбоон, дьылҕаларын ситимнээн ыыталлар дииллэрэ оруннаах курдук.

Ол ону “Саха сирэ” хаһыат “Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” куонкуруһун кыайыылаах­тара Алексей уонна Ксения Вензеллэр бигэргэтэллэр. Айар дьиэ кэргэн аҕата Өймөкөөн улууһун Сордоҥнооҕуттан төрүттээх. Алексей Петрович Горнай улууһун Маҥаны нэһилиэгин сынньалаҥ киинин салайааччыта, ыал ийэтэ Ксения Анатольевна олох­тоох орто оскуолаҕа педагог-бибилэтиэкэр.

“Кулууп сырдыы түспүтэ…”

Эдэр дьону ыччат таптаан мустар тыа сирин кулууп дьиэтин көхтөөх олоҕо холбообута.

– Ксениябын аан бас­таан кулуупка көрбүтүм. Оччолорго Орто Сурт нэһилиэгэр ыччат лиидэринэн Эраида Капитонова үлэлиирэ. Кини миигиттэн, оччолорго эдэр исписэлиистэн, “ыччаттарбытын күрэскэ бэлэмниибит, онно көмөлөһө кэлээр” диэн ыҥырбыта. Болдьоммут кэмҥэ оҕолор кэлэн испиттэрэ. Арай хайдах эрэ уратытык туттан, биир симик баҕайы кыысчаан сандааран киирэн кэлбитин бэлиэ­тии көрдүм. Санаабар, кулууп сырдыы түспүт курдуга.  Ити курдук, кэргэним буолуохтаах кыыс аан бастаан мин олохпор көстүбүтэ… – диэн кэпсиир Алексей Вензель.

Туох барыта үһүстээх

Оттон Ксения Алексейы аан бастаан көрбүтүн маннык ахтар:

– Саҥа дьыл кэннэ мин устудьуоннуу сылдьан дойдубар тахсыбытым. Ол күн кулуупка туох эрэ тэрээһин буолаары турара. Киирээт, сыанаҕа мааны көстүүмнээх киһи микрофоннары көннөрө турарын көрөн, “ээ, бу дьүүллүүр сүбэ кэлбит” дии санаабытым. Онтум   муусуканы холбуур саҥа исписэлиис эбит. Ол киэһэ кини ырыа бөҕөтүн ыллаабыта. Ити Алешаны аан бас­таан көрүүм этэ. Иккис көрүүм – успуорт саалатыгар киэһэ аайы кэлэн сүүрэр, дьарыктанар этэ. Онно бэйэтин кыанарын сэргии санаабытым. “Туох барыта үһүстээх” дииллэринии, үһүс көрсүһүү кинилиин букатыннаахтык холбообута. Улууска “Сыл устудьуона” куонкурус буолар, онно кыттаҕын” диэн биир киэһэ кулуупка ыҥырдылар. Талааммын көрдөрүүгэ хомустуохтаах этим. Алексей  хомуспун ылан баран, “бу ким оҥорбут хомуһай диэн?” диэн ыйыппыта. Мин кэпсээ­тим. Соннук билсэн барбыппыт. Мин аны онтон ыла кулууптан арахсыбат буолтум. Өссө саас  диэки Клим Федоров «Ыллыыр мыраан» бөлөҕө олохтоох ыччаты түмэн кэнсиэр тэрийбитигэр, Алешаны сыанаҕа тахсарбар көрсөөрү аан бастакыбын соҕотох ыллаан турабын. Арай киһим ырыаҕа бэлэмнэнэр кэммитигэр суох да  суох. Мин хомойуу бөҕөбүн. Кэлин билбитим, “эн эрэпэ­тиисийэҕэ кэлимэ, биһиги бэйэбит бэлэмниэхпит” диэбиттэр. Отчуоттуур кэнсиэргэ кэлбитигэр үөрбүппүөн. Ол күн дискотека ыыта сылдьан, үҥкүүлүү сырыттахпына кэлэн, “үлэм кэннэ эн дьиэҥ диэки барар наадалаахпын, күүтээр, аргыс­таһан барыахпыт” диэн кулгаах­пар сибис гыммыта. Онтон ыла ыкса доҕордоһон, сайын ыал буолан, дьылҕабытын холбообуппут.

Муусука алыбар ылларыы

Оҕо сылдьыаҕыттан кырачаан Алеша дьикти  баҕа санаа­лаах эбит – “ыал буоллахпына хайаан да оҕолорбун ханнык эмэ муусука үстүрүмүөннэригэр оонньуурга уонна ыллыырга үөрэтиэм” диэн.

– Кыра сылдьан, төрөөбүт дойдубар Өймөкөөн улууһун Сордоҥнооҕор  киэһэ аайы кулуупка ыччаттар оонньуулларын наһаа умсугуйан туран көрөр, истэр этим. Убайдыы- бырааттыы Валерий, Владик Аммосовтар, Владимир Проко­пьев, Филипп Неустроев, Инно­кентий Вензель, Александр Меркулов гитаранан ыллыылларын анаан тиийэн  чуумпутук олорон истэрим. Онно сөп буолбакка,  салгыы Былаадьыгы эккирэтэн, кини дьиэтин хочуо­лунайыгар оһоххо мас эбэ олорон, гитараҕа оонньооһун араас албастарыгар үөрэттэрэрим. Күн бүгүнүгэр диэри кини үөрэппит ураты ньыматын туттан оонньуубун. Олох кыра сааспар аҕабыттан көрдөһөн, үс аккорду тутарга үөрэммитим. Онтон салгыы, ити кэп­сээбитим курдук, убайдарбын батыһа сылдьан үөрэммитим. Онон “бастакы учууталларбар” махталым сүҥкэн, – диэн кэпсиир Алексей Петрович.

Дьиэ кэргэн бары мусукаан

Оттон ыал ийэтэ Ксения кэргэнин, оҕолорун өйөөн, дьиэ кэргэн ВИА тэринэригэр эмиэ кыттыспыта.

– Аҕабыт муусукаан буолан, сүрүн баҕа санаата – уолаттарын бары музыкальнай үстүрүмүөннэргэ оонньуурга үөрэтии. Ол ону олоххо киллэрэр сыалтан кыра эрдэхтэриттэн барыларын биир-­биир  күн аайы 5-10 мүнүүтэҕэ тутан олорон дьарыктыыр этэ. Онон аҕа уонна уолаттар хас эмэ сыллаах үлэлэрин түмүгэ – билигин дьиэ кэргэнинэн “Чысхаан” (аҕабыт дойдута Тымныы полюһа – Өймөкөөн)  диэн ВИА тэриннибит. Ол курдук, 17 саастаах Толя – ударнай, барабаан, 14-тээх Артур – ритм-гитара, солист, 9 саас­таах игирэлэр: Авдей – ударнай, барабаан, Алекс – бас гитарист,  мин – клавиша, бас-гитара, аҕабыт Алексей Петрович – бары үстүрүмүөннэргэ оонньуур. Кырабыт Адриан үс саастаах. Улаатыытын саҕана кини да биһиэхэ кыттыһыаҕа.

Кыыс оҕо да кэлиэҕэ

Вензеллэр кыыс оҕону кэтэс­питтэрэ, уол буолан испит. Бу туһунан ыал ийэтэ Ксения Анатольевна маннык кэпсиир:

– Бастакы оҕобут уол, иккиспит кыыс буолар эбит диэн билбиппит. “УЗИ”-га кыыс диэн эппиттэригэр, аатын кытта толкуйдаабыппыт. Онтубут уол оҕо буолан күн сирин көрбүтэ.  Игирэ уолаттарбытыгар биирэ эмиэ кыыс диэн үөрдүбүттэрэ. Эмиэ уолаттар буолан хаалтара. Онтон бэһис оҕобут кыыс буолар ини диэн эрэллээх этибит эрээри, эмиэ уол кэлбитэ. Чэ, буоллун. Кыыс оҕо кэлиэхтээх кэмигэр кэлиэҕэ диэн эрэнэбит.

Барытын субуотунньук быһаарар

Вензеллэр статустарыгар өрүү күргүөмүнэн үлэлии сылдьалларын таһаараллар. “Бу эһиги наар үлэлии сылдьаргыт эрэ өйбөр баар…” диэбиппэр, ийэлээх аҕа уочаратынан санааларын үллэһиннилэр.

– Уолаттарбытын үлэҕэ-хамнаска, дьону ытыктыырга, ийэлээх аҕаҕа, чугас аймахтарыгар  тапталынан, убаастабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар иитэбит. Эһээбитин кытта кыттыгас ынахтаахпыт, сылгылардаахпыт. Сайын аайы куурусса иитэбит. Түөрт уол бары ынах ыыллар. Уолаттарбытын кыра эрдэхтэриттэн үлэнэн иитэбит. Миигин уонна эһээлэрин кытта тэҥҥэ сылдьан оттууллар, балыктыыллар, саас-күһүн мас мастыыллар, бултууллар, сайын – оҕуруот, ынах ыаһына, ньирэй көрүүтэ, кыһын – муус киллэрии, хаар күрдьүү. Ол быыһыгар оҕо көрүүтэ. Бэйэ-бэйэлэрин көрсөн улаатыннардылар да, улааттылар да. Тыа сирин ыалыгар ха­­йаан да ынах сүөһү, сылгы баара ордук. Элбэх оҕолоох, биллэн турар, үлэҕэ олох кыайыылаах. Барытын биирдэ субуотунньуктаан кэбиһэбит. Онон оҕолорбутугар бу Орто дойдуга биирдэ бэриллэр олоххо бары туох эрэ кэрэни, үтүөнү оҥорон барыахтаахпыт диэн бигэ санааны иҥэрэбит, – диэн санаа­лаах ыал аҕата Алексей Петрович.

Уол оҕо – Таҥара бэлэҕэ

Оҕону иитиигэ санаатын  ыал ийэтэ үллэстэр:

– Кыыс оҕону иитэри билбэппин эрээри, уол оҕо – быдан судургу: сирэйин суунна, аһын аһаата да ойон хаалар. Оҕолорбутун олох борос­туойдук иитэбит. Аска-таҥаска хаппырыыстаабат дьон. Кыра эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, харыстаһан сылдьаллар. Оттон билигин улаатан, аҕалара ыйан эрэ биэрэ сылдьар. Онон уол оҕо – Таҥара бэлэҕэ эбит диэн олуһун үөрэбит. Барытын бэйэлэрэ оҥороллор. Уолаттарбыт кыыс үлэтэ диэн толлон турбаттар, бары тэҥинэн астыыбыт. Улахан уолбут кыра эрдэҕиттэн минньигэстик аһыырын сөбүлүүр. Онон  ас астыырын кимнээҕэр ордорор. Бисквит уонна панкейки  – пиирмэннэй астара. Хата биһиги абыранныбыт. Орто уол миини, торуойу сөбүлээн буһарар. Игирэлэрбит да хаалсыбаттар, барытыгар кыттыһан иһэллэр. Кинилэр салааты кыайа-хото туталлар.  Улахан уолбут Толя 9-с кылаас кэннэ Юрий Готовцев аатынан Дьокуускайдааҕы технологическай тиэхиньукумҥа кондитер идэтин үөрэнэн бүтэрдэ. Салгыы пуобар үөрэҕэр туттарса сылдьар. Быыс булан бэ­­йэбит нэһилиэкпитигэр үлэтин саҕалаабыта. Онон бэйэбит анал идэлээх асчыттаахпыт.

Бэрээдэк, хонтуруол – сүдү күүс

Алексей уонна Ксения Вензеллэр уол оҕону иитиигэ улахан уопуттаах дьон быһыытынан элбэх оҕону иитиигэ маннык сүбэлииллэр:

– Бастатан туран, олох кыра эрдэхтэриттэн бэрээдэги күүскэ хонтуруоллуубут. Онон улаатыыларын саҕана улахан уустуктары көрсүбэтибит. Кыра эрдэхтэринэ массыыната суох буолан, кэлии-барыы өттүгэр айаҥҥа таксыыга элбэх харчыны барааччыбыт. Ол иһин бэ­­йэбит массыына ыларга сорук туруорунан, баҕа санаабытын толорбуппут. Билигин уолаттар улаатан эрэр буолан, интэриэстэрэ уларыйан, аныгы үйэ олоҕун ирдэбилинэн тэҥҥэ хаамсан иһэллэр. Ол сиэринэн ону-маны ыллараллара, “сакаас­тара” элбээн барбытыгар, уопсай сүбэнэн уочаратынан ылабыт. Элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыба көмөтө, өйөбүлэ үгүс буолан, абыранабыт. Кылаабынайа, туох, хайдах хаһан көрүллэрин, оҥоһулларын билиэххэ-көрүөххэ наада. Ону таба көрөн, эккирэтиһэн, тустаах докумуону кэмигэр толорон, сөптөөхтүк туһанабыт. Онон судаарыстыбабытыгар, Ил Дархаммытыгар, улууспут баһылыгар махталбыт муҥура суох.

Хаһыат куонкуруһун туһунан

Ыал аҕата Алексей Пет­рович “Саха сирэ” хаһыакка куонкурус туһунан ааҕаат: «Бу – биһиги куонкуруспут, хайаан да кыттабыт!» диэбит. Ыал ийэтэ Ксения Анатольевна «Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылларыгар биһиэхэ анаммыт куон­курус эбит» диэн тута сөбү­лэспит.

– «Саха сирэ» хаһыат кэлэктиибигэр олус улахан махталбытын тиэрдэбит. Кырдьык да, өрүү кырдьыгы суруйар хаһыат дииллэрин илэ итэҕэйдибит. Кырдьыга, ханнык эрэ түгэҥҥэ бастыыр эрэ санаалаах кэлбит дьон, олус күүстээх, кыахтаах кыттааччылары көрөн, сэрэхэдийэн ылбытым. Биһиги дьолбутугар, дьүүллүүр сүбэ, кырдьык да бары өттүнэн ирдэбиллээх эбит! Кинилэр эрдэ ыыппыт докумуоммутун сиһилии үөрэппиттэр, көрбүттэр-истибиттэр. Онон аҕыйах мүнүүтэлээх толоруунан эрэ сыаналаабакка, айар үлэбитин, хас биирдии ситиһиибитин учуоттаан, олус сөптөөхтүк дьүүллээтилэр. Бу куонкурус икки түһүмэҕинэн барыыта тэрээһини өссө үрдүк таһымныыр. Бастаан ситиһиилэрбитин, айар үлэбитин кытта ыкса билсэн баран, илэ бэйэбитин истэллэр эбит. Онон мантан инньэ хаһыат ыытар бары куонкурустарыгар салгыы кыттыахпыт. Махтал буоллун, «Саха сирэ» хаһыат кэлэктиибигэр! Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларынан бэртээхэй тэрээһини бэлэхтээн, биһигини наһаа үөртүлэр, – диэн Өлүөнэ очуостарыгар путёвканан наҕараадаламмыт дьоллоох ыал ийэтэ Ксения Вензель санаатын үллэһиннэ.

… Сотору кэминэн хаһыаппыт дьоруойдара Саха сирин биир саамай кэрэ сиригэр сынньана барыахтара. Кинилэргэ бары үтүөнү, баҕа санаалара барыта кэмигэр туола турарыгар баҕарабыт.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: