Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов “Таптал” дыраамата турбута.
Руслан Тараховскай испэктээги мюзиклга чугас гынан туруорбут буолан, артыыстар элбэхтик ыллаатылар.
Айымньыга батталлаах хараҥа үйэ саҕанааҕы дьахтар дьылҕата көстөр. Кэтириис, аймах оҕонньоругар иитиллибит, тулаайах кыыс, үйэтин тухары хамначчыт курдук үлэлээн улааппыт. Ситэр-хотор кэмэ кэлбитин кэннэ баайга-дуолга ымсыыран, Сис Сэмэнэ диэн хас да ойоҕун көмпүт, кырдьаҕас баай киһиэхэ атыылыыллар. Кэтириис кэргэн тахсан баран да, хамначчыт курдук кырбана, атаҕастана сылдьарыттан кыһыйан, сылайан таптыыр киһитэ Бүөтүрдүүн күрүүргэ быһаарынар. Бүөтүр үөрэхтээх буолан, Кэтирииһи суут-сокуон көмөтүнэн эриттэн араараары куораттаабыт кэмигэр булан ылаллар. Кэтириис Бүөтүрүн күүтэ сытан олохтон күрэнэр.
Испэктээк ааптар айымньытыттан улахан уратыта суох. Сыанаҕа оонньонор буолан, билгэһит тыыраахылары, иэйэхсити көрүөхпүтүн сөп. Кинилэр араас дьүһүннээх салбырҕастаах, ойуун кыырар таҥаһыгар маарынныыр, маҥан таҥастаахтар. Ити, мин санаабар, уус-уран деталь буолар. Кэтириис Бүөтүрү кытта күрүүрүгэр иэйэхситтэр дьылҕатын быатын төлө тутан кэбиһэллэр, кыыһы төннөрөөрү эрийэ сатаабыттара быстан хаалар. Онтон айымньы түмүгэр Кэтирииһи ити быанан баҕанаҕа баайаллар.
Артыыстар бэйэлэрин оруолларыгар олус барсаллар, итэҕэтиилээхтик оонньууллар. Саамай биһирээн көрбүт уобараһым Күлүк Сүөдэр буолар. Кини оруолун Александр Борисов толорор. Сүөдэр эмиэ араас өҥнөөх салбырҕастаах маҥан таҥастаах, онон көрөөччү кини резонер уобарас буоларын тута өйдүүр. Александр Борисов туспа, киһини абылыыр куоластаах буолан, Сүөдэр ыллыырын, олоҥхолуурун көрөөччү сэргиир. Ону таһынан, мин санаабар, Сүөдэр испэктээк тухары сыҥаһаҕа олорон баран бүтүүтэ турара сүрдээх күүстээх, киһи кутун тутар түгэн. Ити түгэни Александр Борисов итэҕэтиилээхтик, киһини долгутардык көрдөрөр.
Түмүктээн эттэххэ, Руслан Тараховскай туруоруутугар испэктээк саҥа өҥнөрүнэн оонньообут, олус интэриэһинэй, киһи кутун ордук тутар буолбут. Кини ааптар айымньытын уларыппакка эрэ, эбэн, киэргэтэн арыйбыта олус үчүгэй.
Людмира АЛЕКСЕЕВА
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…