«Тапталлаах куораппыт куруук күөх буоллун!»

«Тапталлаах куораппыт куруук күөх буоллун!»

10.09.2024, 15:21
Хаартыска: А.Васильева.
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга көҕөрдүүгэ, сибэккини олордууга «Зеленый кубок столицы» диэн күрэс үһүс төгүлүн ыытылынна. Куорат күнүгэр бу күрэс түмүктэрин таһаардылар. Кыайыылаахтарга мээр Евгений Григорьев наҕараадалары туттартаата.

Хаартыска: А.Васильева.

Манна уокуруктар, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр, чааһынай дьон кытталлар. Бастакы түһүмэххэ 202 сайаапка киирбититтэн, 75 кыттааччы иккис түһүмэххэ тахсыбыта. Уокуруктарга кыайыылааҕынан Гагаринскай уокурук тахсан, көһө сылдьар Кубогынан наҕараадаланна. Улахан тэрилтэлэргэ  «Сургутнефтегаз», «Аэропорт Якутск» хампаанньалар, Ил Түмэн аппараата кыайдылар. Чахчы, «Сургутнефтегаз» тэрилтэ тиэргэнэ ураты кэрэ көстүүлээҕинэн куорат киинигэр харахха быраҕыллар. Сибэккилэри, газону, олордуу мастары анал үлэһит бүөбэйдиирэ көстөр.

Бу курдук орто, кыра тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр, о.д.а. наҕараадаланнылар, номинация элбэх.

Тэрилтэлэргэ Е.Г. Корнилова аатынан «Кэскил» уһуйаан эмиэ бэлиэтэннэ. Бу уһуйаан Сайсары  оройуонугар баар, саҥа дьиэлээх, аныгылыы, тупсаҕай көрүҥнээх.

Акулина Кубарова, «Кэскил» уһуйаан сүрүн иитээччитэ:

— «Зеленый кубок столицы» диэн күрэскэ сыл ахсын кыттабыт уонна куруук миэстэлэһэбит. Бүгүн биһиэхэ эмиэ үөрүүлээх күн — куорат көҕөрдүүгэ ыыппыт куонкуруһугар 2-с миэстэ буоллубут. «Цветущий сад» диэн анал ааты ыллыбыт. Онон олус үөрдүбүт! Тапталлаах куораппыт куруук күөх, сиэдэрэй сибэккилээх, кэрэ көстүүлээх  буоларыгар кыһаллабыт.

Биһиги уһуйааммыт сахалыы хайысхалаах. Сайын ахсын подсолнухтан, петунияттан саҕалаан, сибэккилэри олордон, көрөн-истэн, бүөбэйдээн, араастаан киэргэтэн, күһүн ахсын оҕолорбутун кэрэ көстүүнэн көрсөбүт. Оҕолору иитиигэ тулалыыр эйгэ кэрэ көстүүлээх буолара эмиэ оруоллаах, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Хаартыска: 2ГИС.
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: