Тапталы дьүһүйэр сонун испэктээк

Share

Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатыра быйыл Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар үҥкүүнэн туруоруллубут, икки оонньуулаах «Ситим» номох-испэктээги иккис төгүлүн көрдөрдө.

Хаартыска: Үҥкүү тыйаатыра.

«Ситим» испэктээги үҥкүү аныгы тылынан айыллыбыт, олоҥхоҕо, саха норуотун номохторугар уонна сэһэннэригэр олоҕурар. Манна саха норуотун үгэс буолбут култуурата, аныгы үҥкүү-битии, киһи айылгытын көстүүтэ уо.д.а. силбэһэллэр. Испэктээкил Өлүөнэ эбэ хочотугар, «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка таһыгар ыччат бииргэ түмсүбүт үөрүүтүттэн-көтүүтүттэн саҕаланар. Билиҥҥи олох уонна мистика, өбүгэ үгэстэрэ уонна аныгы көстүүлэр силбэһэн, көрөөччүнү кэрэхсэтэллэр.

Бу «Ситим» номох-испэктээкил Үҥкүү тыйаатырын Арассыыйа туруорааччыларын кытары иккис үлэлэрэ буолар. Бу испэктээги туруорааччы-хореограба, «Көмүс Софит» бириэмийэ лауреата, Борис Эйфман балетын тыйаатырын артыыһа Олег Марков (Санкт-Петербург) , композитор — Ян Круль (Иркутскай), либретто ааптара уонна хореограф көмөлөһөөччүтэ, балет кириитигэ Вероника Кулагина (Санкт-Петербург) буолаллар.

Сүрүн дьоруойдары — Көмүс кыыс оруолун Сиан Винокурова, Өксөкү уол оруолун Николай Павлов олус итэҕэтиилээхтик толордулар.

Манна өссө Үрүҥ Айыы Тойон, Арсан Дуолай, Тимир Дьигис абааһы, Күөх Боллох Тойон, ойууннар, кыталыктар, уо.д.а. ураты оруоллар бааллар.

Саалаҕа элбэх оҕолор, бүтүн кылааһынан көһөн кэлбиттэрэ, болҕойон көрөллөрө, ытыс тыаһын харыстаабаттара — көрөөччүлэр бу испэктээги сөбүлээбиттэрин туоһута буолар.

Сыанаҕа таптал бастакы кыымыгар бас бэринии, таптал барыны кыайар күүһүгэр итэҕэйии туһунан киһини долгутар остуоруйаны кэпсиир испэктээк турда. Бу умсугутуулаах остуоруйа саҥа муусука доҕуһуолунан, үҥкүү тылынан кэпсэнэр. Тыйаатыр сыанатыгар бу олох саҥа испэктээк буолла – маннык муусука, декорациялар, көстүүмнэр хаһан да көрдөрүллэ иликтэрэ. «Ситим» эмиэ фольклор үгэстэрин сыанаҕа толкуйдаан көрдөрөр (интерпретация) буолар, бу испэктээккэ ситим быстыбат.

Санаттахха, Владимир Путин култуура билигин, дойдубут уустук кэмигэр, олус улахан суолталааҕын бэлиэтээбитэ. Култуура нөҥүө биһиги духуобунаспыт, үгэспит, норуот быһыытынан уратыбыт бэриллэр. Ыарахан, уустук кэмнэрбитигэр биһиги мантан күүс-уох ылынабыт, санаабытыгар санаа эбинэбит. Ол иһин олохпутугар култуура олус улахан суолталаах, — диэн эппитэ кини.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Саҥа сылы тыа сиригэр уратытык көрсөр үгэстээхтэр

Уус Алдаҥҥа Бээди төһө даҕаны киинтэн тэйиччи, кытыы буолбутун иһин, олус сэргэх олохтоох. Манна бааллар…

22 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эһээ Дьыл 2025 сыл туһунан

Гавриил Спиридонович Угаров-Эһээ Дьыл ХИФУ бэрэпиэссэрэ, биология билимин дуоктара, фантаст-суруйааччы. Ытык киһи Эһээ Дьыл диэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Александр Жирков: Олохтоох аһы-үөлү, малы-салы оҥорууну үксэтии биһиги норуоппутугар тыын суолталаах

Ил Тумэҥҥэ ыытыллыбыт парламент истиилэригэр бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтии кыһалҕаларын уонна кэскилин дьүүллэстилэр. Мунньаҕы…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка икки массыына харсыспыт

Тохсунньу 1 күнүгэр киин куоракка Курнатовскай аатынан уулуссаҕа Toyota Succeed  массыына 55 саастаах суоппара утары…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 3  күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый?  Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

17 часов ago