Тарас Десяткиҥҥа пааматынньык туруорулунна
Дьокуускай куоракка Социалистическай Үлэ Дьоруойа, Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята уонна Октябрьскай Революция уордьаннар кавалердара, РСФСР үтүөлээх металлура, Саха АССР үтүөлээх горняга Тарас Гаврилович Десяткиҥҥа пааматынньык туруорулунна.
«Якутзолото» хампаанньа урукку дьиэтин таһыгар 2019 сыллаахха Тарас Десяткиҥҥа аналлаах мемориальнай дуоска туруоруллубута. Пааматынньык эмиэ бу таһынан баар.
Тарас Десяткин «Якутзолото» хампаанньаны 1972-1991 сылларга салайбыта. Бу кэмҥэ көмүс хостооһуҥҥа улахан көрдөрүүнү ситиспиттэрэ. Депутатскайдааҕы хорҕолдьуну хостуур комбинат, Сарылахтааҕы хайаны байытар комплекс үлэтин саҕалаабыта.
Кини 1928 с. Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр төрөөбүтэ. Магаданнааҕы хайа техникумун, Ленинградтааҕы хайа университетын бүтэрбитэ.
1953 сыллаахтан «Кизелуголь» (Пермь) треһин «Капитальная» шахтатыгар салайааччы көмөлөһөөччүтүнэн, онтон салайааччынан, Иркутскай уобаласка Черемховскайдааҕы таас чох сиригэр үлэлээбитэ.
1955 сыллаахтан Саха сирин бырамыысыланнаһыгар: хайа маастарынан, Кангаластааҕы таас чох руднигар сүрүн инженеринэн, Саха АССР миниистирдэрин сэбиэтин иһинэн ититии бырабылыанньатын сүрүн инженеринэн, Дьабарыкы Хайа шахтатын бырабылыанньатын салайааччытынан, «Алданслюда» комбинатын Эльконка руднигын сүрүн инженеринэн үлэлээбитэ.
1961 сыллаахтан «Мирный» рудник «Якуталмаз» треһин сүрүн инженерэ.
1969 сыллаахтан «Якуталмаз» дириэктэрин солбуйааччы.
1972-1991 сс. «Якутзолото» солбуйааччы.
1991 с. – «Золото Якутии» хампаанньа дириэктэрэ.
Социалистическэй үлэ дьоруойа, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, КПСС XXV съеһин кыттааччыта, Ленин уордьанын икки төгүллээх лауреата. Саха ССР үтүөлээх горняга, РСФСР үтүөлээх металлура. СӨ бочуоттаах олохтооҕо. «Золото, алмазы и моя жизнь», «Люди, золото, алмазы…» кинигэлэр ааптардара.
Тарас Гаврилович Десяткин аата 66,37 караттаах алмааска иҥэриллибитэ.
Хаартыска https://sakhalife.ru/fotofakt-segodnya-nochyu-byl-ustanovlen-pamyatnik-tarasu-desyatkinu/
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: