Тарас Тарасов-Тускул: «Кэскилбит туһугар быыбарга кыттабын»
Көмүс күһүммүтүн кытары быйылгы быыбарбыт бу тиийэн кэллэ. Быйылгы тэрээһиҥҥэ кыттаары сылдьар дьон санааларын ааһан, бастаан хайдах-туох быыбардаабыттарын ыйыталастыбыт.
Тарас Тарасов-Тускул, норуот синоптига:
– Мин сааһым тухары быыбарга көхтөөхтүк кыттабын. Араас хамыыһыйаҕа уопсай тэрээһин миигинэ суох ааспат. Быыбар курдук уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй тэрээһинтэн киһи хайдах туора олорон хаалыан сөбүн өйүм хоппот. 90-с сылларга саҥа демократическай быыбар кэмэ буолан буолуо, бэрт айдааннаахтык ааһар этэ. Оттон сэбиэскэй кэм быыбара ас-үөл атыыта, кэнсиэр аргыстаах буолара. Урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, аныгы үйэ быыбара бэрт тэрээһиннээхтик, сокуону тутуһан, дьыалабыайдык барар.
Кэлин олохпут тупсуута – сөптөөх быыбар түмүгэ дии саныыбын. Ол бэйэм нэһилиэгим холобуругар көстөр: норуот куоластааһынынан кэккэ тутуу барда (ППМИ), саҥа таас оскуола-уһуйаан тутулунна. Аны биир кэлим киин (МФЦ), эһиил «Халыма» федеральнай суолугар холбоһор Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕэр быһалыы тиийэр Абалаах-Халыма суола оҥоһуллуоҕа. Биһиэхэ эрэ буолбакка, үгүс нэһилиэккэ маннык кэскиллээх тутуу үгүс. Ол иһин сайдыыбыт, кэскилбит туһугар куоластыыр, быыбарга сылдьар буоллахпыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: