Тарас Тарасов-Тускул: «Кэскилбит туһугар быыбарга кыттабын»

Share

Көмүс күһүммүтүн кытары быйылгы быыбарбыт бу тиийэн кэллэ. Быйылгы тэрээһиҥҥэ кыттаары сылдьар дьон санааларын ааһан, бастаан хайдах-туох быыбардаабыттарын ыйыталастыбыт.

Тарас Тарасов-Тускул, норуот синоптига:

– Мин сааһым тухары быыбарга көхтөөхтүк кыттабын. Араас хамыыһыйаҕа уопсай тэрээһин миигинэ суох ааспат. Быыбар курдук уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй тэрээһинтэн киһи хайдах туора олорон хаалыан сөбүн өйүм хоппот.  90-с сылларга саҥа демократическай быыбар кэмэ буолан буолуо, бэрт айдааннаахтык ааһар этэ. Оттон сэбиэскэй кэм быыбара ас-үөл атыыта, кэнсиэр аргыстаах буолара. Урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, аныгы үйэ быыбара бэрт тэрээһиннээхтик, сокуону тутуһан, дьыалабыайдык барар.

Кэлин олохпут тупсуута – сөптөөх быыбар түмүгэ дии саныыбын. Ол бэйэм нэһилиэгим холобуругар көстөр: норуот куоластааһынынан кэккэ тутуу барда (ППМИ), саҥа таас оскуола-уһуйаан тутулунна. Аны биир кэлим киин (МФЦ), эһиил «Халыма» федеральнай суолугар холбоһор Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕэр быһалыы тиийэр Абалаах-Халыма суола оҥоһуллуоҕа. Биһиэхэ эрэ буолбакка, үгүс нэһилиэккэ маннык кэскиллээх тутуу үгүс. Ол иһин сайдыыбыт, кэскилбит туһугар куо­­ластыыр, быыбарга сылдьар буоллахпыт.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

Е-Якутияҕа «”Забота” байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин пааспара» өҥө саҥа таһаарыытын көрүҥэ үлэлээтэ

Е-Якутия порталга «”Забота” байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин пааспара» өҥө саҥаттан таһаарыыта үлэҕэ киирбитин туһунан СӨ…

3 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

ВИДЕО: Куокуйдар уолаттарга анаан таҥас тигэн ыыттылар

Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга наадалаах таҥаһы тигии салҕанар.  [gallery ids="248668,248669"] Алтынньыга Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин…

19 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Борокуруор ирдэбилинэн «Якутия» ФАПК үлэһиттэригэр 8,2 мөл. солк. тахса суумалаах хамнас төлөннө

СӨ Борокуруора Максим Попов сорудаҕынан, өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын аппараата үлэ быраабын тутуһуу боппуруостарыгар «Якутия» ФАПК үлэһиттэрин …

19 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сыл бүтүүтэ «Түүлчээннэр» ойуулук сериал сүрэхтэниэҕэ

Түүллэргэ киирэр аптаах оҕолор сырыыларын туһунан кэпсиир «Түүлчээннэр» диэн саҥа сахалыы ойуулук сериала бу сыл…

24 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Ньурбаҕа «Саха сирэ – Дьоруойдар сирдэрэ» бырагыраама курсаана «КөмүсКэл» сыах үбүлүөйүгэр кытынна

Бу күннэргэ «Саха сирэ – Дьоруойдар сирдэрэ» бырагыраама курсаана Валерий Петров Ньурбаҕа «КөмүсКэл» сыах  тэриллибитэ…

33 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Чайковский фест. Якутск» бэстибээл арылынна. Күндү ыалдьыт буолуҥ.

Дойду тыйаатырдара аатырбыт “Щелкунчик” туруорууну репертуардарыгар киллэрэн, хайаан да көрдөрөллөр. Ол да курдук, Саха сиригэр …

53 минуты ago