“Тарат” кэпэрэтиип – сүөһүлээх ыал эрэлэ

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар “Тарат” диэн ТХПК кэтэх ыал сүөһүтүн көрөн дьон махталын ыларын туһунан истибиппит. Онон бу кэпэрэтиип үлэтин билсээри, бу соторутааҕыта ырыаҕа ылланарыныы, “талба-талыы хонуулаах” Таракка тахса сырыттыбыт.

Манна ыраахтан арочнай быһыылаах хотон, аттыгар турар үлэһиттэр сынньанар уонна үүтү тутар  дьиэлэрэ киһи хараҕар быраҕыллар. Тулаайах кулунчук хотон тиэргэнигэр эмиэ хаһаа­йын курдук туттан утары сүүрэн кэллэ. Биһиги кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ, Санкт Петербурдааҕы Экэниэмикэ, технология, салайыы институтун бүтэрбит,  өссө охотовед идэлээх, баара-суоҕа 35 саас­таах Петр Петровтуун күө-дьаа буолан, үлэ-хамнас туһунан сэһэргэстибит. Биир үтүө сонун – 1 мөл. солк. ититиини, 600 тыһ. солк. гааһы киллэрбиттэр. Онуоха улуус балтараа мөлү­йүөнү көмөлөспүт!

“Тарат” кэпэрэтиип быйылгы кыстыкка улаханныын-кыралыын 90 сүөһүнү кыстатан турар. Бу хотоннорун 2021 с. үлэҕэ киллэрбиттэр. Хаһаайыстыба манна уонтан тахса ыал сүөһүтүн көрөн-харайан турар. Кинилэргэ олохтоохтор, ону тэҥэ, Хаҥалас уонна Уус Алдан улуустарын сүөһүлээх ыаллара көрдөрөллөр. Билигин түөрт ынах төрөөбүт. Ону ынах хаһаайыныгар хаартыскаҕа түһэрэн бассаабынан тута ыыталлар эбит. Сылга 200-тэн тахса са­­йаапка киирэр. Быйыл 240 киирбититтэн 90-нун эрэ көрөр кыахтаммыттар. Тоҕо диэтэххэ, бу хотоҥҥо итиччэ сүөһүнү эрэ батарар кыахтаахтар.

– Бастаан аһылларбытыгар дьон эрэммэт курдук этэ, онтон кыс ортото Тумултан, чугас нэһилиэктэртэн сүөһүлэрин аҕалтаабыттара. Онон билигин кыстыкка көрө ыларбар аан бастаан ити эрэллээх пайщиктаахтарым сүөһүлэрин уочарата суох ылабын. Бу үөрэтэн көрдөхпүнэ, биһиэхэ сүөһүлэрин көрдөрүөн баҕалаах элбэх. Тоҕо диэтэххэ, дьон үксэ сааһыран, хотон үлэтин кыайбат буолан иһэр. Онон саҥа хотону эбии туттахпытына эрэ, кыаллар кыахтаах.  Бастакы сылбытыгар кыттыгас үбүлээһиммит суоҕа. Иккис сырыыбытыгар докумуоммут итэҕэс буолбута. Потребительскай кэпэрэтииптэри өйүүр бырагырааманан муҥутуур сууманы диэн 10 мөл. биэриэхтээхтэр, онно эбии 5,5 мөл. солкуобайы бэйэм угуохтаахпын. Хата, улууһум дьаһалтата хотон туттар түгэммэр кыттыгас үбүлээһини уйунуом диэн үөрдүбүтэ. Уонна үлэбитин өйүүр улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга И.Е.Семеновка,  докумуоннарбар көмөлөһөр нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ М.Е. Стручковаҕа махтанабын, – диэн Петр Петрович хотонун иһин көрдөрө сылдьан кэпсээ­тэ.

Хотоҥҥо саҥа төрөөбүт ньирэй­дэр чөрбөҥнөһө түстү­лэр. Хаама сылдьан от сыатын сиир кууруссалар уонна кустар хотон иһин сэргэхси­тэллэр, хоруудаҕа киирэн, бэл, сөтүөлээн чомполонон тахсаллар. Хата, күн аайы сибиэ­һэй сымыыты сиэн үлэһиттэр абыраммыттар, оттон кустарын көрдөрөөччүлэр манньатын бытархай үлэни толорууга көмөлөһөллөр. Онон түргэнник ситэр салаа эргиччи туһалаах буолбут.

Үлэһиттэр – эр дьон

Кэргэнэ Виринея Витальев­на Култуура киинигэр уус-­уран салайааччынан үлэлиир. Бастаан кийиит буолан кэлэригэр уол дьоно: “Ынаҕы ыыгын дуу?” – диэн ыйытан соһуппуттар. Онон ынаҕы хаһан да ыан көрбөтөх кыыс түргэн баҕайытык үөрэнэн, баста­йааннай ынах ыаччы көстө илигинэ кэпэрэтииптэрин ынаҕын иккиэн ыы сылдьыбыт кэмнээхтэр, ол да иһин билигин бэйэлэрэ сүөһүлээхтэр.

Билигин хаһаайыстыба үлэһиттэрэ бары эр дьон. Ол курдук, массыынанан ыаһын операторын, Амматтан кэлбит Сергей Кузьмины бэрэссэдээтэл баар-суох тутаах киһим, суохпар хотонум тойоно диэн ааттыыр. Өссө осеменаторга үөрэттэриэн баҕарар, зоотехник да буолар кыахтаах диир. Тырахтарыыс Роман Птицын оту быыстала суох хааччыйар. Оробуочайдар Роман Бочкарев, Юрий Баишев: “Күҥҥэ иккитэ тыраахтарынан анал миэстэҕэ тиэйэбит”, – дэһэллэр бэрт сэмэйдик уонна бэркэ кыһанан сүөһүлэр ноһуомнарын ыраас­таан, күрдьэҕинэн тыраахтардарын иһитигэр быраҕаллар.

Бэрэссэдээтэл үлэһиттэрин дьиэнэн хааччыйтарыыны туруорсар. Билигин муниципальнай уопсай дьиэҕэ олороллор. Таракка көһөрүллүөхтээх дьиэ оннугар 5 кыбартыыралаах толору хааччыллыы­лаах дьиэ тутуллуохтаах. Итинтэн иккитин олохтоох  дьаһалта “Тарат” ТХПК-га аныырга эрэннэрбит. Бу иккис үтүө сонун!

Улуус хоту нэһилиэктэрин хааччыйар “Хоту” кэпэрэтиип массыыната Сергей Кузьмин ыабыт үүтүн күн аайы кэлэн тиэйэр. Билигин ынахтар саҥа төрөөн эрэллэринэн, ортотунан, 250 киилэни туттараллар, кэлин былааннарын толоруохтара. Дьэ, элбэх үүтү ыыр туһугар тугу гыныахха? Ынахтарын эрдэ төрөтөргө искусственнай буоһатыыны тэрийиэхтэрэ, онно эбии аһылык баазатын тупсарыахтара. Оччоҕо манна үрүҥ илгэ үрүлүйүөҕэ.

Сайылыкка уот киирдэр ханнык

Бэрэссэдээтэл потребительскай кэпэрэтиип бэйэтигэр түҥэтиллибэт пуондаҕа хаалар сүөһүлээх буолуон баҕарар. Ити 30-40 бырыһыаҥҥа тэҥнэһиэхтээх. Ол аата кэпэрэтиип ханнык эрэ төрүөтүнэн (баҕар, дьон кэлин сүөһүтүн көрдөрбөт буолуоҕа) эстэр түгэнигэр бэйэтэ сүөһүлээх-баай­даах буолуохтаах. Ол иһин ыраа­ҕы өтө көрөр эдэр салайааччы Ньурба, Хаҥалас улуустарыттан уонна ыаллыы “Тумул” кэпэрэ­тииптэн сүөһүнү ыларга кэпсэтэ сылдьар. Оччоҕуна сүөһү да хаана уларыйан, төрүөх эҥин тупсуо этэ диэн баҕа санаалаах. Хата, сүөһү атыылаһарга өрөспүүбүлүкэ Тыа хаһаа­йыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтэ толуйууну көрөрө үчүгэй.

Иккис баҕа санаата – бааһы­налары ылан, чөлүгэр түһэрии. Быйыл 50-70 гектардаах икки бааһынаны  ылбыт. Онно кукуруза ыһыахтарын баҕараллар. Быһата, сүөһүгэ эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ бу бааһыналар көмөлөһүөхтэрэ.

Үһүс баҕа санаата – Эбэ түгэҕэ диэн сайылыктарыгар уоту тартарыы. Бу сайылыктара “Тумул” кэпэрэтииптэн 2,5 км сытар. Итинтэн уоту тартарыыга 22,5 мөлүйүөн наада. Дьэ, бу үлүгэрдээх үбү хантан ылабын диэн ол толкуйугар сылдьар. Маныаха СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ минис­тиэристибэтэ көмөлөһөрө буол­лар диэн бу соторутааҕыта буолан ааспыт СӨ ситэ­риилээх былааһын отчуотугар этиммитэ. Тоҕо диэтэххэ, пайщиктаахтар 80-90 бырыһыаннара сайыҥҥы өттүгэр ынахтарын эмиэ ыатыахтарын баҕараллар. Ол сайылыктара уоттаах эрэ буоллаҕына, кыаллар кыахтаах.

Ыаллар сүөһүлэрин көрдө­рөн, төһө эрэ абыраннылар дии саныыгын, бу от сиэн наҕыллык кэбинэ турар ынахтары көрө сылдьан. Кырдьык да, абыраллаах буоллаҕа.

П.Петров бөлүһүөктүү санаа­тын үлэһиттэрэ эмиэ бэркэ сэргээн истэллэр. “Билигин тыа хаһаайыс­тыбатын былыргылыы көрөр табыллыбат. Тыа сиригэр олоруохха наада. Биһиги Таракка гаас­таах буоламмыт дьиэбитин толору хааччыллыы­лаах оҥоһуннубут. Билигин дьон үксэ куоракка талаһар, үгүстэр таас дьиэни атыылаһыынан муҥурданан хаалаары гыннылар. Дьиҥэ, баар сирдэрбитин баһылаан, сүөһүнү дэлэччи иитэн олоруоҕуҥ. Мин оҕолорум тыа сирин сибиэһэй салгынынан тыыналлар, куорат оҕолоруттан итэҕэһэ суох сайдаллар диэн үөрэбин. Соҕурууттан кэлэр бородууксуйатааҕар бэ­­йэбит ыраас аспыт-үөлбүт ордуга чахчы”, – диэн баран хотонун иһигэр турар  сүөһүлэрин диэки эрэммиттии көрөн кэбистэ бэрэссэдээтэл.

Бу курдук эдэр ыаллар уонна сахалыы толкуйдаах эдэр дьон  олохсуйан истэхтэринэ, тыа сиригэр хамсатар күүһүнэн буолууһулар диэн санаалаах абыраллаах “Тарат”  кэпэрэтиип үлэтин билсэн, астынан төнүннүбүт. 

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago