“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн — 30, Хорообуттан –10, “Тумул” хаһаайыстыбаттан -10, ону тэҥэ бэйэтин нэһилиэгин иһиттэн 10 төбөнү атыыласта. Бу тиҥэлэри ылыыга Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын гранын туһанна. Онон кыстыкка уопсайа 75 сүөһүнү киллэрдилэр.
Ону тэҥэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин (миниистир А.Александров) “Сири оҥоруу” бырагырааматыгар кыттан, тыраахтар ыллылар. Өссө 2 км усталаах бааһына күрүөтүн туттулар, онон кэлэр өттүгэр ыһыы үлэтинэн дьарыктаныахтара.
— Ол эрээри быйылгы кыстыкка оппут тиийбэт. Онон Томпоттон – 40 т, бэйэбит нэһилиэкпит иһиттэн 40-ча т оту, Төхтүртэн – 20-чэ т сенаж атыылаһабыт. Алтынньы ый саҥатыгар СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, улууспут баһылыга Дмитрий Тихнов кыстыкка киириини көрө кэлэ сылдьыбыттара. Этэҥҥэ кыстыыр инибит диэн эрэнэбит, — диэтэ “Тарат” кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ Петр Петров.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: