Бэҕэһээ тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин өйүүргэ туһуламмыт өрөспүүбүлүкэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Гранын кыайыылаахтара ааттаннылар.
Уопсайа 13 сайаапка көрүллүбүтүттэн алта кыайыылаах иһигэр киирэн, Араҥас нэһилиэгиттэн, Петр Петров бэрэссэдээтэллээх “Тарат” кэпэрэтиип 20 мөлүйүөн солкуобай үбү хотон тутуутугар өйөбүл быһыытынан ылла диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Тэрилтэ 2021 сыллаахха тэриллибитэ, бүгүҥҥү күҥҥэ биэс үлэһиттээх, элбэҕи эрэннэрэр эдэр дьон түмсэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Кэпэрэтиип Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үс сыллаах Тыа хаһаайыстыбатын сылынан олохтоммут граны кыайан, 65 төбө сүөһүнү атыыласпыт.
«Кэпэрэтиип ону тэҥэ нэһилиэнньэҕэ сүөһү көрүүтүгэр эмиэ өҥө оҥорор. Кэлэр сылга саҥа хотон туттан, хаһаайыстыба өссө кэҥиэ уонна сүрүн сорукпутун, нэһилиэнньэни төрүт аспытынан, этинэн, үүтүнэн хааччыйыыга тирэх тэрилтэнэн буолуо диэн эрэлбин биллэрэбин. Кэпэрэтиип бары үлэһиттэригэр чэгиэн буолууну, үлэҕитигэр ситиһиини, бигэ туругу баҕарабын!», — диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов санаатын эттэ.
Бу күннэргэ тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин өйүүргэ туһуламмыт Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Гранын кыайыылаахтара ааттаннылар. Тыа хаһаайыстыбатын…
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, Нам улууһун дьарыктаах буолуу киинигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ…
Бэҕэһээ Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр Чурапчытааҕы гимназия Инновация күнүн үөрүүлээх…
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, 11:49 ч. Дьокуускай куорат баһаарынай-быыһыыр сулууспатыгар Ленин проспегар баар 7 этээстээх…
“Цифровой алмаас” III федеральнай пуорум кэмигэр И.И.Фадеев аатынан үп-экэниэмикэ кэллиэһэ уонна “Школа 21. Якутия” бииргэ…
Сэтинньи 4 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлииригэр Арассыыйа уонна Саха…