«Тарат» кэпэрэтиип улуус баһылыгын граныгар тигистэ

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар биллэриллибит үс сыллаах Тыа хаһаайыстыбатын сылларынан сибээстээн, араас кэскиллээх тосхоллор торумнанан, олоххо киирэллэр.

Олортон  биирдэстэрэ — улуус Баһылыгын гранын куонкуруһа. Ааспыт нэдиэлэҕэ   Араҥас, Баатара, 3-с Мэлдьэхси, Холгума, Хаптаҕай, Тараҕай, 1-кы Баатара, Хара, Дьаҥхаады нэһилиэктэриттэн уонна Майа сэлиэнньэтин хаһаайыстыбалара улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт Баһылык гранын куонкуруһугар кэккэ кэскиллээх бырайыактары көмүскээтилэр. СӨ  тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анна Стручкова бэрэссэдээтэллээх куонкурус хамыыһыйата ирдэбилгэ толору эппиэттиир икки бырайыагы — Табаҕа уонна Араҥас нэһилиэктэрин хаһаайыстыбаларын  биисинэс-былааннарын талла.

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Ытык Сүбэ салалтатын — бэрэссэдээтэл Люлия Григорьеваны уонна кини солбуйааччыта Иннокентий Аммосовы, улуустааҕы Ытык Сүбэ салайааччыта Зиновий Игнатьевы кытта Тарат нэһилиэгэр үлэни-хамнаһы билсэ сырыттыбт. Бу нэһилиэк докумуоҥҥа киирэр аата «Араҥас нэһилиэгин тыа сирин түөлбэтэ» диэн эбит. Түөлбэ баһылыга Андрей Кычкин уонна «Тарат» ТХПК салайааччыта Петр Петров биһигини көрсөөрү, куонкуруска  бастакынан киирэн, бырайыактарын көмүскээн баран, айанната охсон, нэһилиэктэригэр төннөн кэлэн, үлэни-хамнаһы билиһиннэрэн барбыттара.

«Тарат» кэпэрэтиип бүгүҥҥү күҥҥэ олохтоохтортон 90-тан тахса  ынаҕы ылан кыстатан туруорар. Сиһилии бу туһунан кэпэрэтиип салайааччыта Петр Петров маннык билиһиннэрдэ:

Хаһаайыстыба салалтатын былаана үгүс. Өссө биир маннык 100 төбө турар хотонун туттуохтаах. Салгыы бүгүҥҥү үлэ-хамнас, түбүк туһунан кэпэрэтиип салайааччыта Петр Петров бу курдук кэпсиир:

Билигин олохтоохтор сүөһүлэрин кыстата турар  хотонноро ырааһа, киэҥэ сүрдээх. Тараттар сүөһүлэрин эрэ буолбакка, кустарын-хаастарын, кууруссаларын кытта туттараллар эбит.

«Тарат» ТХПК улуус Баһылыгын гранын куонкуруһугар эрэллээх кыайыытынан эҕэрдэлиибит, ситиһиилэрэ ити курдук сиэттиспитинэн кэлэн иһэллэригэр баҕарабыт!

Сиһилии бу хаһаайыстыба кэскиллээх бырайыагын «Тарат» кэпэрэтиип  туһунан «Саха сирэ» хаһыат бээтинсэтээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

32 минуты ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” пуорумҥа эдэр чинчийээччилэр 250-тан тахса дакылааты киллэрдилэр

Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Зеленскэйдээх кэпсэтиигэ хайдах тиийэллэрин туруорсаллар

Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.  

2 часа ago