Икки күн устата барбыт биллиилээх асчыт, Дьокуускайдааҕы өҥө технологическай тиэхиньикумун бочуоттаах выпускнига Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов 80 сааһыгар аналлаах “Тарбаахаптыы астыахха” үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэрэ түмүктэннэ. Күрэскэ Саха сирин араас улуустарыттан барыта 14 оҕо кытынна.
Тарбаховтар дьиэ кэргэн аатыттан кыттааччыларга, кыайыылаахтарга эҕэрдэ тылы И.И.Тарбахов кыыһа Агафья Харлампьева тириэртэ: “Туохтан да толлумаҥ, үөрэниҥ, сайдан, саҥаны билэн, бу курдук куонкурустарга кыттан иһиҥ”, — диэн эттэ.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Естествознание Арассыыйатааҕы академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, бэрэпиэссэр, билим дуоктара Константин Степанов Уһук Илиҥҥэ да, Арассыыйаҕа даҕаны манна ханыылыы күрэс суоҕун бэлиэтээн туран: “Бу кэскиллээх күрэс. Тоҕо диэтэххэ, сахалыы төрүт аһылык үгэһин, аһылык култууратын, сахалыы аһылыгы үүнэр көлүөнэҕэ тириэрдииттэн бүтүн саха норуотун кэскилэ тутулуктаах” – диэн бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы күрэс кыайыылааҕынан Таатта улууһун Дьохсоҕон орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Максим Попов таҕыста. Иккис уонна үһүс миэстэлэри Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик, Нам оскуолаларын үөрэнээччилэрэ Клавдий Егоров, Надия Ван Пой-Лин ыллылар.
“Олох кырабыттан астыыбын. Биэс-алта саастаахпар аан маҥнай сымыыттаах килиэби буһаран көрбүтүм.
Бу иннинэ улуустааҕы “Тарбаахаптыы астыахха” үбүлүөйүнэн сибээстээн ыытыллыбыт куонкуруска уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс улуустааҕы түһүмэҕэр кыттан бастаабытым.
Өрөспүүбүлүкэ күрэһигэр туһаныллар тэриллэрэ барыта баар эбит, бэйэ гиэнин таһар ирдэммэт. Аһылыгы эмиэ биэрэллэр. Онон бэлэмҥэ кэлэн астаатыбыт эрэ.
Мин харталаах, тыллаах саламаат буһардым, сливочнай соустаах сахалыы лапса, пюре оҥорбутум. Десертка иэдьэгэйдээх, чөчөгөйдөөх торт астаатым.
Кыайыыга эрэллээх этим. Ол гынан баран, сорох түгэннэргэ кыайтардым быһыылаах диэн толкуйдар эмиэ киирэн ылбыттара. Санаабар, десертим көстүүтэ баҕарбытым курдук табыллыбатах, кэтилиэтим арыый кыра соҕус курдук этэ. Уонна үс түһүмэххэ араарбыт буолан, атыттар төһө түргэнник, хайдах хамсаналларын көрбөккө долгуйан ылбытым, — диэн санаатын үллэстэр.
Максим саамай сөбүлүүр бүлүүдэтэ Тааттаҕа ыытыллыбыт куонкурус кэмигэр бэйэтэ айбыт “Пекинскэй” салаата буолар эбит. “Ааҕааччылары кытта ырысыапкын үллэстибэккин дуо?” диэн ыйытыыбар: “Билиҥҥитэ суох, кэлин, баҕар, кинигэ таһаарар буоллахпына онно киллэриэм этэ” — диэн олоҕун асчыт идэтин кытта ситимниир уонна номнуо кэккэ былааннардааҕын таайтара этэр.
Кыайыылаахтарга Үүнэр көлүөнэ пуондата туруорбут сыаналаах бириистэрин, мэтээллэри, кырааматалары, кыттааччыларга барыларыгар өйдөбүнньүк бэлэхтэри, туоһу суруктары туттардылар.
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…
"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…
Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…
Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…