Тарбах уонна майгы
Уһуктаах тарбахтаах киһи, сүнньүнэн, сайдыбыт куттаах-сүрдээх, айар дьоҕурдаах.
Төгүрүк тарбахтаах киһи – дьыалабыай, эргиэмсик, практик.
Кылгас, суон тарбахтаах улахан ытыс – сүрэҕэ суох, сэлээрчэх, тугу да баардыыла абат, улахаҥҥа уурбат майгы туоһута.
Ытыһа, тарбаҕа сөрү-сөп уурбут-туппут курдук буоллаҕына – үтүө санааны кэрэһилиир.
Тарбахтара чугас-чугас олорор буоллахтарына – үтүө майгыны, сэмэйи, санаабыты таска таһаарбат кэмчиэрийиини, өй-санаа олохтооҕун этэр.
Тарбахтара кэдирги барар, имигэс илии – киһи оҕурук майгылааҕын, сымсатын кэпсиир.
Ортоку тарбах улахан буоллаҕына – бу киһи былааһы таптыыр, атыттары соруйарын сөбүлүүр, кими да кытары аахсыбат.
Аата суох тарбах сөмүйэттэн улахан буоллаҕына – хаһаайын хайаан да бэйэтигэр сылаас-сымнаҕас сыһыаны эрэйэр.
Өскөтүн ылгын чыкыйа улахан буоллаҕына, бу киһи бэйэтин иннигэр улуу соругу туруорар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: